Номнуо атырдьах ыйа түмүктэнэн, Ыспааһаптары аһаран, сорох дьон быйылгы былааннарын толорон оттуур ходуһаларыттан таҕыстылар. Бүгүҥҥү күн туругунан улууска оттооһун былаана 92% тэҥнэһэн турар. Ол эбэтэр 4998 туонна от кыстыкка бэлэм буолбут. Ол курдук тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ, Сылгы Собуота 1638 туоннаны оттоон, былаана 96% туолбут, нэһилиэнньэ 2252 туоннаны ылан, 89% буолбут, бааһынай хаһаайыстыбалар — 92%, саппаас от —50% тэҥнэспиттэр. Оттон оскуолалар 104% былааннарын куоһарбыттар.

Ааптар: Саргылана Кокорина