Орто Халыма улууһугар XVIII Спартакиада үтүө өйдөбүлү хаалларда

Быйыл бэтэрэннэр улуустааҕы XVIII комплекснай спартакиадалара Дойдуга Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылыгар уонна улууска Үөрэхтээһиҥҥэ ананан, Хатыҥнаах нэһилиэгэр муус устар 11-14 күннэригэр үрдүк таһымҥа ыытылынна. Тэрээһини улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Анна Сергеевна Волкова уонна Хатыҥнаах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Иван Семенович Белоногов иилээн-саҕалаан ыыттылар. Дьокуускай куораттан Хатыҥнаахтар тумус туттар уоллара, геологическай наука хандьыдаата, ох саанан ытыыга успуорт маастарыгар хандьыдаат Максим Васильевич Кудрин кыттыыны ылыыта дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтө.

XVIII бэтэрээннэр улуустааҕы спартакиадаларыгар 8 хамаанда, уопсайа 214 бэтэрээн-спортсмен кыттыыны ылла. Быйыл Сиэн Күөл, Березовка уонна Сылгы Ыытар нэһилиэктэрэ хамаанда туруорбатылар.

Успуорт сонуннара

Балаһыанньа быһыытынан, 11 көрүҥҥэ күрэс буолла. Бильярд, дуобат уонна саахымат көрүҥнэрэ Орто Халыма куоракка (муус устар 9-10 күннэригэр) ыытыллан, кыайыылаахтар тутатына наҕараадаланан, хамаандаларыгар сыаналаах очукуону эбэн үөрүү үктэллэннилэр.

Быйылгы спартакиада уратытынан, успуорт 11 көрүҥэр очукуо ааҕыыта хамаанданан түмүктэнэн, спортсменнар түмсүүлээх уонна биир тыыннаах буолалларын көрдөрдө. Оттон уһулуччу бастыҥ көрдөрүүлээх бэтэрээн-спортсменнар анал номинациянан уонна кырааматанан наҕараадаланнылар. Анал статуэткалары Сиэн Күөл, Сылгы Ыытар нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин Сэбиэтэ уонна хас биирдии хамаанда бэйэлэрин усунуостарыттан уйунан, Дьокуускайтан ситиилэрэ биһирэннэ.

Хамаандалар күрэстэрин хаамыыта таблицаҕа кэпсэнэринэн, күрэх көрүҥнэринэн уһулуччу көрдөрүүлээх анал ааттары ылбыт бэтэрээн-спортсменнары бэлиэтиибит. Ол курдук:

