Атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр Дьокуускай куоракка РФ уопсастыбаннай Палаататын «Сообщество» тэрээһинэ ыытылынна. Пуорумҥа Уһук Илини сайыннарарга судаарыстыба ханнык бэлиитикэни ыытарын, гражданскай уопсастыба кыттыытын, дьон олохсуйарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллиитин, социальнай бырайыактар тула кэпсэтии буолла. «Сэргэлээх уоттара» ХИФУ култууратын киинигэр 10-тан тахса түһүлгэнэн араас дьүүллэһиилээх, ырытыылаах олус интэриэһинэй мунньахтар буолан аастылар.
Олортон биирдэстэрэ дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын уонна көлүөнэлэр икки ардыларыгар сыһыаны харыстааһыҥҥа ананна. Бу кэпсэтиини демографияҕа РФ УоП Бэрэссэдээтэлэ Сергей Рыбальченко салайан ыытта.
Кини этэринэн, хас биирдии омук оҕону иитиигэ тус туспа үгэстээх, ол эрэн ол барыта биир төрүттээх, силистээх. Ол — көлүөнэ сибээһэ. Оҕону эбэ, эһэ, ийэ,аҕа, дьиэ кэргэн иитиитэ, олоҕор туллар тутаах буоларын, ыраахтан кэлбит ыалдьыт тоһоҕолоон эттэ.
Сергей Рыбальченконы кытта өссө 11 киһи санаатын эттэ, үлэтин сырдатта. Маны сэргэ уопут атастаһыылара, этиниилэр киирдилэр, ол курдук: оскуолаҕа «Семьеведение» диэн саҥа предмет киириитигэр, «неблагополучнай» диэн статустаах дьиэ кэргэттэри өйөөһүн, аҥаардас кинилэри эрэ өрө тутуу үксээн эрэриттэн, «үчүгэй» дьиэ кэргэн ахсаана аҕыйыыр кутталааҕа, «Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн күнэ» диэн судаарыстыбаннай бырааһынньык күнэ олохтонуутугар, от ыйын 8 күнүн-Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүн — судаарыстыбанан бигэргэммит өрөбүл күнүнэн олохтуурга, оҕону иитиигэ эт-хаан, өй- санаа, итэҕэл барыта биир сомоҕо буоларынан, дьиэ кэргэни таҥара итэҕэлин, уопсастыбаны биир ситим курдук олохтуурга, оскуола оҕотун аһылыга-доруобуйаҕа туһалаах иҥэмтиэлээх буоларын үрдүк хонтуруолга ылыыга, социальнай рекламалары элбэтиигэ, «Дьоруой Ийэ» наҕарааданы аҕаларга эмиэ аныырга, элбэх оҕолоох ийэ доруобуйатын анал эмчиккэ көрдөрүнүүтүн босхо оҥорууга, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһа, бүтэһик оҕо 18 сааһын туолуор диэри ааҕылларыгар уо.д.а., бэлиитикэ сокуонунан уларытыылар, өйөбүллэр баар буолууларыгар туһаайылыннылар. Бу курдук бэрт сэргэх былаһааккаттан астынан, санаа атастаһан, саҥаны истэн-билэн тарҕастыбыт, оҕо иитиитигэр сөпкө туһаайыыллыбыт этиниилэр олоххо киирэллэригэр баҕара хааллыбыт.
Ааптар: Изабелла Ноговицына, Өлөөкө Күөлэ бөһ.