Атырдьах ыйын 11-13 күннэригэр Орто Халыматтан төрүттээх бэтэрээннэр көрсүһүүлэрэ Үөһээ Халыма улууһун Мангазейка учаастагар бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Бу өртөн ыла ымыы гыммыт ыра санаабыт Орто Халыма куорат 380 сылыгар ананна. Айылҕабыт анаан-минээн иһийэн, тупсан, киэркэйэн, мин эһиги үөрүүгүтүн тэҥҥэ үллэстэбин диэбиттии туран биэрдэ. Айаммыт устатын тухары Халымабыт кэрэтин сөҕө-махтайа, ардыгар баһаартан эмсэҕэлээбит тыабытын сонньуйа, харааста көрдүбүт. Аҕам саастаах бэтэрээммит Та-тьяна Николаевна Лаптева хас биирдии учаастагы кэпсээн-ипсээн сырдатан, 12 бэтэрээн, 1 фото-видео кэрэспэндьиэн уонна катеры салайбыт икки эр киһи буолан 7 чаастаах айаммытын билбэккэ, болдьоммут миэстэбитигэр тиийэн кэллибит.
МАНГАЗЕЙКА
1953 сыллаахха Үөһээ Халымаҕа «Социалистическая Колыма» холкуос кыылы иитэр пиэрмэни тэрийбит. Оччолорго Иркутскай уобалас «Пушкинскай» собуоттан 27 хара саһылы иитэ аҕалбыттар. Кыылы иитэргэ бары усулуобуйа олохтонон, сайдан, тэнийэн, таһаарыылаах үлэ түмүгэ өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллибит. Кэлин Таала Күөл уонна Мангазейка диэн учаастактарга кыылы иитэр пиэрмэлэри эбии олохтообуттар. Үөһээ Халымаҕа уонна Орто Халымаҕа кыыл иитиитигэр «Бочуот Знага» уордьан кавалера Гавриил Васильевич Бандеров улахан өҥөлөөҕүн ахтан-санаан аастылар.
Күн бүгүн Мангазейка балыксыттар анал бултанар учаастактара буолан турар. Манна 10-тан тахса олоруу дьиэ, ону таһынан кыыл иитэр пиэрмэ саҕаттан хаалбыт үгүс тутуулар бааллар. Төһө да үгүс сыллар аасталлар олоруу дьиэлэр тутуулара тупсаҕайын, билиҥҥи көлүөнэ дьон өбүгэлэрин сирдэрин-уоттарын харыстыы туталлара харахха быраҕыллар. Биир да бөх-сыыс ыһылла-тоҕулла сыппат. Бу кыракый бөһүөлэккэ оннооҕор икки этээстээх, аныгылыы моһуоннаах дьиэ баарын сөхтүбүт. Онон биир тылынан эттэххэ, учаастакка буолбакка, бөһүөлэккэ баран сынньанан-дуоһуйан кэллибит.
Маҥнайгы күн
Турсүлүөт кыттыылаахтара Халыма Эбэбит кытылыгар тиксиигэ, Орто Халыма куорат 380 сылыгар анаммыт пуормалары кэтэн, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут уонна куораппыт былааҕын күөрэччи тутан «Төрөөбүт Халымам барахсан» диэн улууспут өрөгөй ырыатынан биир дойдулаахтарбытын эҕэрдэлээтибит. Күргүөмүнэн аал уоппутун айах тутан, аарыма сэргэҕэ сүгүрүйэн, сахалыы сиэри-туому тутуһан салама баайдыбыт. Олохтоохтор эгэлгэ астаах сандалы остуол тардан, кус, собо миининэн күндүлээтилэр. Икки өттүттэн бэйэ-бэйэни билиһиннэрии кэннэ, эҕэрдэ кэнсиэр көрдөрүлүннэ. Зырянкаҕа олорор биир дойдулаахтарбыт састааптарыгар Орто Халыма куораттан, Өлөөкөттөн, Эбээхтэн, Хатыҥнаахтан, Арҕахтаахтан бааллара. Оттон биһигиттэн — Березовка, Арҕахтаах, Сылгы Ыытар, Ойуһардаах, Өлөөкө Күөлэ, Налимскай уонна куорат бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллыбыт.
