Сааскы Хапсаҕайга 101 эдэр бөҕөс кытынна

Үөрэх дьылын сааскы каникулларын чэрчитинэн, сыл бастыҥын быһаарар, оҕо сыллааҕы ситиһиитин туоһулуур үгүс тэрээһин ыытыллар.

Ол курдук кулун тутар 22 күнүгэр «Родина» успуорт уораҕайыгар оскуола оҕолоругар улуустааҕы Хапсаҕай күрэҕэ буолан ааста. Быйылгы күрэххэ Орто Халыма куоратыттан, Өлөөкө Күөлүттэн, Сылгы Ыытартан, Налимскайтан, Сыбаатайтан, Ойуһардаахтан, Эбээхтэн, Арҕахтаахтан, уопсайа 101 оҕо кытынна.

Балаһыанньа быһыытынан оҕолор, 22 киилэттэн — 65 киилэ үөһэ ыйааһыҥҥа кыахтарын быһаардылар. Кыайыылаахтар анал мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Хамаанданан көрүүгэ, 8 хамаандаттан, I-кы миэстэни — Өлөөкө Күөлэ, II-с Орто Халыма к. («Боотур»); III-с Ойуһардаахтар ыллылар.

Чөмпүйүөннэр уонна призердар ааттарын эрэдээксийэ Телеграм ханаалыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.

Читайте дальше