Биһиги аҕабыт Андрей Макарович Фёдоров аан бастаан Эбээх начаалынай оскуолатыгар сэбиэдиссэйдии 1962 сыллаахха ананан кэлэн бэрт киэҥ толкуйдаахтык үлэлээбитэ.

26 саастаах эдэр киһи II Хаҥалас нэһилиэгэр таҥара дьиэтин оскуола буолан турарын өрөмүөннээн уһун сылларга элбэх ыччаты үөрэтэр кыһа буолан турбута. Манна эбии тутууну оҥорон, мусуой хоһун тэрийбитэ. Нэһилиэк олохтоохторо араас малы-салы, туттар тэриллэри бэлэхтээбиттэрэ.

Мин оччолорго алта саастаах, кыра сэрбэллибит кыысчаан ол мусуойга киирэн олус сэҥээрэн көрөрбүн өйдүүбүн. Саамай умнубатым муус маҥан куобах уонна улахан хаар эбэ чуучулалара баалларын өйдүүбүн. Атын малы-салы хантан өйдүөхпүнүй…

 

Кэнники Өлөөкө Күөлгэ көһөн үлэлии кэлэн баран,оскуола таһынааҕы эргэ дьиэҕэ эмиэ  мусуой тэрийбитэ. Манна элбэх араас экиспэнээттэр бааллара. Олор билигин да турдахтара. Айылҕаттан педагог аналлаах аҕам Андрей Макарович итинник кэлэр ыччакка көрдөрөр, норуотун историятын кэпсиир үтүө үлэни саҕалаан хаалларбыт эбит.

Ийэбит, үтүөкэннээх учуутал, Анастасия Васильевна кини үлэтигэр улахан көмөлөөҕө, сүбэһитэ этэ. Хоту дойду көтөрдөрүн чуучулалаан оҥороро, экиспэнээттэри үйэтитиигэ үлэлэспитэ. Онон мин төрөппүттэрим бар дьонугар үйэлээҕи оҥорон хаалларбыттара диэн киэн тутта саныыбын.

Бу Эбээххэ элбэх оҕолоох ыаллар Евдокия уонна  Николай Тырылгиннар улахан уоллара Коля. Андрей Макарович музей  оҥороругар оҕолору көмөлөһүннэрэрэ. Кэнники Николай Тырылгин убаастыыр учууталын суолунан, историк идэтин баһылаабыта, СГУ историческай факультетын бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар, оскуолатыгар история учууталынан айымньылаахтык үлэлээн иһэн олохтон туораабыта олус хомолтолоох.

Анастасия Колесова,

Андрей Макарович уонна Анастасия Васильевна Фёдоровтар улахан кыыстара.

Мэҥэ-Xаҥалас. Хаптаҕай нэһилиэгэ