Ийээ, сыллаан ылыым дуу?

                                                                                                                                                         Ийээ, кууһан ылыым дуу?

                                                                                                                                                         Оҕо сааспын саныахпын,

                                                                                                                                                         Оҕо буолан ылыахпын…

Ст. Дадаскинов.

Биһиги күн күбэй, күн аанньал, тапталлаах ийэбит, Пелагея Терентьевна Созонова, үйэтин сааһын тухары, килбик майгылаахтык, истиҥ сыһыаннаахтык, үтүө суобастаахтык олоҕун устата олорбута. Ийэбит аҕыс төрөппүт оҕотуттан үс оҕо кыра саастарыгар күн сириттэн күрэммиттэрэ, биэс оҕону соҕотоҕун иитэн, такайан киһи оҥорбута. Биһиги, бука бары, бу устан ааһар олоххо бүтэһик күммүтүгэр, тыыммытыгар дылы, ийэбит сырдык мөссүөнүн илдьэ сылдьыахпыт.

Мин ийэм аҕатын төрүччүтүнэн (Аллараа Халыма улууһун Бороҕон нэһилиэгин биир бастакы кинээһэ 1747 с. сүрэхтэммит Иван Никитович Созонов «Лөгөй аҕа ууһа»). Төрөппүт аҕата, Бороҕон нэһилиэгин старостота Терентий Миронович Созонов кини 1907 сыллаахха дуоһунаһыттан уурайбыта. Ийэтин төрдүнэн Мария Яковлевна Сивцева «Таралыйар аҕа ууһа» I Хаҥалас нэһилиэгэ, ийэтин аҕата Яков  Сивцов (Бытыгырыыр), төрүччүтүнэн (Сортое Этяин, в крещении Егор Сивцов). Ийэбит аҕыс оҕолоох ыалга 5 оҕоннон күн сирин көрбүтэ. Бастакы Хаҥалас улууһугар 1914 с. олунньу 2 күнүгэр Енжинскай сыаркапка сүрэхтэммитэ.

Оччолортон баччааҥҥа диэри, сахалар үкээгирдэри, чуукчалары, эбэннэри кытта доҕор – атас буолан иллээхтик олороллоро. Күөллэр ууларын ыытан, мэччирэҥ сирин таһааран, сахалар сүөһү иитэн, Өлүөрэ туундаратын маһын саҕатыгар, билиҥҥитэ Андрюшкино бөһүөлэгиттэн биир көстөөх сиргэ, Арыылаахха олорбуттара. Биһиги төрүччү төрүттэрбит көмүс уҥуохтара онно көмүллэн сыталлар. Төрүттэрбит олохтоох дьоҥҥо ытыктанар, убаастанар баһылыктара буолан туундара киэҥ хонноҕор, эйгэтигэр кинилэр сырдык ааттара иҥэриллэн хаалбыттара.

Ийэбит Бороҕон улууһугар, Алаһыай нэһилиэгэр, Сталин, Буденнай холкуостарыгар, артыалларга кэлин, Алаһыай интэринээтигэр уонна остолобуойугар 25 сыл үлэлээбитэ. «Үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ», «Ийэ албан аата», (мэтээллэринэн) наҕараадаламмыта. Ат Аһатарга  (Ликбезкэ) кылгас кэмҥэ үөрэммитэ.

Комсомольский билет    № 5265350 открепительный талон  —  № 151

направлена в первичную организацию при колхозе “Хомууна ыллыга”, секретарь РК Игнатьев 16.04.1941г. Среднеколымский райком ВЛКСМ, печать.

Ийэбитин учууталлар, иитээччилэр, тех үлэһиттэр, интэринээт иитиллээччилэрэ, бөһүөлэк олохтоохторо бука бары улаханнык убаастыыллара, ытыктыыллара, ону ааһан, кини амтаннаах Пончик,, аһын, атын нэһилиэк  дьоно кытта, аныаха дылы мэлдьи, суохтууллар. Билигин даҕаны интэринээккэ олорбут, үөрэммит оҕолору ханна да, хаһан да көрүстэрбин мэлдьитин ийэм туһунан итиитик – истиҥник ахтан, санаан ылаллар. Мин ахтыыларбыттан биир түгэни манна ахтан ааһарбын көҥүллээҥ.