  • Бильярд көрүҥэр «Саамай аҕа саастаах спортсмен» — Петр Серафимович Комаров (куорат-II хамаандата), «Бастыҥ тиэхиньикэлээх оонньооччу» аатын Маргарита Спиридонова (Хатыҥнаах) ыллылар;
  • Дуобакка — «Өркөн өй» номинацияҕа Василий Гуляев (Өлөөкө Күөл) уонна Лариса Ефимова (Эбээх)тигистилэр.
  • Саахымакка — «Лучший шахматист» номинациянан Сергей Эрдынеев (куорат-I) уонна Светлана Слепцова (Эбээх) бэлиэтэннилэр.
  • Теннис көрүҥэр — «Лучший атакующий» Виталина Винокурова (Арҕахтаах), Иван Слепцов (Сыбаатай) буоллулар;
  • Пневматиканан ытыыга — «Бэргэн ытааччы» номинацияҕа Дария Борисова (Сыбаатай) уонна Алексей Бережнов (Хатыҥнаах) тигистилэр.
  • Волейбол көрүҥэр 4 номинация олохтонно. «Лучший нападающий» номинацияны куорат-II хамаандатын спортсменнара: Сергей Гуляев уонна Любовь Егорова ыллылар. «Лучший игрок» анал ааты — Андрей Дягилев (куорат-II) уонна Екатерина Тимофеева (Өлөөкө Күөл) тигистэ. «Лучший защитник» анал ааты Эбээх спортсменнара Анна Слепцова уонна Юрий Гуляев ыллылар. «Лучший связующий» аатын Ньургустан Третьяков (куорат-I) уонна Татьяна Егоровна Лаптева (куорат-II) хамаандатын спортсменнара таҕыстылар.
  • Хабылык-хаамыска көрүҥэр — «Сымса тарбах» номинацияҕа Мария Оконешникова (Налимскай), Николай Винокуров (Сыбаатай) тигистилэр.
  • Хайыһар күрэҕэр «Бастыҥ хайыһардьыт» анал аатынан Екатерина Потапова (Арҕахтаах), Андрей Кузьмин (куорат-II) хамаандата ааттаннылар.
  • Дартс көрүҥэр «Лучший дартсмен» диэн анал ааты Егор Кудрин (Сыбаатай), Мария Гуляева (Эбээх) ыллылар.
  • Хатыҥнаахтар спартакиадаҕа «Ох саанан ытыы» көрүҥүн олохтообуттарын бары спортсменнар сэргээтилэр. Манна «Байанайдаах ытааччы» үрдүк аатын Анна Слепцова (Эбээх), Спиридон Винокуров (куорат-II) хамаанда спортсменнара ыллылар. Маны таһынан бу көрүҥҥэ ох саанан ытыы маастара, Орто Халыма оройуонун чиэһин өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтик көмүскүүр Максим Васильевич Кудрин бэйэтэ туһунан анал бириис туруоран, «Абсолютнай чемпион» диэн анал номинацияны олохтоото. Манна дьахталларга Алена Парилова (Налимскай), эр дьоҥҥо Егор Кудрин уһулуччу бэлэмнээхтэрин көрдөрөн, кыайыылааҕынан таҕыстылар. Бу саҥа көрүҥ дьон-сэргэ болҕомтотун уонна интэриэһин тарта.

Түмүккэ куорат-II хамаандата бастакы, Сыбаатай хамаандата иккис, куорат-I хамаандата үһүс миэстэни ылан, үөрүү үктэлин биллилэр. Кыайыылаахтар 50, 30 уонна 20 тыһыынча суумалаах сэртэпикээтинэн наҕараадаланнылар.

Култуурунай тэрээһин

Улуус уопсастыбаннай үлэтигэр өрүү көхтөөх, бэтэрээннэр хамсааһыннарыгар үтүө кылааттарын иһин Анастасия Николаевна Слепцоваҕа уонна Петр Петрович Сибиряковка «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ» аат иҥэриллибитин, көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтилэр.

Хатыҥнаахтар Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Дьоһун мааны ыал» диэн олус интэриэһинэй күрэҕи ыытаннар, 7 дьиэ кэргэн араас түһүмэххэ кытынна. Кинилэр бэйэ холобурунан оҕону үөрэххэ, үлэҕэ уһуйан, идэни таба таларга, олоххо бэлэмнээх буоларга иитии сүрүн оруолу ыларын тоҕоһолоотулар. Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, талааннарын көрдөрдүлэр, успуорду уонна чөл олоҕу пропагандалаатылар. Түмүккэ Сыбаатай нэһилиэгин дьиэ кэргэттэрэ Дария уонна Егор Кудриннар «Бастыҥ дьиэ кэргэн» аатын сүгэн, улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин аатыттан дьупулуомунан уонна кырааматанан наҕараадаланнылар. Оттон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин Альбина Кондакова уонна Гаврил Созонов дьиэ кэргэнэ үрдүк сыанабылы ылла. Бу дьоллоох түгэҥҥэ Варвара Николаевна уонна Николай Николаевич Бережновтар тапталларын ымыы гынан олорбуттара 50 сыллаах үбүлүөйүнэн, Орто Халыматааҕы Үлэ уонна нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлээх буолуутун управлениетын салайааччыта Любовь Оконешникова 10 тыһ.суумалаах сэртипикээти тутарда. Оттон кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэр: Людмила уонна Александр Куприяновтар (Хатыҥнаах бөһ.), Оксана Винокурова уонна Александр Третьяков (Өлөөкө Күөл бөһ.), Лидия уонна Виктор Колесовтар (Налимскай бөһ), Мария уонна Егор Созоновтар (куорат) сыаналаах бэлэҕинэн уонна сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.

