Орто Халыма киин куоратыгар оҕо ыһыаҕа дуорайда

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылыгар, СӨ Оһуохай күнүн чэрчитинэн, куоракка аан маҥнайгытын, Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуолатыгар оҕо ыһыаҕа ыытылынна.

Сонун тэрээһин, оскуола төрүттэммитэ 85 сылыгар ананна. Үбүлүөйдээх ыһыахха оһуохай оройуттан тутулунна, эҕэрдэ кэнсиэр эгэлгэтэ эйээрдэ, түһүлгэ аайы саха тыына, саха тыла сандаарда.

Хас биирдии кылаас, кылаас салайааччыларын салайыыларынан, төрөппүттэр көмөлөрүнэн, хас биирдии үөрэнээччи сахалыы таҥнан-симэнэн үбүлүөйдээх ыһыаҕы оройуттан туттулар. Сонун тэрээһин анал бырагырааманан ыытылынна.

Ол курдук “Бастыҥ түһүлгэ уонна сандалы”, “Бастыҥ саха таҥаһа”, кыргыттарга “Уһун суһуох”, уолаттарга саастарынан “өһөс торбос”, “ойбонтон уулааһын”, “мас тардыһыыта”, “өбүгэ оонньуулара” ыытылыннылар. Кыайыылаахтар мэтээлинэн, кырааматанан наҕараадаланнылар.

Ыһыах сүрүн «Бастыҥ түһүлгэ уонна сандалы» куонкуруһугар: Алын кылаастарга: IIIм —  3а кылаас (кылаас салайааччыта Е.С.Кондакова); IIм — 3в МВ Терентьева; I м — 4а (А.Е.Сибирякова АЕ); улахан кылаастарга III- 6а (З.В.Березкина), IIм. 11 б — (М.В.Тарасова)  , I — 6 б (С.А.Корякин). Кыайыылаах түһүлгэлэр кырааматанан уонна харчынан бириэмийэ туттулар.

Н.И.Шарин аатынан орто оскуола дириэктэрэ К.А.Слепцова: «Биһиги оскуолабыт быйыл 85 — үбүлүөйдээх сылбытын бэлиэтиибит. Күн бүгүн оскуолабытыгар 509 оҕо үөрэнэр. Бэлиэ сыллар чэрчилэринэн, үбүлүөйдээх ыһыах тэрийдибит. Маннык тэрээһин биһиги оскуолабытыгар бастакытын тэрилиннэ. Ол курдук Оһуохайга күннүү эргийэн, биир сомоҕо буоллубут, сахалыы таҥнан, сахалыы сандалыттан аһаан, ыллаан-туойан үҥкүүлээн, умнуллубат кэрэ-бэлиэ күн ааста. Халлааммыт да туран алҕаан-арчылаан биэрдэ. Түһүлгэнэн көрүү куонкуруһугар 27 кылаас түөлбэлээн кытынна.  Саамай астыммытым диэн, оҕолор төрүт тылларынан, сахалыы, эбээннии, нууччалыы омуктарынан таҥнан кэлбиттэрэ, саҥарбыттара.

Оһуохайга олус көхтөөхтүк кытыннылар. Тэрээһинтэн олус астынным, долгуйдум. Уолаттарым оһуокайдаан хаама сылдьаллара көрөргө олус да үчүгэй… Бары кыттыбыт төрөппүттэргэ махталбытын тиэрдэбит. Бу курдук бары биир санаанан салайтардахпытына, бииргэ түмсэр, ханнык да тэрээһини тэрийэр, салайар кыахтаах эбиппит диэн сыаналаатыбыт.