Бу сыл алтынньы ыйыгар саҥа тутуллубут Дьокуускайдааҕы кадеттар интернат-оскуолаларыгар Дьоруой аатын сүгэр оскуолаларга аналлаах сүлүөт ыытылынна. Бу тэрээһин Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар ананна.
Манна 9 улуустан 16 оскуола уонна Дьокуускай куораттан 7 оскуола кытынна. Биһиги улууспутуттан Социалистическай Үлэ Дьоруойун Иван Васильевич Волков аатын сүгэр улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Тэрээһин бырагырааматынан Арассыыйа Дьоруойун Филипп Александрович Евсеевы кытта көрсүһүү, “Математическай КВИЗ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи өй оонньуута, “Саллаакка сурук” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы акцияҕа кыттан суруктары суруйуу буолбуттар. Маны тэҥэ, үөрэнээччилэргэ хас да куонкурус ыытыллыбыт: “Киинэнэн бэйэни билиһиннэрии”, “Билиһиннэрии (визитка)”, “Быыстапка”.
“Киинэнэн бэйэни билиһиннэрии (видеопрезентация)” куонкуруһун түмүгэр биһиги гимназиябыт үөрэнээччилэрэ бастаабыттар. Кинилэр Иван Васильевич олоҕун түһүмэхтэрин хаартысканан, наҕараадаларынан билиһиннэрбиттэр.
Бу кыайыыларынан хамаанда кыттыылаахтарын Е.Бережнованы, Е. Оконешниковы, В. Батюшкины, А. Винокурованы, М. Шульганы, А. Дыдорованы уонна кинилэри илдьэ сылдьыбыт салайааччыларын М.Д. Акакиеваны истиҥник эҕэрдэлиибит.
Оҕолор кыайыыларын Иван Васильевич Волков 100 сааhыгар, гимназия 20 сылыгар, Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүгэр аныыллар, төрөппүттэригэр, учууталларыгар, гимназия салалтатыгар махталларын тиэрдэллэр.
Үбүлүөйдээх үөрэх сыла үөрэх кыһатыгар ситиһиинэн саҕаламмыта үтүөнү түстээтин, саҥаттан саҥа саҕахтар арылла турдуннар.
Ааптар: Светлана Третьякова