Ол курдук бааһынай хаһаайыстыбалар 683 туонна былаантан 598 туонна от ылан, былааннара 87,6% туолла.
Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ, сылгы Собуота — 1640 туонна от оттоон былаанын 105,9% аһары толордо. Нэһилиэнньэ, кэтэх хаһаайыстыбалар күүстэринэн 2153 туонна от оттонон былаан 82,4% тэҥнэстэ. Маны сэргэ 275 туонна саппаас от бэлэмнэнилиннэ, оҕо тэрилтэтин биригээдэлэрэ 121 туонна от оттоотулар.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын нэдиэлэтээҕи субуокката көрдөрөрүнэн от хаамыытын хартыыната маннык:
- Өлөөкө Күөлэ — 1345 туонна (110%)
- Сыбаатай — 390т. (100%), былаан — 390т.
- Сылгы Ыытар — 372т. (93,5%), былаан — 400т.
- Арҕахтаах — 372т. (93%), былаан — 400т.
- Ойуһардаах — 1146т. (88,1%), былаан — 1301т.
- Эбээх — 814т. (80,9%), былаан —1006т.
- Хатыҥнаах — 182т. (71,6%), былаан —240т.
- Налимскай — 166т. (33,2%), былаан — 500т.
Хаартыска: Ойуһардаах отчуттара