Сылгы Ыытардааҕы «Кэнчээри» оҕо уhуйааныгар «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик» күнүгэр аналлаах араас тэрээhиннэр ыытылыннылар

— кыра бөлөххө сахалыы аптаах остуоруйалары ааҕыы, көрдөрүү;

— ⁠орто бөлөххө «Сахам тыла»;

— ⁠улахан бөлөххө «Ийэ тылбытынан иитиллэбит, саха тылынан сайдабыт»;

— ⁠төрөппүттэргэ «Өркөн өй» күрэхтэр.

Кыайыылаахтарынан орто бөлөххө: Үрдэл I үктэлэ Березкина Лея, II-с Волкова Нарыйаана, III-с Шахов Богдан. Улахаттарга: Үрдэл I үктэлэ Слепцова Валерия, II-с Саввинова Аселия, III-с Сыроватская Сандрина. Төрөппүттэргэ: Үрдэл I үктэлэ Винокурова М.С.; II-с Березкина Л.С.; III-с Карпов Д.Г.

Ону таhынан «Айар» кинигэ кыhата таhаарбыт, оҕону норуот бэйэтин ураты тыыныгар биhиктээн иитиигэ күүс-көмө, тирэх буоларга туhуланар саҥа тахсыбыт кинигэлэри билиhиннэрдибит. Кэнчээри ыччаттарбыт өбүгэбит үтүө үгэстэрин иҥэринэн улаатан, саха буолан сандаардыннар, киhи буолан килбэйдиннэр!

Ааптар: Үрдүк категориялаах иитээччи Т.Д.Березкина

Читайте дальше