Орто Халыматааҕы бэтэринээринэй сулууспа өрөспүүбүлүкэҕэ үйэ саастаах кырдьаҕас тэрилтэттэн биирдэстэринэн буолар.
Устуоруйа, архыып докумуона туоһулуурунан, бэтэринээринэй амбулатория бастакы сэбиэдиссэйинэн Г.И.Корякин анаммыт.
1929с. бэрт эдэригэр Анисим Александрович Поляков комсомольскай путевканан кэлэн, Орто Халыма уокуругар (Халыма үс оройуонун хабан) бэтэринээр бырааһынан үлэлээбит, онтон 1931-1933сс. өрөспүүбүлүкэҕэ бэтэринээринэй сулууспа салайааччытынан үлэлиир. А.А.Поляков улахан ааттаах-суоллаах, аптарытыаттаах учуонай, ВАСХНИЛ академига эдэр сааһыгар үлэлээбит Халыматыгар, 40 сыл кэннэ, 1969с. анаан-минээн уолун илдьэ кэлэн, дьону көрсөн барбыт. Бу сырыытынан сүрдээх интэриэһинэй «По непроторенным тропам» кинигэ суруйан таһаарбыта.
1929с. Аллараа Халымаҕа, 1948с. Үөһээ Халымаҕа арахсан, бэйэлэригэр бэтэринээринэй ыстаансыйалар тэриллибиттэрэ.
1935с. Орто Халыма оройуонугар бэтэринээринэй куурус аһыллыбыта. Онно С.И. Винокуров, В.Ф.Степанов Дьокуускайтан кэлэн балтараа ый үөрэтэн, дастабырыанньа биэрбиттэр. Онно Ф.Г.Третьяков (Хатыҥнаах), Н.Н. Бережнов (Сыбаатай) үөрэммиттэр.
1946-47сс. Абый, Аллайыаха, Муома, Үөһээ Халыма икки ардыралынааҕы холкуос оскуолата арыллыбыт. Дириэктэринэн П.П.Бубякин үлэлээбит. Уһуйааччынан Амматтан төрүттээх М.Ф.Кузьмина үлэлээбитэ, кэлин кэргэн тахсан олохсуйбута. Ол оскуолаҕа үөрэммиттэрэ: Арҕахтаахтан Е.Д.Созонова, идэтинэн 30 сыл үлэлээбит, Н.А.Третьяков — 15 сыл, С.С.Кокорин, В.Н.Созонов, Өлөөкө Күөлтэн Е.Г.Винокуров — 38 сыл үлэлээбит, Сыбаатайтан И.М.Слепцов — 18 сыл, Д.К.Антипин, Н.Н.Слепцов 8 сыл үлэлээбиттэр, Сылгы Ыытартан Н.С.Бандерова, Ойуһардаахтан А.Г.Жиркова, В.Н. Тарабукин, Эбээхтэн Н.А.Тырылгин 10 сыл үлэлээбит. Бу оскуоланы бүтэрбит дьону үүт – табаарынай пиэрмэ сэбиэдиссэйдэринэн, холкуос суотчуттарынан үлэлэппиттэр.
Бастакы саньытаарынан И.Е.Кокорин 1930-55сс. Өлөөкө Күөлүгэр, Ойуһардаахха үлэлээбит.
Араас сылларга ветстанция начаалынньыктарынан үлэлээбиттэрэ: С.И.Исаков наука дуоктара, В.В.Мокрощупов, К.А.Цыплухина оройуоҥҥа бастакы үрдүк үөрэхтээх, СӨ үтүөлээх бырааһа, 20 тахса сыл салайбыта. Ол кэннэ Р.Н.Антонова, К.Н.Мокрощупов, И.Е. Винокуров, М.И.Явловский үлэлээбиттэрэ.
Билигин 2005с. Н.Н.Новосельцев салайан олорор. Өр кэмҥэ эпизоотолог бырааһынан үтүө суобастаахтык Ю.И.Ганин, В.Г. Красильников, М.К.Кузьмина, Е.Г.Кондакова, Д.И.Винокурова, бэтэринээринэй биэлсэринэн С.С.Тайшин, П.Н.Бандерова үлэлээбиттэр. Бухгалтерынан С.К.Даурова, А.И.Золотарева, М.С.Березкина, А.П.Даурова, Т.В.Прима, М.М.Третьякова, М.К.Третьякова, отдел каадырынан В.И. Третьякова, Т.И. Солдатова, В.В. Слепцова үлэлээбиттэрэ.
