Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылыгар уонна Аан дойдуга тумэл кунугэр аналлаах Сылгы-Ыытардааҕы бибилэтиэкэ тэрийиитинэн, нэһилиэк талааннаах дьиэ кэргэнин, Аксинья Иннокентьевна уонна Мария Ивановна Оконешниковтар айар киэһэлэрэ ыытылынна.

Бу дьиҥнээх айылҕаттан талааннаах, айар куттаах дьиэ кэргэн. Кинилэр тылы ситимнээн хомоҕой хоһоону айаллар, иис абылаҥар ылларан, көмүс тарбахтарынан иис араас көрүҥүнэн дьарыктаналлар, ону тэҥэ дьиэ кэргэн Түмэлин үлэлэтэллэр. Манна араас кэмнээҕи мал-сал, нэһилиэк историятын кэпсиир экспонаттар бааллар.

Оконешниковтар айар түһүлгэлэригэр мустубут дьон, сөҕөн махтайан, эҕэрдэ эриэккэһин эттилэр, Аксинья уонна Мария айбыт хомоҕой хоһоонноро ааҕылыннылар, Аксинья Иннокентьевна хоһоонугар, олохтоох мелодист Василий Кокорин матыыбыгар, ылбаҕай ырыалар ылланнылар, иис-уус быыстапката турда. Нэһилиэкпит талааннаах дьиэ кэргэнигэр айар аартыктара арыллан, өссө даҕаны айа-тута, доруобайдык, дьоллоохтук олороллоругар баҕарабыт.

 

Жанна Винокурова, Сылгы Ыытар бибилэтиэкэрэ