Орто Халыма улууһун үрдүнэн 2024 сыл саҕаланыаҕыттан бу күммүтүгэр дылы уопсайа 10 техногеннай баһаар бэлиэтэннэ

Баһаар туруута 70 бырыһыана көрдөрөрүнэн, дьон олорор дьиэтигэр-уотугар буолара көстөр. Хас биирдии ыал аһаҕас уоту дьиэтигэр туттуута олус элбэх буолар. Дьиэ, баанньык, гараж оһоҕун оттортон саҕалаан, уокка холбонор-туттар прибордарбыт ахсаанын ааҕан сиппэккин.

Олох ситимэ сайдан истэҕин аайы, туттуу-хаптыы өттүгэр эмиэ сэрэҕи күүһүрдүөххэ наада. Ол гынан баран, үксүгэр дьон баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуспакка, баһаар тахсыыта сылтан сыл аҕыйаабат, ардыгар киһи өлүүлээх баһаардар тахса тураллар.

Улууспутугар нэдиэлэ иһигэр икки баһаар бэлиэтэннэ. Ол курдук, куоракка куурусса пиэрмэтигэр котельнайдара умайда, 8 кв.м. иэҥҥэ хоромньу таҕыста.Сыбаатайга 82,9 кв.м. иэннээх чааһынай дьиэ уокка былдьанна. Бу түбэлтэлэр туохтан буолбуттарын билигин быһаара сылдьабыт. Кыстыкпыт тиийэн кэлэрэ аҕыйах хонук хаалла.

Онно эбии уоту туттуубут-туһаныыбыт элбиир. Бу күннэргэ оттуллар оһоххут алдьаныылаах буоллаҕына, өрөмүөн үлэтин ыытан, тутатына көннөрүөххэ наада. Дьиэ-уот эргэрбит, сиҥнибит проводкатын анал үөрэхтээх испэсэлиискэ уларыттарар, өрөмүөннэтэр ирдэнэр. Бу сүрүн үлэлэри, туох эрэ көннөрүүлэр баар буоллахтарына, тымныы түһүөн иннинэ оҥосторгутугар сүбэлиибит.

Хас биирдии киһи бэйэтин дьиэтин, баайын-дуолун бэйэтэ эрэ бас билэр, тупсарар кыахтаах, оҥостор эбээһинэстээх. Баһаартан сэрэхтээх буоларгытын өссө төгүл умнумаҥ!

Орто Халыма улууһун баһаарынай сулууспата

 

Читайте дальше