Иккис күнүгэр Федор Роббек аатынан култуурунай кииҥҥэ хамаандалар 2-лии нүөмэри туруоран, бэрт сэргэх тэрээһиннээх кэнсиэр буолла. Бу икки күннээх култуурунай тэрээһинтэн уопсайа 46 000 солк. киирбитин, Хатыҥнаахтар биир санаанан анал байыаннай дьайыы пуондатыгар анаатылар. Буойун уолаттарбытыгар ситиһиини, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕардылар.

Маны сэргэ олохтоох ааптардар кинигэлэрэ, «Имигэс илиилэр, талаан тарбахтар» диэн иистэнньэҥнэр быыстапкалара уонна Иван Белоногов, Максим Кудрин айылҕа дьикти түгэннэрин хаартыскаҕа түһэриилэрэ дьон болҕомтотугар турдулар.

Түмүккэ 2023с. бэрэссэдээтэллэр үлэлэрин отчуота билиннэ. Бастакы Хаҥалас (бэрэссэдээтэл О.П.Винокурова) бастыҥ үлэлээҕинэн ааттанан 25 тыһ.солк. наҕараадаланна, II-с миэстэҕэ Иккис Хаҥалас (бэр. С.И.Слепцова) 15 тыһ.солк, III-с миэстэҕэ Иккис Мээтис нэһилиэгэ (бэр. Н.Н.Гоголева) тиксэн, 10 тыһ.солк наҕараадаланна.

Спартакиада ыытыллытын туһунан тус санаалар

Владимир Слепцов (куорат-II хамаандатын хапытаана): Хатыҥнаах нэһилиэгин салалтатыгар уонна бука бары олохтоохторугар спартакиаданы үрдүк тэрээһиннээхтик ыыппыккытынан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Быйыл биһиги куорат-II хамаандата үчүгэй көрдөрүүнү ситистибит. Аҕыс хамаандаттан бастакы миэстэҕэ тиксэн, үөрүүбүт үгүс. Бу хамаанда бастакы ситиһиитэ. Ааспытын өттүгэр үһүс миэстэҕэ тиксэрбит. Хамаандам дьонун ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибин уонна хас биирдии спортсмен бэйэтин көрүҥэр дьарыгы тохтоппокко, инникитин спартакиадаларга сомоҕо түмсүүнэн кыттарга бэлэмнэнэллэригэр баҕарабын.
Маны тэҥэ биһигини итии-кутуу, ыраас дьиэҕэ олохтоон сүүрбүт-көппүт дьоҥҥо, күннэтэ бурдук, үрүҥ уонна хара аһынан күндүлээбит Хатыҥнаах нэһилиэгин үтүө санаалаах олохтоохторугар муҥура суох махтанабыт. Кыайыы көтөллөөх буоларбытыгар төһүү күүс буолбут дьоммутугар дьоллоох олоҕу, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.

