Мин аҕабынаан
Мин аҕам аата Иван Васильевич Оконешников диэн, кини Халыма кɵрдүүр-быыhыыр этэрээтигэр быыhааччынан үлэлиир. Аҕам олус хорсун, түргэн, үлэhит, кɵмүскэс, аhыныгас майгылаах. Кини үлэтигэр элбэх наҕараадалаах, ситиhиитин куруук миэхэ кэпсиир, онон мин киэн туттабын. Ол курдук, кини уоттан, баhаартан дьону быыhаабыта, куосканы ʏɵhэттэн мастан түhэрэн хаhаайыннарыгар биэрбитэ, дьону ууттан быыhаабыта, сүппүт дьоннору булбута, тыа баhаарын умуруорбута, ыты муустан таhаарбыта, оҕолорго сэрэхтээх буоларга бэсиэдэ ыытар.
Аҕам миигин бултуурга, саха сиэригэр-туомугар үɵрэтэр. Аҕабынаан кустуубут, балыктыыбыт, куобахтыыбыт уонна онтон дьоммутугар, эбээлэрбитигэр бэрсэбит. Мин тустуу сиэксийэтигэр сылдьабын. Аҕам элбэх приему кɵрдɵрбүтэ. Күрэхтэhэрбэр кэлэн куруутун ɵйүүр, ситиhиилэрбэр үөрэр. Улааттахпына аҕам курдук күүстээх, хорсун, булчут, үлэhит, дьоҥҥо кɵмɵлɵɵх, дьон киэн туттар киhитэ буолуохпун баҕарабын. Мин аҕабынаан биир хамаандабыт, биир сутурук, биир сомоҕо буолабыт. Аҕабын олус күүскэ таптыыбын.
Оконешников Роберт, 3 «а» кылаас
Мин аҕабынаан бииргэ булка, балыкка сырыыларым
Мин аҕам уонна убайым миигин мэлдьи булка уонна балыкка илдьэ сылдьаллар. Биирдэ кустуу олорон мин күөл кытыытыгар андаатыры кɵрдүм. Сүүрэн тиийэн андаатыры илиибинэн кутуругуттан туттум уонна күөлгэ тɵттɵрү бырахтым. Онтукам бэйэбэр кэллэ. Мин эмиэ ылан бырахтым, андаатырым эмиэ кэллэ. Оннук үстэ бырахтым, кыылым дьэ барда.
Быйыл күhүн убайбын кытта ɵрүскэ сыаҥаанныы бардыбыт. Күөгүлүү турдахпына арай туох эрэ хаптарда. Мин олус үөрдүм уонна балыкпын биэрэккэ соhон истэхпинэ, балыгым куотан эрэрин, убайым кɵрɵн ыксаан балыкпын тэптэ уонна ууга охто сыста. Мин ону кɵрɵн олус күлбүтүм. Мин аҕам — саамай таптыыр киhим.
Петя Тарасов, 3 «а» кылаас.
Мин убайбынан киэн туттабын
Мин убайым Егор Егорович полицияҕа үлэлиир. Убайым бултуурун, айылҕаҕа сылдьарын олус сɵбүлүүр. Кини күүстээх, түргэн, үлэhит. Иллэҥ кэмигэр убайбынаан булка, куска, балыкка, отоҥҥо сылдьабыт. Кини миигин саанан ытарга, удочканан балыгы тутарга, чабаактыырга үөрэтэр.
Быйыл Чириково диэн сиргэ сэттэ күҥҥэ убайбынаан кустуу, хаастыы сылдьыбытым. Онно бэйэм 3 куhу бултаабытым. Айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому тутуhарга, айылҕаны харыстыырга сүбэлиир. Ардыгар убайым массыынаны ыытарга, дьиэ ис-тас үлэтигэр үөрэтэр. Мин киниэхэ куруук кɵмɵлɵhɵбүн. Убайбын олус убаастыыбын, кининэн киэн туттабын.
Кирилл Андросов, 3 «а» кылаас
Мой папа
Моего папу зовут Василий Михайлович Акакиев. В пожарной части работает 31 год. Он начальник 2-го караула.
Папа любит рыбачить, охотиться, как и все северные люди. Мы с братом всегда радуемся, когда папа нас берет с собой на охоту. Там он нас учит как охотиться, соблюдать правила на природе.
У нас в семье есть традиционные общие занятия по сезонам года. Весной ловля чебака, охота на уток, подготовка грядки. Летом сенокос, сбор ягод. Осенью грибная охота, сбор урожая, ремонт дома. Зимой уборка снега. Папа — это наш двигатель семьи. Он очень веселый, любит шутить и любит маму, детей и нашу собаку Валим.
Дима Акакиев, 3 «а» класс
Мой дорогой человек
Мой папа Иннокентий — один из самых дорогих людей в моей жизни. Он всегда старается поддерживать меня в трудные моменты. Папа очень трудолюбивый человек. Он работает в «Саханефтегазсбыте» сварщиком. У него очень ответственная должность. Несмотря на свою занятость, он всегда находит время для нас. Папа учит нас терпению, настойчивости и целеустремленности. Я очень горжусь тем, что у меня такой отец. Папа умеет многое. Он знает много интересных фактов. Отец учил меня играть в футбол, помогает мне с домашними заданиями. Мы вместе смотрим фильмы, играем в настольные игры. Я хочу стать таким отцом для своих детей.
Коля Бубякин 3 «а» класс