Олунньу 19 күнүгэр, интэриниэт ситимнэрэ кэпсииллэрин курдук, бэртээхэй тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Сарсыардаттан оҕо ускуустубатын оскуолатыгар улуустааҕы Дьахтар пуорума, киэһэтин «Кулума» култуура киинигэр «Халыма Хотун» улуустааҕы куонкурус буолан ааста. Пуорум, куонкурус кыттыылаахтара олус суолталаах тэрээһин ыытыллыбытынан сыаналаатылар, эрэдээксийэ почтатыгар, дьахтар кэмитиэтин салайааччыларыгар тэрийээччилэригэр аадырыстаах, элбэх истиҥ махтал, санаа үллэстии киирдэ.
Валентина Еремеева, Налимскай:
«Дьахталлар пуорумнара олус тэрээһиннээхтик, сэргэхтик ыытылынна. Бииртэн биир интэриэһинэй, иһитиннэриилэр, маастар-кылаас, хомуһунан эмтээһин уо.д.а, хас биирдии тэрээһин киһи уонна уопсастыба туһатыгар ананан тэрилиннэ. Пуорумҥа, сиэксийэлэринэн үлэлээн, толкуйдаан таһаарбыт этиилэрбит олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбит. Эбиэппит бириэмэтэ да эбиэтинэн эрэ муҥурдаммата. Ол курдук А.П.Явловская «Алазея» кафетыгар буор босхо эбиэттэтэн, туһунан бырагыраама быһыытынан, санаа атастаһыыта, бэйэ дьыалатын тэриниигэ сүбэ-ама уо.д.а. оҥоһулунна. Бары астынныбыт, истиҥ махталбытын тиэрдэбит! Дьахталлар баҕа санааларынан кынаттанан, тугу баҕарар кыайар кыахтаахтарын өссө төгүл итэҕэйдибит. Маннык пуорум сыл ахсын өссө сайдан, киэҥ далааһыннанан тэриллиэ диэн эрэнэбит».
Маны сэргэ эрэдээксийэбитигэр, «Халыма Хотун» куонкурус кыайыылааҕын Анна Слепцованы кылгастык бэйэтин туһунан билиһиннэрэригэр көрдөстүбүт.
Анна Слепцова, Эбээх бөһ.:
«Мин кэргэммин Михаил Слепцову кытта ыал буолан олорбуппут 32 сыла. Үс оҕолоохпут, үс сиэннээхпит. Оҕолорум номнуо үлэ дьоно, үөрэх тэрилтэлэригэр үлэлииллэр. Бэйэм «Дьүкээбил» түөлбэ салайааччытынан, бэтэрээн Сэбиэтин уонна оскуола боропсойууһун бэрэссэдээтэллэрин солбуйааччытынан буолабын. Куонкуруска, аҕыйах хонукка бэлэмнэнэн киирдибит. Марианна Гуляева уонна Мария Шадрина көҕүлээһиннэринэн, дьиэ кэргэммин бэлэмнээн, саба түһэн күүстээх үлэ ыытыллыбыта. Ийэм иистэнньэҥ буолан, тутатына таҥаспын-саппын бэрийбитинэн барбыта, кыыһым Сыбаатайтан кэлэн, өрөбүл күннэргэ видеороликпытын таҥмыта. Төрүччүбүн оҕолорум курдук саныыр дьонум, Олеся уонна Федор Колесовтар оҥорбуттара. Бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕэр, култуурабыт киинин исписэлииһэ Ульяна Сосина көмөлөспүтэ. Олохтоох дьаһалта массыыната босхо тиэйэ сырытта. Ийэм уопсастыбанньык буолан, кыра эрдэхпиттэн эмиэ барытыгар көхтөөх буола улааппыппын. Ийэм Анастасия Афанасьевна Макарова, билигин даҕаны ииһин туппутунан сылдьар, «Далбар» ырыа ансаамбылын ырыаһыта. Бу курдук оҕолорум эмиэ уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кытталлар. Бу соҕотох кыайыым буолбатах, бу нэһилиэгим, дьиэ кэргэним кыайыыта. Бары көмөлөспүт дьоммор, тэрилтэлэргэ кэмэ суох истиҥ махталбын биллэрэбин».
Ааптар: Саргылана Кокорина
Байды нэһилиэгин хамаандата / Ааптар: Саргылана Кокорина