 

Пелагея аппата.

Төрөөбүт, үөскээбит оҕо сааһым биһигэ, Арҕахтаах бөһүөлэгэ, Алаһыай өрүс эмпэрэ сыырын үрдүгэр турар. Оччолорго Бэкээрнэ анныгар, өрүс олох кытылыгар, балаҕан дьиэҕэ оҕонньордоох эмээхсин олороллоро (ол балаҕан дьиэ ууга былдьаммыта ыраатта). Оҕонньор мас хаптаһынтан оҥоһуллубут тигии, ыаһынан ыһаарыламмыт, кыралаан ууну киллэрэр оҥочотунан, биһигини өрүс уҥуор, муус устар быыһынан туораппыта. Кини ол оҥочотун дөрүн — дөрүн чөлүгэр түһэрэригэр, тиит мас сымалатын оргутан, хаптаһын ыпсыытыгар таммалатар этэ. Тойон тарбаҕын силлээн баран, буруолуу сытар сымаланы ол тарбаҕынан таарыйдаҕына «чаар» гынар тыас иһиллэрэ, кичэйэн тарҕатан, силлии — силлии самылыктаан биһэрэ. Биһиги оҕолор ону көрөн, сөҕүү бөҕөнү сөҕөр этибит. Алаһыай өрүһү бөһүөлэк утары уҥуор туораан баран Абраам айааныгар барар суолу батыһаҕын уонна киһи уҥуоҕар чугаһаан истэххинэ кыракый аппа өрүскэ түһэр. Ол аппаҕа ийэм сыллата, саас өрүс мууһа эстиитэ, илим үттэрэ.

Биирдэ, ийэм көрдөһүүбүн быһа гыммакка, миигин батыһыннаран ол аппаҕа илдьэр буолла. Оччолорго мин уон иккилээҕим буолуо. Кэтэһиилээх күн өрөгөйдөөн, эбиэт кэнниттэн дьэ барар буоллубут.

Сааскы кэм. Күн уһаан, киирбэт буолан, төрөөбүт дойдум силигирии чэчирээн, кыаҕын ылан эрэр кэмэ. Көтөр аймах ахтылҕаннаах төрүүр — ууһуур дойдуларыгар дьулуһан, унньуктаах уһун айаҥҥа турунан, эргиллэн кэлэн саҥата, ырыата тыаны уонна алаастары толору туойар. Туундараҕа хатааһын буоллаҕына, көтөр — сүүрэр үксэ манна, дойдубар тохтоон, сынньанан ааһар. Мин дойдум сааскы кэмин олус таптыыбын. Оҥочо тиксибит кытылын үрдэлигэр, араас өҥнөөх бараахтар баттахтарын сараппытынан төхтүрүйэ — төхтүрүйэ охсуһан сахсаҥнаһаллар. Баччатааҕыга аҕыйах моҕус бырдах баара биһигини мэһэйдээбэт. Ийэм мас сүгэһэригэр куул баайылла сылдьар, иһигэр туох эрэ маллаах, онтун сүктэ, миэхэ чаанньык туттарда, сиэттистибит уонна дьэ, суолбутугар туруннубут.

Дулҕа быыһыгар хаар өссө да ууллубакка сытар. Үгүрүө киһи атаҕын анныттан соһуччу көтөн тахсан сүрэҕи хайыта сыһар. Халлааҥҥа өрө көтөн тахсан ,,уһу-уһу-уһу..,, уһутаабытынан сиргэ тобулу түһүөхтүү аллараа сурулуур, сиргэ тиийиэхчэ буолаат, өйдөнөн ,,бабат,, диэт, төттөрү халлааны былдьаһар, ол курдук күнүн баратар.