Орто Халыма улууһугар сулууспа сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэн, ССРС араас өрөгөйүөннэриттэн кэлэн элбэх исписэлиис үлэлээбитэ, олортон А.Г. Моисеева, Ю.И.Ганин, Красильниковтар дьиэ кэргэттэрэ, А.А.Валитов, А.А.Поляков, С.К.Дауров, Н.С.Воробьев, В.Д.Кондратов, Н.М.Минаева, Грушиннар, Рыбалов, Баталов, Козлов, Державин, Ястребов, Трубкин Бокке дьиэ кэргэттэрэ буолаллар. Атын оройуоннартан: Н.И.Габышев, Саввиновтар дьиэ кэргэттэрэ, Я.Е.Филиппов, С.И. Исаков, М.Ф.Кузьмина, Е.Г.Кондакова, К.Н.Мокрощупов, Р.Н.Антонова үлэлээбиттэрэ.
1956с. оройуоннар икки ардыларынааҕы ветбаклаборатория бастакы дириэктэринэн Н.А.Бокке анаммыт, 1958с. В.В.Грушин, 1960-62сс. А.П.Никитина, 1962-1985сс. М.Т.Иванова үлэлээбиттэрэ.
Оччотооҕу үс Халыма оройуонун хабан чинчийэр үлэ ыыттылар. Элбэх ынах, таба сүөһү, дьиэ кыылын туругун былааннаахтык бэрэбиэркэлээһин үлэтэ ыытыллыбыта.
Кэлин сыыйа олохтоох каадырдар орто анал уонна үрдүк үөрэхтэрин бүтэрэн кэлэн үлэлээн барбыттара. 1985-2001сс. олохтоох ветбыраас Т.П.Третьяков, 2001- 2011 сс. С.В. Васильев, 2011-2022сс. В.В.Созонова, 2022-23 сс. С.В. Винокурова үлэлээбиттэрэ. Билигин Г.В.Сивцева салайар. Серолог ветбырааһынан өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээбит А.Г.Моисеева, Н.П.Тарабукина (бэтэринээринэй билим дуоктара), билигин Е.А.Ефимова, токсиколог бырааһынан В.Н.Красильникова, мясоконтрольнай ыстаансыйа сэбиэдиссэйинэн Н.М.Минаева, М.М.Григорьева, лабараанынан Т.А.Сухих, Е.А. Ильина, Л.М.Лаптева, саньытаардарынан Е.В.Гундина, Л.В.Дьячкова, Н.К.Лаврова, А.Ф.Волкова, С.К.Горина, М.Н.Бережнова, О.И.Оконешникова, билигин Э.А.Жиркова ааттарын киэн тутта ааттыыбыт. Лаборатория сүрүн хайысхатынан ветеринарнай-санитарнай туругу кэтээн көрүү буолар. Сүөһүттэн ылыллар, бэйэ оҥорон таһаарар уонна тастан киирэр бородуукталара хаачыстыба өттүнэн киһиэхэ куттала суох буолуутун хааччыйыыга хонтуруол күүскэ ыытыллар.
Улууспут оҥорон таһаарар бородууксуйата экология өттүнэн эҥкилэ суох ырааһын ситиһии- ветеринарнай чинчийэр лабораториябыт биир тутаах соруга.
Хоту улуустартан аан маҥнайгытынан 2011с. лабораториябыт Россия аккредитациятын ситиһиилээхтик ааһан, эт, үүт, балык, сымыыт уо.д.а. ылыллар бородуукталары толору микробиологическай, физико-химическай чинчийиилэри ыытар көҥүлү ылбыта. Утумнаах уонна сыралаах үлэ түмүгүнэн, оройуоҥҥа ынах сүөһү сыстыганнаах ыарыыта (сэллик, бруцеллез, инфекционнай вагинит, эмкар, колибактериоз, кокцидиоз, сылгы сүөһүгэ паратифознай аборт, килиэккэлээх кыылга инфекционнай гепатит, чесотка, стригущий лишай) суох оҥоһуллубута.
