Тохсунньу 27 күнүттэн хаардаах-тибиилээх күн-дьыл туран, сырыы-айан суолугар үгүс моһол үөскээтэ.

СӨ «Аартыка суоллара» Орто Халыматааҕы филиалын начаалынньыга И.П.Моттуев иһитиннэрэринэн, бу күн Сыбаатай бөһүөлэгиттэн ураты бары нэһилиэккэ суол баар. Суолу кэтирэтэр, ыраастыыр үлэ Үөһээ Халыма кыраныыссатыгар уонна Эбээх-Сыбаатай хайысхаҕа ыытыллар. Суолу оҥорор икки сүрүн «Кировец» тиэхиньикэ өрөмүөҥҥэ турар. Биир суолталаах сонунунан, тэрилтэҕэ икки саҥа тиэхиньикэ: «Кировец» (массыныыс Иван Кокорин) уонна УАЗ массыына (суоппар Владимир Поличук) бэриллэн, Дьокуускай куораттан айаннаан иһэллэр.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше