Биһиги, Г.Г.Софронов аатынан агрохайысхалаах орто оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ кылааспыт салайааччытын Светлана Алексеевнаны кытта, бөһүөлэктэн тэйиччи баар «Чоҥкуйа» учаастагар баран ыалдьыттаан кэллибит.

Биһигини, мин эһэм Владимир Николаевич Винокуров уонна Алексей Алексеевич Винокуров икки буранынан илдьэ сырыттылар.

Бу учаастакка сылгы баазата баар. Итии-кутуу дьиэлээх, баанньыктаах, гараастаах. Тэлэбиисэригэр, интэриниэт ситимигэр, төлөпүөн сибээһигэр тиийэ барыта баар. Манна биһигини сылгыһыттар Афанасий Иванович Винокуров, Иннокентий Михайлович Винокуров уонна бэтэринээринэй сулууспа сэбиэдиссэйэ Василий Петрович Третьяков үөрэн-көтөн көрсүбүттэрэ.

Чоҥкуйаҕа быйылгыттан бизоннары иитиигэ аҕалбыттара. Биһиги сылгылары, бизоннары көрбүппүт. Саҥа тиийбит сирбитигэр саха сиэрин тутуһан, алаадьынан сирбитин-уоппутун аһаппыппыт.  Оонньоон, сибиэһэй салгыҥҥа сүүрэн-көтөн, күммүтүн билбэккэ аһарбыппыт.

Сылгыһыт идэтэ олус ыарахан, кыһыннары, сайыннары күн аайы, сынньалаҥа суох үлэлиир үлэ эбит. Мин эһэм Иннокентий Иннокентьевич Сивцев, үйэтин тухары сылгыга үлэлээбитэ. Кини 67 сыл устата сылгы мииниилээх бастаан сылгыһытынан, онтон сылгыһыттарга настаабынньыгынан үлэлээбитэ. Кини элэккэй майгылаах, күүстээх санаалаах, куруук көмөлөһөргө бэлэм майгылаах киһи буолан, бары сөбүлүүллэрэ.

Сылгыһыт идэтин тулуурдаах, күүстээх санаалаах эрэ киһи үлэлиэн сөп эбит диэн өйдөөтүм. Эһэм талан ылбыт идэтин сөбүлээн, үйэтин тухары үлэлээбит, кини туһунан үчүгэй өйдөбүл хаалбытыттан олус киэн тутуннум. Эһэм курдук буоларга кыһаллыам.

Бу умнуллубат үтүө сырыыны бэлэхтээбит учууталбытыгар, төрөппүттэрбитигэр, сылгыһыттарга махтанабыт.

 

Сулустаан Ильин,

агрохайысхалаах орто оскуола

3-с кылааһын үөрэнээччитэ,

Өлөөкө Күөл бөһ.