Дария Борисова (Сыбаатай хамаандатын хапытаана): Спартакиада тэрээһинин үрдүктүк сыаналыыбын. Биһиги быйыл саанан ытыы көрүҥэр инники күөҥҥэ таҕыстыбыт. Ону тэҥэ Егор Кудрин ох саанан ытыыга абсолютнай чемпион буолан, үөрүүбүт үгүс. Бу көрүҥҥҥэ биир дойдулаахпыт Эдуард Васильевич Березкин олунньу ыйга дойдутун дьонун успуорт саҥа көрүҥэр үөрэтэр, сайыннарар баҕалаах кэлэн, 3 күн устата дьарыктаан, дьахталларга уонна эр дьоҥҥо тус-туһунан бириис туруоран, күрэх тэрийбитэ. Ол сырыыта биһиги спартакиадаҕа ох саанан ытыы көрүҥэр кыттыыбытыгар үтүө түмүктээх буолла. Ол курдук аан бастаан кыттан, бу көрүҥҥэ хамаанданан төрдүс буоллубут. Бэйэм волейбол, хабылык-хаамыска, пневматиканан ытыы уонна хайыһар көрүҥнэригэр кытынным. Ытыыга «Бэргэн ытааччы» номинацияҕа уонна хабылык-хаамыска көрүҥэр үһүс миэстэ тиксэммин олус үөрдүм.
Быйылгы спартакиада балаһыанньатыгар, хайыһар көрүҥэр ханнык стилинэн күрэх ыытыллара чопчуламматах буолан, биһиги классическай сүүрүүгэ бэлэмнэммит дьон оҕустардыбыт дии саныыбыт. Коньковай уонна классика диэн уратылаһалларын учуоттуохха. Онон бу күрэх көрүҥэр инникитин болҕомто уурулларыгар баҕарабын.
Хатыҥнаахтары хайгыыбын, күрэх бары көрүҥүн уһаппакка-кэҥэппэккэ чопчу болдьоммут кэмигэр ыыттылар. Түгэнинэн туһанан, биһигини маанылаан, минньигэс аһынан аһатан, итии-кутуу усулуобуйаҕа хоннорон түһэриммит үтүө санаалаах Е.М.Сибиряков, А.Е.Кудрин, М.И.Сибиряков, И.О.Сивцев, И.С.Белоногов, Д.М.Кудрина, Э.В.Березкин, М.И.Шкулева, П.П.Сибиряков дьиэ кэргэттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Леонид Пестряков (Налимскай хамаандатын хапытаана): Хатыҥнаах дьоҕус бөһүөлэк диэтэххэ, спартакиаданы тэрийиигэ бэлэмнээҕин көрдөрдө. Нэһилиэнньэтэ түмсүүлээҕин, биир сомоҕолоһуулаахтарын бэлиэтиибин. Дьоно-сэргэтэ олус ыалдьытымсаҕын, элэккэй майгылаахтарын уруккуттан билэрим.
Мин быйыл Налимскай хамаандатын хапытаанынан талыллан, кэккэ ыарахаттары аастым эрээри, дьонум инникигэ эрэллэрин ыһыктыбаттарыттан санаам бөҕөх этэ. Тус бэйэм волейбол уонна ох саанан ытыыга кыттаммын дуоһуйууну, астыныыны ыллым. Бу көрүҥҥэ Алена Парилова абсолютнай чемпион буолан, хамаандабытыгар үөрүүнү үксэттэ. Инникитин бу көрүҥүнэн дьарыктанарга баҕа баһаам, кыттааччы туһунан анал ох саалаах буоларын ситиһиэхпит. Биһиги хамаандабыт саахымат уонна дуобат көрүҥнэригэр кэнники тэбиллэн, өрө тахсарга олус ыарахан этэ. Ортотунан былырыын 7-с буолбут буоллахпытына, быйыл 5 миэстэҕэ тахсан, инникигэ эрэл баарын үөскэттэ. Күрэххэ кыттыбыт бары аҕа саастаах бэтэрээннэрбэр барҕа махтал тылларын тиэрдэбин. Дьоллоох, доруобай буолуҥ!

Николай Созонов (Өлөөкө Күөл хамаандатын хапытаана): Хатыҥнаахха бэтэрээннэр спартакиадаларыгар кыттаммыт 7-с миэстэ буоллубут. Быйыл бильяр, дуобат уонна саахымат көрүҥнэрэ Орто Халыма куоракка эрдэ ыытылланнар, биһиги спортсмен-бэтэрэннэрбит атын көрүҥҥэ кытталларыгар табыгастаах буолан биэрдэ. Хамаандабыт хайыһар көрүҥэр ыарырҕатта. Эһиил кыаллыбатаҕы кыайар инниттэн дьарыктана сатыахпыт дии саныыбыт. Бары тэрийбит, сүүрбүт-көппүт дьоҥҥо барҕа махтал буолуохтун.

