Улуус баһылыга Иван Лаптев бу күннэргэ Хатыҥнаах, Сиэн Күөл нэһилиэктэригэр нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын, тыа хаһаайыстыбатын туругун билсэн кэллэ.
Нэһилиэк баһылыктарын кытта улуус бүддьүөтүттэн өрөмүөннэммит оскуола спортивнай саалаларын көрдүлэр, Хатыҥнаахха кэлэр сылга муостатыгар анал бүрүөһүн ылыллан, оҥоһуллара наадатын дьүүллэстилэр. Бу саалаларга оскуола оҕолоро эрэ буолбакка, эдэр ыччат көхтөөхтүк кэлэн дьарыктанар сирдэрэ буолар.
Маны сэргэ тэрилтэ салайааччыларын кытта мунньах, биирдиилээн дьону кытта тус көрсөн кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Аныгыскы сылга мобильнай куйаар ситимигэр холбонор бырагыраамаҕа киирэргэ, хатыҥнаахтары өссө күүскэ үлэлэһэн биэрэллэригэр ыҥырда. Ойуһардаахха аныгыскы сыллааҕы өрөмүөн үлэтин былааннаатылар.
Светлана Третьякова.