Тыраахтар суолугар, араас кыра көтөрдөр төттөрү таары көтөллөр. Чалбахтарга ,,хоҥор,, уу чырыптар үөрдэрэ, эргичиҥнии — эргичиҥнии ууну тоҥсуйаллар. Суол кытыытыгар мас булан кирийэн, үөмэн тиийэн, чырыптары бултаһабын. Таптаран бэрт, мас тиийиэн иннинэ «сур» гынан көтөн тахсан атын чалбахха баран түһэллэр. Мин чырыптары бултаһарбын ийэм көрө-көрө симиктик күлэрэ иһиллэр. Ол быыһыгар үөгүлүүр: — ,,Сэрэн, сэрэн илийээрэҕин! Эппитэ эрэ кэрэх, саппыкыбар ууну бастардым. Ийэм миигин дулҕаҕа олорто уонна ол дулҕа сиэлинэн угунньа оҥорбута сылааһа, сымнаҕаһа…

Саҥа быкпыт тиит мутукчатын сыта, сиккиэр тыалга олорсон, тула өттүттэн дыргыйар. Үрүҥ күн сырылыччы тыгар. Хойутаабыт хаас үөрэ аймана-аймана тус хоту өтүүлүү субуллар. Кус болдьоҕун тутуһан Абраам кусчуттарын сааларын тыаһа дөрүн — дөрүн сатараан иһиллэр. Кустар үөрдэрэ онон — манан өрүкүһэ, үөрэ — туойа, саҥара — иҥэрэ ардыгар көтөн ааһаллар.

Утары, аартык суолунан, маҥан аттаах киһи иһэрэ көһүннэ. Атын туйахтарыттан иһэхтэр кыырайаллар. Биһигини кытта тэҥнэһэн иһэн дорооболосто, тохтоото, атыттан түстэ. Орто саастаах, бытыктаах, сырайа балачча кэриэрбит, харахтара кырыыламмыттар. Атын үрдүгэр бэрэмэдэйдээх, ол үрдүгэр тиһик кустары ыйаабыт. Ийэбин кытта кыратык кэпсэттилэр уонна бөһүөлэк диэки ааһа турда.

Айан куһа ,,ээмиллэ,, үөрэ кый үөһээ айманар, кынаттарын тыаһа иһиллэр. Чочумча буолаат, былыты тэһэ түһэн, аллара сурулаабытынан бу көстөн кэллилэр. Ону иһиллээн, талбааран туран, үрдүк халлаан куйаарын одуулуу сатыыбын.

— “Мин да улааттахпына… кустуур буолуом!”,- диэн истэхпинэ ийэм миигин ыҥырар, ыксатар саҥата төттөрү бу дойдуга эргиттэ:

— “Чэ, тоойуом, ситэн ис”, — диэтэ. Ол курдук утайбатыбыт аппабытын буллубут. Аппа баһыгар ууга түһэн олорор үөр умсаахтар биһигиттэн үргэн халлааны былдьастылар. Чөкчөҥө чылыргыы — чылыргыы көтөр — түһэр, тоҥхоҥнуу — тоҥхоҥнуу сүүрэкэлиир. Кытылга халаан уута охтубут кур от быыһынан быгыалыы — быгыалыы төттөрү таары оонньуур. Уу үрдүнэн балык арҕаһын лаапчаана көстөн ааста, кытылга тиксибит кыра балыктар атахпыт тыаһыттан үргэн сэмсэллэр. Биһиги дьолбутугар, аппа тамаҕын, өрүс кэлимсэ мууһа бүөлүү аспыт буолан, аппабыт ыраас ууннан көрөн турар.

Ийэм: — “Тоойуом, эн уоту отторго үөттэ хомуй, бу манныгы”, — диэн баран малын бэрийдэ уонна миэхэ туһаайан өйдөнүмтүөлээхтик быһааран эттэ:

—  “Билигин биһиги илим үтэммит балык бултуохпут, оҥочобут суох, ол иһин мин аппаны туораан баран төннөн кэлиэм, эн олох долгуйума. Улааттаххына ханна эмэ сылдьан бу курдук, суһаллык, илими үттүөҕүҥ. Ол эрэн, эн эр киһи буоларыҥ саҕана, бу курдук ууну кэспэккэ оҥочонон, атын да көлөнөн, сылдьан илим үттэриҥ чахчы”, – диэн түмүктээт,

быаны ылан сааһылаан уурда, биир түмүгүн талахха баайа оҕуста. Саппыкытын, таҥаһын  устаат, быа иккис түмүгүн бэгэччэгэр баанна уонна илим таастыгана тутуурдаах ууга киирээри хардыылаата. Мин буоллар, ийэбин аһынаммын, ыксаан хаһытаатым уонна ытыахчы буоллум:

—  “Ийээ!… Ийээ, кииримэ да, кииримэ, ууга!”, — диэн көрдөстүм. Онуоха ийэм холкутук, оргууй аҕай, наҕыллык:

— ”Тоойуом, эн долгуйума, мин бу курдук уруккуттан балыктыыбын ээ, хата эн ити сылбахха быыкаатык олоро түс уонна куттаммакка, көрөн үөрэн”, — диэн уоскутта. Мин ийэм хас хамсаныытын сыыска — буорга түһэрбэккэ, барыта харах иччитэ буолан көрөн олордум.