Ааспыт үйэҕэ оройуоҥҥа сотуун ыарыы киэҥник турбута, оччотооҕуга элбэх ынах, сылгы, таба сүөһү көнньүнэн өлбүтэ. Кэлин вакцинация, быһыы биэрии көмөтүнэн бу ыарыы суох буолбута.
Сопхуос кылаабынай ветбыраастарынан И.А.Саввинов, Я.Е.Филиппов, О.А.Валитов, К.Н. Мокрощупов, Е.И.Попова, отделение ветбыраастарынан өр сылларга үтүө суобастаахтык В.Е.Лаптева, Е.Г.Тарасов, В.Н.Колесова, А.А.Слепцова, В.Н.Винокуров, ветбиэлсэринэн А.Н.Слепцов, Д.П.Кокорин, кэргэннии Е.Н.,И.Д. Максимовтар, А.С.Явловская, С.С. Явловский, Н.И.Колесова, Е.Г.Винокуров, А.П.Кудрина, И.Н.Яковлева, Г.Г.Макаров, П.А. Заровняев, Е.И.Слепцова үлэлээбиттэрэ.
Бу исписэлиистэр сэбиэскэй кэмҥэ үлэлээбит дьон, о.э. Саха АССР тэриллиэҕиттэн 1991с. диэри, Сойуус ыһыллыбытын кэнниттэн Саха бастакы президенэ М.Е.Николаев (идэтинэн бэтэринээр, өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбит) ыйааҕынан 1992 сыллаахха муус устар 3 күнүгэр Саха сиригэр Биир кэлим бэтэринээринэй сулууспа тэриллибитэ.
Ити кэмтэн Государственнай бэтэринээринэй сулууспа үлэтин саҕалаабыта. Исписэлиистэр бу тэрилтэҕэ киирбиттэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ улуус үрдүнэн 1 ветлечебница – 4 штаттаах, 2 ветучасток – 3 исписэлиис, 6 ветпункт баар. 6 үрдүк үөрэхтээх, 9 орто анал үөрэхтээх исписэлиистэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бэтэринээр биир сыаллаах-соруктаах үлэтинэн, эпизоотическай ыарыы утары үлэ, киһиэхэ-сүөһүгэ туох биричиинэттэн кутталлаах ыарыылар үөдүйбүтүн, аһа-үөлэ төһө буортулааҕын быһаарыыга, лабораторнай анаалыстары тутатына оҥоруу, быһаарыы буолар.
Маны сэргэ «Бэтэринэриийэ» сокуоннарын ирдэбилин туһунан үлэни ынах, сылгы, таба, кыыл ииттээччилэригэр өрүү ыытыахтаах.
Ол курдук 1996с. СӨ «Закон о ветеринарии РС(Я)» ылыллыбыта. Бу иннинэ РФ сокуонунан олоҕуран үлэ барара. Биир кэлим судаарыстыбаннай бэтэринээринэй сулууспа тэриллибитэ. Департамент начаалынньыга Т.Д.Каратаева салалтатынан өрөспүүбүлүкэҕэ бэтэринээринэй инспекция үлэтэ күүһүрбүтэ. Аныгы кэм ирдэбилинэн, сулууспа араас федеральнай бырагыраамаларга («Меркурий», «РегАгро», «Веста», «Сервер», «Харриот») олоҕурар.
Бу хайысханан быраас Т.И. Котельникова үлэлиир.
Аан дойдутааҕы ветеринария киһи-аймах чөл буолуутугар сүҥкэн улахан суолталаах. Кини улууканнаах туһата – киһи аймаҕы иҥэмтиэлээх аһынан хааччыйыыга ресурсаны эбэн биэрии буолар. Ити ураты оруолун умнар сатаммат. Тоҕо диэтэххэ, ветеринарнай наука уонна практика ситимин интернациональнай суолтата итиннэ сытар. Ветеринария сүөһүнү иитии хайысхатынан эрэ муҥурдаммат, кини бары патологическай хаамыылары тэҥнээн көрөр.
Орто Халымаҕа бэтэринээринэй сулууспа тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн бары кэллиэгэлэрбитин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕитин үрдүктүк сыаналыыбыт, махтанабыт. Үлэҕитигэр ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт!
Ааптар: Улуустааҕы бэтэринээринэй сулууспа кэлэктиибэ