Мотрена Колесова (Арҕахтаах хамаандатын хапытаана): Быйыл бэтэрээннэр улуустааҕы спартакиадалара нэһилиэкпит 90 сыллаах үбүлүөйүнэй тэрээһини кытта биир бириэмэҕэ буолан, спартакиадаҕа бэлэмнэнэргэ арыый ыгым этэ. Ол да буоллар хамаанда хомунан, нэһилиэкпит дьаһалтатын баһылыга Алексей Сивцев бэйэтэ кыттыыны ылан, бэрт көхтөөхтүк кытынныбыт. Үс көрүҥҥэ иккис миэстэҕэ тахсаммыт үөрүү үктэлин билбиппит. Саҥа киирбит ох саа күрэҕэр иккис миэстэни ылан, олус астынныбыт.
Оттон култуурунай чаас өттүгэр этиилээхпит. Дьүүллүүр сүбэҕэ хамаанда састаабыттан талыллара буоллар, мөккүөр тахсыа суох этэ. Тэрийэр нэһилиэк балаһыанньа оҥордоҕуна, оннунан хаалар уонна көтүрүллүбэтэ ордук. Тэрийэр нэһилиэк бэйэтин сөбүлээбит көрүҥнэрин киэллэрэрэ, утарсыллыа суохтаах дии саныыбыт.
Сырыы-айан күчүмэҕэйдэрин учуоттаан уонна Кыайыы 80 сыла буоларынан, аныгыскы спартакиаданы Орто Халыма куоракка ыытыллара буоллар диэн этиилээхпит.

Иван Белоногов (Хатыҥнаах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга): Хатыннаах нэһилиэгэр 50-тан аҕа саастаах дьон элбэх. Ол оннугар ыччаппыт ахсаана аҕыйах. Онон сиэттэрэн уонна урут ыытылла илигинэн, XVIII-с бэтэрээннэр спартакиадаларын Хатыҥнаахха ыытыахха диэн улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлигэр А.С.Волковаҕа этии киллэрбиппит. Онтон ыла бэлэмнэнэн, дьонум-сэргэм өйөөн, бу улахан тэрээһин этэҥҥэ ааста. Биһиэхэ, кыра нэһилиэккэ элбэх киһини батарарга, түһэринэргэ үчүгэй уопут буолла. XVIII спартакиада Гербэтин алын кылаас учуутала Марфа Николаевна Слепцова оҥоруута бигэргэммитэ.
Маны тэҥэ бэйэбит олохтоох уолбут, ох саанан ытыы көрүҥэр улууспутун дорҕоонноохтук ааттатар Максим Васильевич Кудрин анаан-минээн ыалдьыттыы кэлэн, тэрээһиммитин олус киэргэттэ. Быйыл бу көрүҥҥэ күрэс аан бастаан ыытылынна. Үгүс дьоҥҥо маастар кылаас көрдөрөн сүбэ-ама биэрдэ. Үөрэнээччилэргэ үлэтин хаамыытынан туһунан уруок ыытан, геология эйгэтигэр интэриэһи тарта. Онон, дойдутугар кэлэн тигинэччи үлэлээн барбытыгар истиҥник махтанабыт.
Спартакиадаҕа Иккис Хаҥалас, Иккис Мээтис уонна Алаһыай нэһилиэгин дьаһалталарын баһылыктара успуорт араас көрүҥнэригэр хамаандаҕа хапсан, кытта кэлбиттэрэ биһигини олус үөртэ, астынныбыт. Бары нэһилиэктэр уонна куорат хамаандаларыгар каадырабай булчут Гаврил Филиппович Третьяков буруолуу сылдьар «Булчут олоҕо» кинигэтин бэлэх ууннубут.
Биир санааҕа киирбит нэһилиэгим бары олохтоохторугар махтанабын. Икки күн устата буфет үлэтигэр сүүрбүт-көппүт култуура, оскуола үлэһиттэригэр, ыалдьыттарбытын сибиэһэй этинэн күндүлээбит Клара Дмитриевна Лаптеваҕа, судьялаабыт уолаттарбытыгар, чуолаан кылаабынай судьяҕа Сергей Раилович Охлопковка олохтоох дьаһалта аатыттан махталбын биллэрэбин.
Ытыктабыллаах бэтэрээннэрбитигэр, спортсменнарга биһиэхэ кэлэн, күрэхтэһэн, биир сомоҕо буолан үөрэн-көтөн, үтүө тыл эгэлгэтин анаабыккытыгар махтал!
Чөл-чэгиэн туруктаах, доруобай, дьоллоох буолуҥ!»

Ааптар: Анастасия Кокорина

 

Читайте дальше