Бу күннэргэ оҕолор төрөппүттэрин кытта оҥорбут кыыллар тустарын бырайыак оҥорон бэйэ бэйэлэригэр кэпсээн сэргээтилэр.
Түмүктүүр күнүнэн орто уонна оскуола киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго тэрээһин бэрт сэргэхтик буолан ааста.
Бу тэрээһиммитигэр анал ыҥыырыылаах ыалдьыт Баай Байанайдаах, өрүү өттүк харалаах, Илии тутуурдаах булчут Анатолий Волков кэлэн оҕолорго булт тэриллэрин туһах, төрүөт арааһын көрдөрөн, булт туһунан араас сэргэх кэпсээннэри кэһии оҥостон кэпсээн оҕолору олус үөртэ, интириэһиргэтэн барда. Сахалыы үгэһинэн алгыс тылын этэн уот оттон, саха омук сиэрин-туомунан Байанайтан көрдөһөр алгыс ыытылынна.
Ону таһынан кыыл суолларыгар, булчут малын тэрилин хомуйарга күрэхтэр аастылар.
Уол оҕолорго оҕунан араас кыылы ытааһыҥҥа күрэх сэргэхтик ааспыта.
Биһиги тыйыс айылҕабыт араас кыылларын баай дойду, ол курдук кыылтан тигиллибит араас ичигэс таҥастары үлэһиттэр оҕолорго көрдөрөн аастылар. Саха омук үгэһинэн Байанай ыйыгар аналлаах күммүтүн оһуохайынан түмүктээтибит.
Ирина Третьякова, уһуйаан методиһа