Ол курдук ууну кэһэн киирдэр киирэн истин аайытын, ийэм тимирдэр тимирэн барда. Уу хабарҕатын ааһыыта дьэ харбаата, уҥуоргу кытылга тиийээт туран кэллэ. Талахтарга тиийдэ уонна суон талахха таастыганы баайда, быаны таастыган иһинэн киллэрээт, быатын туппутунан төттөрү харбаан аппаны туораата. Аҕалбыт быатын талахха баайда. Миигин куттаныа диэн тоҥмутун биллэримээри титириирин кистии сатыыр. Түргэн үлүгэрдик куулугар баар кураанах таҥаһын уларытынна, таҥынна, илийбит таҥаһын ыгынна уонна талахтарга хатара ыйаата. Илими ылан наардаата, биир курааҕыттан аҕалбыт быатын байда уонна төттөрү субуйда. Көрөн турдахпына илим кыра кыралаан ууга субуллан, киирдэр киирэн уҥуорга тиийдэ. Мин наһаа да сөхтүм ийэм албаһыттан, ол эбэтэр, кытылга туран, төттөрү таары сыымайдаан илими көрүөххэ сөбүн өйдөөтүм.

Ийэм уоту оттон уулаах чаанньыгы сиргэ аспыт оллоонугар ыйаата уонна сиэри — туому тутуһан, туох эрэ диэн иһигэр ботугураат, уокка алаадьыны бэристэ…Чаанньыкпыт оргуйарын икки ардыгар илим хотоҕоһо тардыалаабытынан барда. Ийэм илими субуйда, утайбата биир муҥур балыгы тэлибирэппитинэн илимтэн араарда. Сонно тута окко сытыаран балыгы хатырыктаата, астаата, кырбастаан баран иһиккэ ууран туустаата.  

Оо, уһун кыһыннаах тус хоту сиргэ, төһө да тоҥ балык астаах да буолларгын, сааскы сибиэһэйдии, чиикэйдии астаммыт балык ураты сыттаах, амтаннах, туохтааҕар да күндү ас буоллаҕа. Онон үөрэ — көтө, тото — хана аһаан, уоспутун — тииспитин сотуннубут, бултуурбутун салҕаатыбыт. Киэһэлик хас да балык тутуурдаах дьиэбитигэр төнүннүбүт. Алаһыай «Эбэбит» үрүҥ хатырыктааҕын утары ууммутуттан олус диэн астынныбыт.      Бөһүөлэккэ тийээт ийэм дьонугар — сэргэтигэр балыктары үлүүлээн араарда, таһааччыта мин буоллум. Ол курдук өрүс уута түһүөр дылы балыгынан тото-хана сыл ахсын аһыыр этибит. Бу мин ийэбин кытта бастакы илиминэн сааскы балыгы бултааһыным, оҕо сааһым биир өйдөнүллэн хаалбыт түгэннэриттэн биирдэстэрэ.

Кэлин, ол аппаны, Арҕахтаах олохтоохторо  «Пелагея аппата» диэн ааттыыр буолбуттара. Уола, Владимир Терентьевич Созонов — Күлүм.  РФ үлэ бэтэрээнэ, Аллараа Халыма Чиэрскэй бөһ. сэтинньи 09 күнэ 2023 с.

М.И. Старостина к.и.н. “Колымские якуты в середине XVII — начале XX вв. по материалам генеалогии» изд. Бичик г. Якутск 2009г. таб. 79.  Родословное Сивцовых по ревизским сказкам 1811 — 1858 гг. и по семейным спискам 1884 г., с метрической книги 1901 г. Дополнительно любезно предоставленным самим автором монографии М. И. Старостиной.