Зырянка «Водник» култуурунай киин дириэктэрин солбуйааччы Анжелика Владимирова (Хатыҥнаах нэһилиэгиттэн төрүттээх) уонна Александр Попов (Орто Халыматтан төрүттээх) музыкальнай аппаратураны тиэйэн аҕалан, Мангазейкаҕа ырыа-тойук ылланна, хомоҕой хоһоон хоһулунна, хомус тыаһа дьиэрэйдэ. Зырянкалар култуурунай тэрээһини кыайа-хото туттулар. Дьахталлар ансаамбылларын ыллам ырыалара, таҥастара-саптара дьэрэкээнин сөҕө-махтайа көрдүбүт. Үгүс ырыа ааптара Александр Попов истиҥ иэйиилээх ырыалара «Колымчане» ВИА бастакы бөлөҕүн санатта. Оттон Алена Андреева (Цыганкова) крейзи ньыматынан илии оҥоһуктара дьон болҕомтотун тарта. Кини Санкт-Петербург куораттан дойдутугар сайылыыр кэмигэр бу көрсүһүү олохтоммутуттан астынарын биллэрдэ уонна Орто Халыма киин балыыһатыгар бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьонугар эҕэрдэтин тиэртэ. Хас биирдиибитигэр тус бэйэтэ оҥорбут бэлэҕин уунна.
Бу күн түмүгэр икки өттүттэн өйдөбүл буолар бэлэхтэрбитин туттарыстыбыт. Үөһээ Халымаҕа олорор биир дойдулаахтарбыт улууспут дьаһалтатын баһылыгар И.В.Лаптевка махтанан туран, тэрээһин чэрчитинэн сурук-бичик ойуулаах анал чороон туттаран ыыттылар.
Маны тэҥэ Зырянка бөһүөлэгэр олорор биир дойдулаахтарбыт аҕам саастаах дьоммутугар биэдэрэнэн уохтаны кэһии гынан ууннулар, аатырбыт хара килиэптэрин хас биирдиибитигэр туттардылар. Оттон биһиги хардатын суорат, сүөгэй түҥэттибит.
Киэһэтин кутаа уот тула, айар талааннаах олохтоох ааптардарбыт ырыалара Айталина Яковлева (Жиркова) гитараҕа доҕуһуолунан ыраахха диэри дьиэрэйдэ.
Иккис күн
Сарсыардааҥҥы чэй кэннэ, бырагыраама быһыытынан, маастар-кылаас көрдөрүү буолла. Манна Анна Волкова, Татьяна Лаптева-Утумнаах уонна Марина Аргунова бэйэбит айылҕабытыгар хото үүнэр күөх чээлэй үүнээйи сүмэһининэн хайдах доруобуйаны тупсарыныахха сөбүн кэпсээтилэр. Эмтээх үүнээйи суолтата, туһата элбэҕин сөхтүбүт. Ону ааһан, сордоҥунан, хатыыс үөһүнэн, хортуоппуй силиһинэн уҥуох, сүһүөх ыарыыларын эмиэ эмтэниэххэ сөбүн сэргии иһиттибит.
Кучу чэйи амсайары ааһан, кинини табыгастаахтык, харыстабыллаахтык хомуйары илэ көрдөрөн, дьон сэҥээриитин ыллылар. Түмүккэ истээччилэр маннык маастар-кылаас киэҥ араҥаҕа ыытылларыгар уонна инникитин олохтоох дьон баһылаабыт сүбэлэрин муһан, кинигэ биитэр боросуура таһааралларыгар баҕа санааларын тиэртилэр.
Бу күн бэтэрээннэри икки хамаандаҕа арааран спортивнай күрэх ыыттыбыт. Пневматическай саанан ытыы, дартс уонна оҕо сааһы санатар арагаайканан таба ытыыга күрэхтэри тэрийдибит.
Көрсүһүү кыттыылаахтарын ордук арагаайканан ытыы интэриэһи тарта. Ол эрэн, үгүс дьон арагаайканы илиибитигэр аан маҥнай туттубут диэн билиммиттэрэ, ол чахчы киһи хараҕар быраҕыллара. Кыайыылаахтар бары кырааматанан уонна мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.
Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма бэтэрээннэрэ собону ыһаарыыга, мииннээн буһарыыга күрэхтэстилэр. Мас хайытыы, уот оттуу, собону хатырыктааһын, ыһаарыы, буһарыы үгүс сыраны ылбыта.
Ол эрэн, күрэх кыттааччылара минньигэс соболорун сандалы остуолга ууран, бар дьону күндүлээбиттэриттэн астыныыны, дуоһуйууну ылбыттара. Түмүккэ, дьүүллүүр сүбэ «Победила дружба» диэн доҕордоһуу кыайыытын иһитиннэрбитэ.
