Кулун тутар 8 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыстара, сааскы гостуруоллаах сырыыларын, Орто Халыма куорат «Кулума» култуура киинигэр, Алампа «Олох дьэбэрэтэ» дыраама эспэктээгинэн түмүктээтилэр.

Култуура киинин саалата «лыык» курдук көрөөччүнэн туолла. Дьон сахалыы тыыннаах, норуот сүрэҕэр номох буолан хаалбыт айымньыны биир тыынынан, иһийэн олорон сэргээн көрдө-иһиттэ.

Санатан эттэххэ, Саха тыйаатырын артыыстара биһиги улууспутугар олунньу 21 күнүттэн улуус бары нэһилиэктэригэр сылдьан, Алампа «Олох Дьэбэрэтэ», Антон Чехов «Кэргэн кэпсэтии» кэмиэдьийэни, Николай Лугинов «Кустук» остуоруйаны көрдөрдүлэр.

Маны сэргэ тыйаатыр артыыстара олохтоох нэһилиэнньэни, оскуола оҕолорун кытта көрсөн, быыс булан араас маастар кылаас тэрийэн ыыттылар.

«Кустук» эспэктээккэ дьон, ыт барахсан иччитин күүтэрин, бүтэһик тыыныгар диэри хаһаайынын ыҥыра сыппытын, уйадыйа, аһына көрдүлэр.
«Кэргэн кэпсэтии» кэмиэдьийэ дьон санаатын көтөхтө, артыыстар хайдах курдук оонньуулларын көрөөччү илэ көрөн астынна.
«Олох дьэбэрэтэ» норуокка номох буолан хаалбыт үһүйээн-испэктээк дьон биһирэбилин ылла. Дыраамаҕа былыргы үйэ олоҕо көһүннэ. Испэктээк норуот уос номоҕо буолбут өс хоһоонноругар «Киһи тыла-ох», «Киһи тыла- уоттааҕар абытай», уо.д.а. тирэҕирдэ. Ол курдук уустук дьылҕалаах икки эдэр дьахтар барахсан, баай-дуол, үрдүк соло, саат-суут, тулаайах баттала, хаһан да буоларын курдук «хоп-сип» кэбийиитинэн, дьылҕалара алдьанара көстөр.

Биһиги эрэдээксийэбитигэр, үс эспэктээккэ сүрүн оруолу оонньообут артыыстартан биирдэстэрэ Альберт Алексеев санаатын үллэһиннэ:

Орто Халыма улууһугар үс нэдиэлэ сылдьыбыппытын олох билибинэ хааллыбыт. Налимскайтан саҕалаан, саамай ыраах нэһилиэккэ Березовкаҕа тиийэ сырыттыбыт. Суоппардарбытыгар Алексей Верячовка уонна Василий Третьяковка тус махталбытын биллэрэбит. Байды уолаттарыгар биһиги бөлөхпүт «Мохсоҕоллор» диэн ааты иҥэрдибит. Түүннэри-күнүстэри бүөбэйдээн, харахтарын да быһа симпэккэ олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан илдьэ сырыттылар. Халыма суоппардарын күүстээх характердарын көрдөрдүлэр. Биир тылынан эттэххэ-өрө көтөҕүүлээхтик сырыттыбыт. Тус бэйэм, 11-с сылбын сырыылаах гостуруолларга сырыттым да, быйылгы, манна кэлбит сырыыбар бэркэ астынан, табыллан сырыттым диэн сыаналыыбын. Нэһилиэктэртэн Березовканы бэлиэтиэхпит этэ. Онно дьиҥнээх сырдык ыраас хааннаах, айылҕа дьонун, эбээн норуотун көрсөн сүрдээхтик дуоһуйдубут. Кинилэр дьиҥнээх айылҕа аһынан аһатан, итиитик-кутуутук бүөбэйдээн, бэркэ тэринэн, кыһаллан көрүстүлэр. Чуолаан Мариналаах Женяҕа туһунан махталбын, эҕэрдэбин тиэрдэбин.
Көрөргүт курдук, бары биир үөлээннээхтэр буолан сырыттыбыт, бииргэ үлэлээбиппит ыраатта. Жанна Ксенофонтова Айталина Винокурова-Цыпандина, Петр Домотов, Семен Алексеев, Вячеслав Лавернов, Владимир Винокуров, Айсен Лугинов, Алдан Готовцев. Саамай эдэр артыыспыт Василий Белолюбскай, кини артыыс буоларын таһынан, эпэрээтэрбит, уоппутун-күөспүтүн, тыаспытын-ууспутун бэлэмниир тутаах киһибит буолар. Саамай аҕам саастаахпыт, сүбэһиппит-амаһыппыт, киэн туттар киһибит, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Изабелла Васильевна Николаева буолар.
Артыыстар үксүн киинэҕэ уһуллар дьонунан буолаллар. Маннык ыраах сытар нэһилиэктэрдээх улуустартан, Үөһээ Дьааҥыга сылдьыбыппыт. Хоту улуустартан Өймөкөөҥҥө тиийэрбит хаалла. Орто Халыма улууһун дьонугар –сэргэтигэр, артыыстар ааттарыттан истиҥ махталбын, киэн туттуубун биллэрэбин. Орто Халыма дьоно-сэргэтэ ыалдьытымсахтара, дууһалара сырдыга, санаалара ырааһа, сыһыаннара сылааһа… киһи сатаан сыаналаабат.
Оннук биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр хаалардыы, өрө көтөҕүүлээхтик, астыктык, умнуллубаттык сылдьан бардыбыт. Хаһан эмит өссө саҥа бырайыактаах кэлиэхпит дии саныыбын.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше