Орто Халымаҕа бэҕэһээҥҥиттэн тибиилээх тыаллаах күн-дьыл турар

Биллэн турар, хоту дойду холоруга, аҕыйах мүнүүтэнэн суолу тэҥнээн кэбиһиэн сөп буоллаҕа.
Онон чуолаан, айан-сырыы дьонугар, суолга-иискэ сэрэхтээх буолаллара ирдэнэр.

Аныгы итэриниэт үйэтигэр, күн-дьыл туругун кэтээн көрөн ыраах айаҥҥа турунуохха наада.

«Аартыка суоллара» ХТ тиэхиньикэлэрэ бу күн туһааннаах үлэлэрин, икки биригээдэнэн толороллор.
Ол курдук, былаан быһыытынан, бэҕэһээ, Арҕахтаах—Андрюшкино суолугар тахсыбыттара. Бүгүн Сылгы Ыытар— Ойуһардаах суолун туттулар. Биригээдэлэргэ иккилии улахан анал тыраахтар үлэлиир: биирэ суолу тэһэр, иккиһэ ыраастыыр, кэтирэтэр.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше