Олоҥхо — саха олоҕу анаарыыта, историята, философията, өркөн өйө. Олоҥхо — киһи кыаҕын, күүһүн-уоҕун, киһи үтүөтүн, чулуутун уруйдуур айымньы, саха норуотун киэн туттуута. Олоҥхо — киһиэхэ гимн. Олонхо киһи чиэһин үрдүктүк тутарга, киһини сыаналыырга, норуот үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга үөрэтэр, уһуйар. Норуот олоҥхонон ыччаты күүстээх-уохтаах, дьулуурдаах буоларга, сиэргэ-майгыга иитэр.
Олоҥхо дэкээдэтигэр оскуолабытыгар, сэтинньи 25 күнүгэр «Саас үйэ тухары саханы үрдэтиэ олоҥхо» диэн линейка ыытылынна. «Олоҥхо — саха героическай эпоһа» уруһуй быыстапката буолла. Переменаларга олоҥхо туһунан ойуулуктар, видеолар көрдөрүллүбүттэрэ. «Өбүгэ үгэһэ» диэн бибилэтиэкэ чааһыгар, сиэр-туом, үгэс туһунан ахтан аастылар, олоҥхо алыптаах тыллара этилиннэ.
Ону тэҥэ «Ай-тал» сынньалаҥ киинигэр Олоҥхо уонна Хомус күнүгэр аналлаах «Сахалыы дуорааннар» дьоро киэһэ буолан ааста. Бу дьоро киэһэҕэ оллоонноон олорон олоҥхолоотулар, чыыбы – чаабы чабырҕахтаатылар, ылбаҕай норуот ырыаларын дуораттылар, хобуллар хомус дьүрүскэнин хоһуйдулар, үллэр тыллаах үгэ, үйэлээх үһүйээн, оһуордаах оһуохай этилиннэ. Ити курдук олус тэрээһиннээхтик, интэриэһинэйдик Олоҥхо күнүн бэлиэтиир дэкээдэ ааһан, сүргэбит көтөҕүллэн туран атаардыбыт.
А.Н.Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолата