Муус устарга Степан Николаевич Горохов аатынан оскуолабыт кыһата 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсөргө бэлэмнэнэр. Оскуолабыт устуоруйата олус баай, дириҥ уонна интэриэһинэй ис хоһоонноох. Бу үгүс сыл устата бииртэн биир дириҥ суолталаах уларыйыылар, саҕахтар киирэллэр. Оскуолабыт үйэлээх кэрдиис кэмигэр оҕолорго үөрэх-билии биэрэн, уопсастыбаҕа ытыктанар, үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолар үтүө, дьоһун дьону үөрэтэн-иитэн таһаарбыта.
Устуоруйаттан
1924 сыллаахха Дьөгдьүргэ Халыма илин эҥэригэр бастакы алын сүһүөх оскуоланы аһар туһунан, Саха АССР Совнаркомун уурааҕа тахсыбыта. Бу күнү-дьылы чуолкайдыырга 1993-1994 сс. Ойуһардаах оскуолатын кэлэктиибигэр, Халыма биллиилээх краеведа, Сиэн Күөл нэһилиэгэр төрөөбүт, Арыылаах оскуолатыгар 1932-1936 сс. үөрэммит Д.Г.Жирков өҥөтө улахан. Кини архыыптан наадалаах докумуоннары, ахтыылары булан 1994 с. оскуолабыт 70 саастаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ.
Дьөгдьүр оскуолатыгар маҥнайгы учууталынан Өлүөхүмэттэн диэкиттэн төрүттээх, комсомолец К.И.Шараборин үлэлээбитэ. Кини Д.Ф.Кочайцевы уонна Д.Л.Яковлевы кытта хомсомуол путевкатынан, Дьокуускайдааҕы сэбиэскэй партийнай оскуоланы бүтэрэн, Халыма уокуругар ананан учууталынан үлэлээбитэ, хомсомуол үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыта, оскуолаҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, учууталлаабыта уонна пионер-баһаатайдаабыта.
1925 с. ахсынньы 14 күнүгэр Халыматааҕы хомсомуол кэмитиэтин бюрота Дугдур (Дюгдюр) оскуолатыгар тэриллибит 13 пионердаах форпоһу бигэргэппитэ.
Үөрэнээччилэр Максим Бандеров диэн оҕонньор дьиэтигэр баар интэринээттэн, 2,5 килэмиэтир тэйиччи турар Николай Тарабукин балаҕаныгар тиийэн үөрэнэллэрэ. Кыра кыаммат оҕолору мас тиэйээччи остуорас таһара, арыый обургу өттө сатыы хааман тиийэрэ.
1927 сыллаахха 3-с Мээтис, Бороҕон, 3-с Байды, Ойуһардаах, Эҥэ нэһилиэгин дьоно кыттыһан, саҥа оскуола дьиэтин, интэринээти уһаппакка тутан, күнүгэр бүтэрэн үөрүүлэрэ үксээбитэ. Бу тутууга Н.Л.Ефимов уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.
Докумуонтан
Оройуон архыыбыгар «Материалы Дегдюрской школы Колымского округа (1929-30г.)» диэн дьыалаҕа (срок 2, опись 1, дело 3), оскуола урукку сэбиэдиссэйэ В.И.Березкин, саҥа сэбиэдиссэйгэ Е.А.Егоровка дьыала туттарбыт аахтата баар. 1925-1926 сс. үөрэх сылларынааҕы дьыаланы тутуспуттар. Оскуола 1929-1930 сс. үлэтин туһунан Е.А.Егоров дакылаатыгар баар. Онно «Үөрэх сыла 17.11.29с.-15.05.30с. буолбут. Оскуолаттан 400- 300 биэрэстэлээх территорияны, 3 Мээтис, Сиэн Күөл, Бороҕон нэһилиэгин хабан үлэлээбит, онно быһа холоон 1300 киһи олорбут, икки бөлөххө 19 оҕо үөрэммит», — диэн суруллубут.
Оскуола үөрэнээччилэрэ 128 күн, 466 чаас үөрэммиттэр. Үөрэтэр предметтэрэ: саха, нуучча тыла, математика, обществоведение, естествоведение, гигиена, физкультура, пение.
Сэбиэдиссэй-учуутал Е.А. Егоров анкетата маннык: сааһа- 5.03.30с.- 23 саас, 5 ый, саха, кэргэнэ, партията суох. Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму 1927-1928сс. бүтэрбит, ыстааһа 2 сыл, хамнаһа — 265 солк.60х. Оҕолор бары интэринээккэ олорбуттар: 7 оҕо нэһилиэктэр суоттарыгар, Е.А.Егоров уурайбытын нөҥүө үөрэх сылыгар урукку сэбиэдиссэй В.И.Березкин 1931-1932 сс. үлэлээбит. 1942 сыллаахха оскуола Таала-Күөл диэн сиргэ көһөрүллүбүтэ.
Сэрии сылларыгар
А.С.Тайшин сэбиэдиссэйдээх Сиэн Күөл нэһилиэгин алын сүһүөх оскуолатын оҕолоро 460 солк. сууманы, 2 суол итии таҥаһы, 2 көмүс ньуосканы, 3 көмүс манньыаты (50 г.) уонна 300 г. алтаны оборона пуондатыгар биэрбиттэрэ. Ону сэргэ үөрэх оҕолоруттан, учууталларыттан тэриллибит түүлээх бултааһынын биригээдэтэ 210 солк. суумалаах түүлээҕи туттарбыт.
1948 сыллаахха Ойуһардаахха алын сүһүөх оскуола аһыллар. 1949с. оскуола Таала Күөлтэн Мырдыҥныыр диэн сиргэ көспүтэ. 1953с. Мырдыҥныыр оскуолата Ойуһардаах оскуолатын кытта холбоспут.
1962с. пионерскай дружинаҕа М.К.Аммосов аатын иҥэрэллэр. 1963с. оччотооҕу кэмҥэ дириэктэринэн үлэлээбит Кривошапкин А.М., кэргэнэ Собакина П.П., Тихонов В.П. аан бастаан кыраайы үөрэтэр мусуойугар тэрийэн саҕалаабыттара.
Мусуой түөрт салааттан турара: 1-Кыраайы үөрэтэр; 2-Революционнай албан аат хоһо; 3-Үлэ албан аатын хоһо; 4-В.И.Ленин хоһо. Кэлин ити мусуой экспонаттара билиҥҥи Ойуһардаах историко-этнографическай түмэл тэриллэригэр тирэх буолбуттара.
Арыылаах оскуолатыттан кынат анньынан, оройуон, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит дьон үгүс. 1941-1942сс үөрэх сылыгар Орто Халыма орто оскуолата маҥнайгытын орто үөрэхтээх дьону таһаарбыта. Оройуоҥҥа бастакынан орто үөрэҕи 20-чэ оҕо бүтэрбитэ, олор истэриттэн, Сиэн Күөлүттэн Николай Лаптев, Николай Винокуров, Василий Антипин бүтэрбиттэрэ.
Ыаллыы нэһилиэктэртэн биир да оҕо бүтэрбэтэҕэ. Бу уолаттар салгыы үөрэнэн, Н.С. Лаптев ис дьыала миниистирэ, Н.А.Винокуров Миниистирдэр Сэбиэттэрин отделын сэбиэдиссэйигэр тиийэ үүммүттэрэ. В.К.Антипин оройуоҥҥа биллэр учуутал буолбута. Н.А.Винокуров Сиэн Күөл нэһилиэгиттэн соҕотох Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт киһи буолар. Д.Г.Жирков оройуоҥҥа араас эппиэттээх үлэҕэ үлэлээбитэ. Халыма кыраайын үөрэтэн, элбэх ыстатыйа суруйбута. Е.С.Лаптев — Сиэн Күөл нэһилиэгин сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн 21 сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
«Үлэ Кыһыл Знамя» уордьан кавалера, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Хас биирдии устуоруйа бу араас дьон олорон кэлбит олохторун, үлэлэрин, саҥа арыйыыларын чахчыта, кэрэһитэ, кэлэр көлүөнэҕэ хаалар нэһилиэстибэтэ буолар. Бу барыта умнуллубакка үөрэтиллэн, чочуллан, кэҥэтиллэн уонна үйэтитиллэн үтүө үгэскэ кубулуйар. Ол курдук араас кэмҥэ үөрэммит, бүтэрбит выпускниктарбытын, үлэлээбит учууталларбытын, үлэһиттэрбитин биһиги оскуолабыт умнубат, холобур оҥостор, киэн туттар. Урукку кэми өйдөөн, боростуой оҕо, учуутал олоҕун түгэннэрэ, оччотооҕу олох кэмнэрэ инники олоҕу түстүүргэ, тутарга, үөрэтэргэ тирэх буолар.
Ааптар: С.Н.Горохов аатынан Ойуһардаах орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Л.Г. Горохова