Эдэр эрчимнээх бэтэрээннэрбит Халыма Эбэлэригэр киирэн, спиннинг көрүҥүнэн сордоҥу кыайа-хото хаптардылар. Оттон дьиэлээх хаһаайын Спиридон Константинович уолунаан Дмитрийи кытта көмүс хатырыктааҕы хото бултаан, хас биирдиибитигэр өлүүлээн, күндү бэлэх оҥордулар.
Киэһэтигэр туристическай сүлүөт кыттыылаахтара улуустарыгар ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан ирэ-хоро кэпсэттилэр, ырыаны-тойугу оройуттан туттулар.
Бу түгэҥҥэ Любовь Егорова олохтоохторго истиҥ көрсүһүү иһин махтанан туран, анал бириистэри туттарда.
Үһүс күн
Астына-дуоһуйа сынньанан, Мангазейкаттан арахсар күммүт субу тиийэн кэлбитэ. Зырянка аатырбыт үүнээйитин — охтаны хомуйууну Хоһо диэн учаастакка былааннаабыттарын туһунан тэрээһини көҕүлээбит Людмила Ивановна Третьякова иһитиннэрбитэ.
Онон сып-сап хомунан, Хоһо диэн Нина уонна Иосиф Бандеровтар учаастактарыгар тохтобул оҥорон, чэйдээн, отонноох сирбитин ыйдаран, санаа-хоту уохта хомунан, төннөр суолга туруммуппут. Аара Седёдема учаастагар кылгас тохтобул оҥорбуппут. Онон биир сырыынан Халымабыт үс учаастагар үктэнэн, сырыыбыт-айаммыт табылынна.
Түмүк
Үөһээ этиллибитин курдук, туристическай сүлүөт туһунан этиилэр, санаалар бэрт өртөн киирбиттэрэ. Ону билиҥҥи улууспут салалтата бэтэрээннэр көрдөһүүлэрин быһа гыммакка, катер көлөнөн уонна уматыгынан хааччыйан, умнуллубат үтүө өйдөбүлү бэлэхтээбитигэр махталбыт муҥура суох.
Инникитин эдэр ыччакка уонна орто саастаах дьоҥҥо маннык сүлүөт үс Халыма икки ардыгар олохтоноро табыгастааҕын бэлиэтээтибит. Кэлэр сылга Зырянкалары «Маяк» лааҕырга көрсөргө бэлэммитин биллэрдибит. Ону тэҥэ улуус иһинэн ыытыллар бэтэрээннэр спартакиадаларыгар кыттыыны ылалларыгар этии киллэрдибит.
Бу курдук икки улууска олорор биир дойдулаахтар көрсүһүүлэрин иилээн-саҕалаан тэрийбит дьоммутугар Людмила Ивановна уонна Спиридон Константинович Третьяковтар дьиэ кэргэттэригэр, Орто Халыма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссээдээтэлигэр Анна Сергеевна Волковаҕа уонна мотористарбытыгар Григорий Щербаҕа, Игорь Башмаковка айанньыттар бөлөхтөрүн ааттарыттан истиҥник махтанабыт.
Ону тэҥэ бары тэрээһиҥҥэ сүүрбүт-көппүт Алена Константиновна Андрееваҕа, Елена Алексеевна Тайшинаҕа, Татьяна Ивановна Винокуроваҕа, Дмитрий Спиридонович Третьяковка, Николай Иванович Винокуровка, Константин Николаевич Третьяковка уонна эдэркээн кыыспытыгар Анжелика Владимироваҕа махталбыт муҥура суох.
Маны тэҥэ, Зырянка бөһүөлэккэ Орто Халыматтан төрүттээх биир дойдулаахтарын түмэр, салайар Людмила Ивановна Третьякова көрдөһүүтүн ылынан, Мангазейка учаастакка олоруу дьиэлэрин туран биэрбит дьоҥҥо: Александр Сивцев, Алексей Васильевич Слепцов, Константин Николаевич Крюков, Матрена Николаевна Крюкова, Спиридон Константинович Третьяков дьиэ кэргэттэригэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Кинилэргэ тус олохторугар дьолу, ыра санаалара олоххо туоларыгар баҕарабыт.
Бу курдук Халымалар ситиммит быстыбакка сылтан-сыл салҕана туруохтун!
Ааптар: Анастасия Кокорина