Төрөөбүт дойдум туһугар үлэлиир баҕа санаам күүстээх

Билиҥҥи кэмҥэ үөрэхтэрин бүтэрэн дойдуларыгар үлэлии кэлэр дьон ахсааннаах. Ыччат ордук киин куоракка талаһар, тыа сиригэр олохсуйарын ыарырҕатар буолла. Ол эрээри үөрэхтэрин баһылаан дойдуларыгар үлэлии кэлэр ыччат биһиги улууспутугар бааллар. Кинилэртэн биирдэстэрэ, Орто Халыматааҕы норуодунай тыйаатыр эдэр, кэскиллээх режиссера — Борислав Колесов.

— Борислав, үгэс курдук маҥнай бэйэҥ тускунан билиһиннэр.
— Мин 2000 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм, оҕо сааһым Иккис Мээтис нэһилиэгэр ааспыта. Г.Г. Колесов аатынан Сыбаатайдааҕы орто оскуоланы 2018 сыллаахха бүтэрбитим. Игирэбин Святославы кытта А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба колледжын «социально-культурная деятельность» салаатыгар үөрэммиппит. Быраатым Ярославскай институт кукольнай тыйаатырыгар үөрэнэ барбыта. Билигин Москубаҕа аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы сылдьар. Мин Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар үлэбин саҕалаабытым. Ол үлэлии сылдьан, аармыйаҕа ыҥырыллан барбытым. Билигин бэйэ эрэ иннин көрүммэккэ, төрөөбүт дойдум култуурата сайдарын туһугар туруулаһа, төһүү күүс буола, үлэлиир баҕа санаалаах кэллим.

— Үлэҥ хайысхатын туһунан кылгастык кэпсээ
— «Кулума» култуура киинин иһинэн үлэлиир норуодунай тыйаатыр режиссерынан үлэлии сылдьабын. Мин иннибинэ СӨ култууратын туйгуна О.А.Винокурова өр сылларга үлэлээбитэ, маҥнай, кини бииргэ үлэлиэхпит диэн ыҥырбыта.
Билиҥҥи кэмҥэ тыйаатырга аҕам саастаах эрэ дьону буолбакка, эдэр ыччаты, оҕолору тэҥҥэ көҕүлүүр кэм уолдьаста дии саныыбын. Тоҕо диэтэр, аныгы үйэҕэ ыччат интэриниэт ситимин ордорон, дьиҥнээх олоҕу көрүүтүн таһыма намтаата. Олохпут төһөнөн сайдар да, дьон бириэмэтэ аҕыйаан, тыйаатырга сылдьыбат буолла.
Үлэбин ылсыахпыттан, араас таһымнаах элбэх куонкуруска кытынныбыт, куораппытыгар үгүс кэнсиэри, тэрээһини ыыттыбыт. Улахан маҥнайгы үлэбинэн, Евгений Замятин «Мы» (1920 с.) диэн романыттан «Нумера» испэктээги туруоруохтаахпын. Бу испэктээк, киһи олоҕу хайдах олоруохтааҕын көрдөрөр. Бу тэрээһиммитинэн ахсынньыга, култуура министиэристибэтиттэн кэлэр дьүүллүүр хамыыһыйа иннигэр, норуодунай тыйаатырбытын көмүскүөхтээхпит.
Испэктээк «Кулума» култуура киинин уонна улуустааҕы гимназия кэлэктииптэрин көҕүлээһиннэринэн уонна көмөлөрүнэн олоххо киирдэ. Гимназияттан 18 оҕо тыйаатыр куруһуогар дьарыктанар.
Куорат олохтоохторун хабар сыалтан, нууччалыы тыллаах испэктээги туруордум. Испэктээкпит уратыта диэн, артыыстар сыанаттан тахсыбакка, өрүү көрөөччү хараҕын далыгар буолуохтара. Маны сэргэ аныгылыы таһымнаах туруоруулары көрдөрүөхпүн баҕарабын.
Сүрүн артыыстарбытыгар, атын улуустар курдук үлэ быһыытынан хамнас төлөнөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын, тоҕо диэтэр дьон бэйэтин олоҕуттан бириэмэ ууран кыттар буоллаҕа. Хас биирдии испэктээк элбэх үлэни-сыраны, үбү-харчыны эрэйэр.

