Ханнык баҕарар киһи айылҕаттан айдарыылаах, айар-тутар аналлаах. Талааны сайыннарар, дьоҕуру сөпкө туһанар ураты көстүү буолар.
Биһиги нэһилиэкпитигэр удьуорунан дьоҕурдаах дьон элбэх. Кинилэртэн биирдэстэрэ улахан дьиэ кэргэн тапталлаах күн күбэй ийэтэ, айылҕаттан талааннаах, тула өттө сырдыгынан сыдьаайар Людмила Николаевна Лаптева буолар. Бу күннэргэ кини олоҕун орто омурҕанын бэлиэтиир «Тулабар кэрэни көрдөөммүн» айар киэһэтин бар дьонугар бэлэх уунна.
Кэрэ биэчэр Людмила Николаевнаны аҕата Николай Алексеевич сценаҕа сиэтэн киириитинэн саҕаламмыта олус долгутуулаах, умнуллубат ытык түгэн буолла. Людмила Николаевна айар биэчэрин «Өбүгэбэр махтал» диэн хоһоонунан саҕалаата. Эбэтэ Мария Гавриловна Третьякованы истиҥник ахтан, санаан баран, эйэҕэс эбэтигэр анаабыт ырыатын ыллаан, көрөөччү уйан дууһатын таарыйда. Кэрэ биэчэргэ Людмила Николаевна кыыһа Сайаана Куприянова Бах.Сарабанда и Жига матыыбын скрипкаҕа оонньоон көрөөччүлэр интэриэстэрин тарта. Людмила Николаевна олоҕун аргыһын Александр Михайлович Куприяновы билбэт киһи суоҕа буолуо. Ыал улахан уола Никита М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуона, кыыстара Сайаана, уоллара Павел муусука үрдүкү оскуолатын уһулуччу талааннаах үөрэнээччилэрэ, дьиэ кэргэн мурун бүөтэ Сайдам «Чэчир» уһуйаан иитиллээччитэ.
Биэчэр «Үлэ киһини киэргэтэр» диэн иккис түһүмэҕэр, «Чэчир» уһуйаан сэбиэдиссэйэ М.А.Винокурова Людмила Николаевна үлэтин билиһиннэрдэ. Кини айымньылаах үлэтин ахсаана биллибэт элбэх кырааматата, бэлиэ кубоктара, үлэлэрэ турбут быыстапката туоһулаатылар. Салҕыы «Истиҥ бэлэх» хомуурунньук сүрэхтэниитэ буолла. Людмила Николаевна суруйбут хоһоонноро сэттэ уопсай кинигэҕэ тиһиллэн тахсыбыттара. Маны таһынан түөрт хоһоон хомуурунньуктаах.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго анаабыт «Идэлэр» кинигэтинэн 2021 с.хоһоон ааҕыытыгар куонкурус ыытыллыбыта. 2022с. Дьокуускай куоракка СӨ Национальнай бибилэтиэкэ электроннай архыыбыгар «Уһуйаан» уонна «Айылҕа оҕотобун» хомуурунньуктара бэчээттэнэн киирбиттэрэ.
Бу сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон ааҕыытыгар күрэс ыытыллыбыта. Ааспыт сылга «Чугдаарар оҕо саас» үлэ туһунан суруйбут хоһооннорунан хоһоон ааҕыытыгар уонна уруһуйга куонкурус ситиһиилээхтик ыытыллыбыта.
«Истиҥ бэлэх» хоһоон хомуурунньуга оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитии-үөрэтии тосхолугар анаммыт. Босуобуйа оҕо өйтөн ааҕарыгар, тэрээһин сценарийын суруйарга иитээччигэ көмө буолуо диэн ааптар бигэ эрэллээх. Хомуурунньукка киирбит хоһооннору уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ доргуччу аахтылар. Биэчэр төрдүс түһүмэҕэр пластилинынан оҥоһуллубут дьоруойдардаах «Адил» диэн эбээн норуотун остуоруйатын, «Аҕам курдук буолуоҕум», «Баай Байанай» ойуулуктар көстөн, дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллылар.
Маны тэҥэ Людмила Николаевна уран тарбахтарынан тикпит маскарадтарын, сахалыы таҥастарын уһуйаан иитиллээччилэрэ, чугас дьоно, дьүөгэлэрэ, оҕолор төрөппүттэрэ сыанаҕа хааман, ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан көрдөрдүлэр.
Биэчэр Людмила Лаптева тылларыгар, Илья Константинов матыыбыгар ырыа буолбут хоһоонунан «Туругурдун ил-эйэ!» ырыанан, нэһилиэк аҕа баһылыга Иван Семенович Белоногов, үлэ тэрилтэлэрэ, бары аймахтара эҕэрдэлэринэн түмүктэннэ. Олох кэрэ түгэнин бар дьонугар бэлэх ууммут, үүнэр көлүөнэҕэ, олохтоохторго холобур буолар биир дойдулаахпытын Людмила Николаевнаны өссө төгүл үйэ аҥардаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит. Үктэммит күнүҥ үөрүүлээх буоллун, чэгиэн чэбдик доруобуйаны, оҕолоруҥ, иитиллээччилэриҥ ситиһиилэрэ үрдүккэ кынаттыы турдуннар, айар талааныҥ, дьоҕуруҥ арылла туруохтун диэн алгыыбыт.
Ааптар: Акулина Сибирякова, Хатыҥнаах бөһ.
Хаартыска: Биэчэр ааптара Людмила Лаптева