Хоту улуустар кыһалҕалара элбэх, олору барытын тиспэппин.
Үс суоллаах боппуруоһу быһаарар буоллар, хоту сир олоҕо сэргэхсийиэх, дьон көһөн барыыта бытаарыах этэ, диэн санаабын ааҕааччыларга тириэрдэргэ быһаарынным.
Бастакытынан.
Саха бөһүөлэктэрин барыларын, бастатан туран, хоту бөһүөлэктэри – саҥаттан тутар, уопсай канализациянан хааччыйар, дьиэлэр аайы итии туалеты, бааннайы киллэрэр, уулуссалары, болуоссаттары тупсарар улахан бырайыагы олоххо киллэрэр наадалаах, тоҕо диэтэххэ саха норуотун 60 бырыһыана тыа сиригэр олорор. Хаһааҥҥыга диэри норуот улахан аҥаара таас үйэҕэ олоруохтааҕый? Сахалар, биһиги, 50 кыраадыс тымныыга наадабытын толорорго анаммыт доруобуйалаах үһүбүт дуо? Тыа сирин эр дьоно бары кэриэтэ простатит ыарыыга иэдэйдилэр, дьахталлар даҕаны онтон хаалсыбаттар. Тыа сирэ куораттан итэҕэһэ суох хааччыллыылаах буоллаҕына эрэ, оскуолаларга учууталлар кэлиэхтэрэ, балыыһаларга эмчиттэр үлэлиэхтэрэ, араас үөрэҕи бүтэрээччилэр тыа сиригэр олохсуйуохтара. Маннык бырагыраама ылыллан олоххо киирбэтэҕинэ, тыа сирэ иччитэхсийиэҕэ, нууччалыы эттэххэ, “заброшенные цивилизацией территории ожидает неизбежное одичание и деградация». Быыбар хампаанньата саҕаланна. Дьон бары чугастааҕы соруктары – кыра хотон тутуутун, спортсааланы, сыананы түһэриини, бырайыаһы уо.д.а. көрдөһөллөр. Кандидаттар олору үөрүүнэн сурунан иһэллэр. Улахан соругу ылбаттар. 20 сыл анараа өттүгэр Абрамович Чукотка бөһүөлэктэрин барыларын “дом – термос” бырайыагынан саҥардан туттарбыта, уулуссалары финскэй технологиянан оҥорторбута, балыыһалары, оскуолалары саҥардыбыта, гааһы бөһүөлэк аайы киллэрбитэ, ол саҕана бастыҥ интернет туруоруллубута, дьиэлэр бары туалеттаммыттара – соҕотох киһи өрдөөҕү кыайыытын билиҥҥи биһиги былааспыт тоҕо хатылыа суохтааҕый, ылсара эрэ наада. Норуоттар икки ардыларынааҕы пуондалар харчыларын туһаныҥ, Бастакы президент М.Е.Николаев туохтан даҕаны куттаммат булгуруйбат дьулуурун батыһыҥ – саха норуотун умнуллубат махталын ылыҥ.
Иккиһинэн.
Арктика улуустарыгар ититии сайыннары баар буолуохтаах. Сороҕор от ыйын бүтэһигэр биһиэхэ хаар түһээччи, атырдьах ыйыгар быйыл 7 – 12 кыраадыстан тахсыбата. Сайын буолла да, хочуолунай хаһаайыстыбата барыта өһүллэр диэн суох, дьуһуурунай хочуолу туруоран тымныы күннэргэ систиэмэ уутун саатар мүлүрүйэр гына отуннахха даҕаны сөп буолуох этэ. Маныаха салалта баҕарара эрэ наада, улахан дьыала, ороскуот буолбатах, дьон туһугар кыһаныы буолар. Сайыҥҥы сыырас, сыыстарыы оҕолорго, улахан дьоҥҥо олус охсуулаах, ону бары билэбит.
Үсүһүнэн.
Арктика олохтоохторо, омугуттан, бэҕэһээ кэлбититтэн, сааһын тухары олорбутуттан тутулуга суох, күн ахсын, сирэ – уута хааччаҕа суох, биир илиминэн балыктаан аһыылларын көҥүллүөххэ. Биһиги улууспутугар 10000 күөллээхпит, биир илиминэн хайдах даҕаны айылҕаҕа хоромньуну аҕалар кыахпыт суох. Балык – күннэтэ аһыыр аһылыкпыт, киин сир курдук хортуоппуй үүммэт, тиэйиитэ кыаллыбат уонна улаханнык аһылык оҥостубаппыт.
Бу үс суоллааҕы олоххо киллэрэр буоллар, хоту сир олоҕор сэргэхсийии тахсан, саҥа технологиялар арыллан, инновация сайдан, экэниэмикэбит бөҕөргүөх этэ.
Ааптар: Иннокентий Оконешников,
57 сыл үлэ ыстаастаах бэтэрээн.