Бүгүн билиһиннэрэр дьиэ кэргэним нэһилиэк биир бас-көс туттар, холобур оҥостор, тыа хаһаайыстыбатын тутар, элбэх оҕолоох ыала. Ыал ийэтин кытта кэпсэтэн, ыстатыйам Дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Үөрэхтээһин сылларыгар бэйэтинэн тиһиллэн таҕыста. Онон «Дьиэ кэргэн» рубрикабытын Афанасий Иванович, Мария Максимовна Винокуровтар дьиэ кэргэттэринэн саҕалыыбыт.
Оҕону оҕо иитэр
Быйыл кэргэммин кытта олохпутун холбообуппут 22 сылбыт. Аҕабыт сылгы Собуотун Чоҥкуйа учаастагын ыстаарсай сылгыһыта, «Чөл олох» түмсүү чилиэнэ. Мин улааппыт-үөрэммит оскуолабар асчыт көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитим 20-с сылыгар барда. Улахан уолбут Иван оскуоланы быйыл бүтэрэр, кыыспыт Ирма 9-с кылааска үөрэнэр, Аполлон 6-с, Максим 2-с кылаас үөрэнээччилэрэ. Оҕолорбут саастарынан арыттаах буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин харайсан-көрсөн улааттылар.
Дьиэ үлэтэ — үлэ буолбатах, эбээһинэс
Улахан уоллаах кыыс дьиэлэрин-уоттарын хаһаайыстыбаларын тутан олороллор. Кыралар батыһан үөрэнэллэр, убайдаах эдьиийдэрэ улаатан бардахтарына кинилэр солбуйааччыларынан буолуохтара. Дьиэ үлэтигэр бары эбээһинэстээхтэр. Түөрт ынах сүөһүлээхпит, үһэ ыанньык ынах. Сайыҥҥы кэмҥэ төрүүллэр. Улахаттар иккиэн солбуйса сылдьан ынах ыыллар. 8 кууруссалаахпыт, 8 сылгылаахпыт. От-мас бэлэмнээһинэ, дьиэ тас үлэтэ улахан уолга сүктэриллэр, кыралар батыһан илии-атах буолаллар.
Оҕо эбии үөрэхтээх, дьарыктаах буолуохтаах
Оҕолор аҕаларын батыһан, төрдүөн мас тардыһалларын сөбүлүүллэр. Күрэхтэргэ кыттан миэстэлэһэллэр. Улахан уонна кыра уол тустуу сиэксийэтигэр дьарыктаналлар. Сайын оҕуруот, сир аһын үүнүүтэ кыыска сүктэриллэр. Үүннэрэр-чинчийэр дьарыгынан научнай практическай конференцияларга кыттар. Ааспыт сыл оҕуруот аһын атыылаатахха, төһө барыс киирэрин суоттаан-учуоттаан «Бизнес былаан» оҥорон көмүскээбитэ. Быйыл манна үүнэр отоннору хомуйан өрөспүүбүлүкэтээҕи чинчийэр үлэҕэ кыттыахтаах. Ваня эмиэ бизнеһинэн дьарыктанан, сиэбигэр үптэнэр буолбута иккис сыла. Ол курдук кини эһээтин Максим Егоровиһы кытта сааскы каникул күннэригэр күөл буорун (сэпэрэпиэли) хостоон, оҕуруот аһа, үүнээйи үүнүүтүгэр туһалаах хайысханы тобулбуттара. Сыл аайы сакааһа элбээн иһэр. Манна сылгы сүөһү эбии аһылыгар кытта туһаналлар. Сэпэрэпиэллээх уонна боростуой сир буоругар үүнээйини кэтээн көрбүппүт, сэпэрэпиэллээх буор быдан элбэх хаачыстыбалаах аһы биэрбитэ. Икки сыллааҕыта бу тиэмэтинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-ҕа кыттан I-кы миэстэ ылан «Штиль» дружбанан наҕараадаламмыта. Маны тэҥэ сайын кыра сааһыттан сайылыктарга дьонун кытта сүөһү көрөн, түптэ оттон уо.д.а үлэлэргэ сылдьан уһуйуллан улаатта. Орто уол Аполлон — көмпүүтэринэн үлэни, роботехниканан дьарыктанарын ордорор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска сахалыы «Буктрейлер» оҥоруутугар ситиһиилээхтик кыттан, олунньуга «Сосновый бор» лааҕырга сынньана барыахтаах.
Оҕурсуубут быйыл хойутаата
Оҕурсууну кыһыҥҥы кэмҥэ дьиэҕэ олордуунан үлүһүйбүтүм 4-с сыла буолла. Быйыл корнишон сиэмэлэрин сэтинньи ыйга олордубутум, билигин түөрт утах үүнэн турар, быйыл хойутаата. Дьиэҕэ үүннэрэр туох да уустуга суох, анал лаампа көмөтүнэн үүнэллэр. Сайын үүнэр астарбыт сиэмэлэрин олунньуга олордуохпут. Тиэргэммитигэр үс араас (салапаан, өстүөкүлэ, поликарбонат) тэпилииссэлээхпит. Кэтээн көрүүнэн оҕурсуу салапаан бүрүөһүҥҥэ ордук үүнэр, поликарбонаты күн тэһитэ киирэн буортулуур эбит.
Оҕоҕо көҥүл биэриэхтээхпит, эрэниэхтээхпит
Элбэх оҕолонуу, уҥуора биллибэт дьоллонуу буоллаҕа. Этиллибитин курдук оҕону оҕо иитэр. Оттон судаарыстыбаттан өйөбүл туһунан этэр буоллахха, кэмигэр араас көмө көрүллэр, бырагыраамалар бааллар дии саныыбын. Биһиги бу олорор дьиэбитин 2016 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа сирин дьонун өйүүр бырагырааматыгар тирэҕирэн туттан киирбиппит. Аспытыгар-таҥаспытыгар Дойду бэрэсидьиэнэ В.В.Путин 17 саастарыгар диэри оҕолоох дьоҥҥо биэрэр ыйдааҕы босуобуйата күүс-көмө буолар. Төрөппүт оҕотун үлэнэн иитэрэ эбээһинэһэ дии саныыбыт. Үлэни кыайар оҕо барытыгар бэлэмнээх, сайдыылаах, дьулуурдаах, күүстээх санаалаах, уопсастыбаҕа көхтөөх буолара саарбахтаммат. Оҕоҕо кэмигэр көҥүлү биэриэххэ, итэҕэйиэххэ, эрэниэххэ наада.
Ааптар: Саргылана Кокорина