— Хаһааҥҥыттан култуура эйгэтигэр ылсыбыккыный?
— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, биһиги саамай мэник кылааһынан биллэр этибит. Бастакы испэктээкпитинэн, куоракка гостуруолунан кэлбиппит. Онтон, 2015 сыллаахха улуустааҕы «Туундара туллуктара» бэстибээлгэ, учууталбыт М.В.Колесова көҕүлээн, уонча буолан кыттаммыт, миэстэлэспиппит. Онно, аан бастаан тыйаатыр режиссерын Ольга Алексеевнаны кытта билсибитим. Ол саҕана, кини тыйаатыр туһунан, бэйэтэ тугу үлэлиирин-хамсыырын кэпсээбитэ. Онон кыра эрдэхпититтэн култуура эйгэтигэр чугаспыт. Учууталларбыт «Күннээҕинэн олорумаҥ» диэн этэллэрин, биир өттүнэн, сыыһа дии саныыбын, хас биирдии күнү сыаналыах тустаахпыт, сарсын туох күүтэрин билбит суох…

— Үлэҥ былааныттан ханнык сүрүн тэрээһиннэри көрөҕүнүй?
— Биир сүрүн сыалынан, улууспутугар улуу убайбыт Г.Г.Колесов туһунан сырдатар күүстээх үлэ ыытылларын көҕүлүөхпүн баҕарабын. Георгий Колесов туһунан испэктээк туруорар сыалтан, матырыйаал хомуйабын, ол эрэн, кини олоҕо ситэри арылла илигэ уонна эбии матырыйаал тиийбэтэ үлэни атахтыыр. Кини туһунан кинигэни ааҕан баран, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска кини аатын ааттатар, хаалларбыт кылаатын өрө тутар тэрээһиннэри, ахтыы киэһэлэрин уо.д.а. күргүөмнээхтик ыытыахха наада дии саныыбын. Улуу дьоммут ааттарын билиҥҥи көлүөнэҕэ хаалларбатахпытына, инникитигэр умнуллар да кутталлаах. Кинилэр олохторун билэр дьон сүтэн, баранан да эрдэхтэрэ.
Г.Г.Колесов аатынан уулусса уонна Сыбаатай орто оскуолата баар. Оттон пааматынньыга тоҕо суоҕуй? «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр, онон норуот да күүһүнэн бу боппуруос быһаарыллыан сөп буолуо диэн эрэнэбин.
Сэтинньи 23 күнүгэр улуу убайбыт төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолаары турар. Мин тус санаабар, кини аата Саха литэрэтиирэтин бырагырааматыгар киириэхтээх дии саныыбын.

— Игирэ доҕордоохпун диэтиҥ, доҕоргун кытта сибээскит хайдаҕый?
— Игирэбин олус суохтуубун. Кинилиин бииргэ сырыттахпытына ыарыыны да билиммэт курдук буоларбыт. Сибээс диэн баар эбит, холобура, кинини санаан эрийээри гыннахпына, киһим утары бэйэбэр эрийээччи, дьэ дьикти. Быраатым ыарыйдаҕына, сэрэйэн билээччибин. Бэйэ-бэйэбитин ахтыстахпытына, таайсар, ситэрсэр курдукпут. Бастаан тэйсэрбитигэр олус ыарахан этэ. «Игирэлэр биир киһи кэриэтэ дьон» диэн сөпкө да этэллэр эбит.
Бу курдук, ыччаппыт дойдутугар кэлэн үлэлиирэ, дойдутун туһугар долгуйара олус кэрэхсэнэр. Ыалдьыппыт айымньылаах үлэтигэр ситиһиилэри, тус олоҕор дьолу-саргыны баҕарабыт.

Ааптар: Оксана Слепцова

Читайте дальше