Сонун, сэргэх быыстапка

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Үйэлээх мал» (өбүгэ утума) диэн бэрт ураты куонкурус Өлөөкө-Күөл бөһүөлэгэр ыһыах бырааһынньыгын умсугутуулаах тэрээһининэн буолла.

Манна олохтоохтор өбүгэлэриттэн илдьэ кэлбит малларын быыстапкаҕа таһаардылар. Дьэ манна иһит-хомуос, ат симэҕэ, киэргэлэ, туттар мал-сал о.д.а. тардылынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ нэһилиэкпит тумус туттар, ытыктыыр дьонноро Винокуров А.Н., Томская Е.Г. уонна Ефимова М.А. талыллан уустук үлэҕэ түбэстилэр.

Маннык куонкурус дьиэ кэргэҥҥэ утуму салгыыр, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах буолалларын билэргэ , харыстыырга иитэр үөрэтэр улахан суолталаах. Онон хас биирдии ыалга кэриэс буолан хаалар мал-сал, таҥас-сап, иһит-хомуос,туттар тэрил баар буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ харыстаан харалла сылдьан дьиэ кэргэн устуоруйатын кэрэһэлии сырыттын.

Ааптар: И.Ноговицына, Өлөөкө-Күөл б.

Читайте дальше