Олоҥхо – Саха омугун үйэлэргэ өлбөт-сүппэт нэһилиэстибэтэ

Үгүс киһи билэрин курдук, быйыл Саха сиригэр Олоҥхо инники сайдыытыгар анаммыт уон сыллаах бырагыраамата ситэн, аны салҕыы Аан дойдуга ЮНЕСКО быһаарыытынан, Олоҥхо киһи-аймах тылынан уонна материальнайа суох култууратын кылаан чыпчаалынан биллэһиллибит. Маны тэҥэ, норуот тылынан уус-уран айымньыларыттан бары өттүнэн баай ис хоһоонноох, саха норуотун киэн туттар Олоҥхо сайдыыта иккис уон сыла биллэһилиннэ.

Олоҥхону сайыннарыыга үлэ уон сыллаах түмүгүнэн, бэрт киэҥ ис хоһоонноох улуустарынан, Дьокуускай иһинэн араас тэрээһиннэр дэкэдээлэрэ өссө да ахсынньы 15 күнүгэр диэри бара туруохтара.
Сэтинньи 23 күнүгэр Бырабыытылыстыба дьиэтигэр аатырар олоҥхоһуттарбытыгар, оһуохайдьыттарбытыгар, норуот тимир уустарыгар анал стипендиялары уонна сертификаттары өрөспүүбүлүкэ баһылыга А.С.Николаев туттарда.

Онтон, сэтинньи 25 күнүгэр «А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын» дьиэтигэр араас улуустартан, уһуйааннарга олоҥхону үөрэтэр бастыҥ салайааччылары чиэстээһин буолла. Манна анал бэлиэлэри уонна бириистэри туттардылар. Саалаҕа толору мустубут дьону көрөн, саха омуга бэйэтин култууратын чыпчаала сайдыытын Олоҥхону үөрэтиигэ, тилиннэриигэ, тарҕатыыга бэркэ ылсан үлэлииллэрин олус астына иһиттибит.
Түмүгэр, аатырбыт режиссер Андрей Борисов бу өтөр Москуба куоракка БСНТХБбыыстапкатыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин ситиһиитин көрдөрөр саалаҕа туруорбут, Олоҥхо тиэмэтигэр дьүһүйүү туруоруутун көрдүбүт.

Ахсынньы 1 күнүгэр «М.К. Аммосов аатынан» ХИФУ саалыгар өрөспүүбүлэкэтээҕи олоҥхоһуттар сыдьааннарын уонна олоҥхону сайыннарыыга үлэлэһээччилэр пуорумнара аһылынна. Бу түмсүү сыала, инники кэлэр 10 сылга 5 туомнаах – Олоҥхо энциклопедията тахсарыгар үлэ тула кэпсэтиигэ ананна. Бу түмсүү 1 чааһыгар Бырабыыталыстыба Олоҥхоҕо кэмитиэтин чилиэнэ Александр Николаевич Жирков этиниитэ улахан болҕомтону тарта. Бастаан кылгастык бу ыытыллар үлэ ис хоһоонун, туох сыаллааҕын сырдатта. Манна саха омук норуотун төрүт култууратын уонна фольклорун сайыннарыыга аан бастаан, 1939 сыллардаахтан Платон Алексеевич Ойуунускай саҕалаан, ол кэмҥэ араас экспедиция үлэлээн, сыаналаммат элбэх матырыйаал хомуллан хаалбытын, кэнники Аҕа дойду сэриитин кэмигэр үлэ тохтуу сылдьан баран 1950-с сыллартан салҕыы ыытыллан, бу күҥҥэ диэри тиһигин быспакка үлэ бара турара бэлиэтэннэ. Кэлин 90-с сыллартан өрөспүүбүлүкэбит салайааччыларын өйөбүлүнэн саҕаланан М.Е.Николаев, В.А.Штыров Ыйаах таһаартаан киэҥ үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Ханнык да кэмнэргэ үрдүкү салайааччылар өйдөөн, өйөөн бу күҥҥэ диэри кэлэн, бэл атын элбэх норуоттар куруук ымсыыра көрөр гына, саха култууратын сөргүтүүгэ сайдыы барарын бэлиэтээтэ.

Таһаарыллыахтаах 5 туомтан, бастакы туома 2024 сыл бүтүүтэ презентацията ыытыллыахтаах. Бу энциклопедияҕа Орто Халыма улууһуттан билиҥҥи кэмҥэ биллэр 12 олоҥхоһут аата баарыттан сороҕо тиэкистэрэ ситэтэ суох буолан, икки-үс буолан олоҥхоһут олоҥхотун киллэрэн үйэтитэргэ үлэ барар. Пуорум иккис чааһыгар: улуустарынан бөлөхтөрүнэн араартаан, кэлбит дьон Олоҥхо институтун үлэһиттэрин кытта кэпсэтиилэрэ барда.

Орто Халыма улууһуттан мин, аҕам саастаах, Орто Халыма норуодунай тыйаатырын бэтэрээн артыыската Елена Саввична Явловская уонна Халыма олоҥхоһута Иван Васильевич Оконешников («Эрбэх үөһэ биэстэ эргийбит Эрбэхчин Бэргэн» олоҥхо ааптара) бииргэ төрөөбүт балта Варвара Васильевна Бандерова кыттыыны ыллыбыт.
Бу көрсүһүүгэ олоҥхоһуттар оҕолоро, сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ кыттан, кинилэр тустарынан кэпсээн, матырыйаал хомуйбуттарын туттардылар. Эдэр олоҥхоһуттар сыдьааннара, төрүттэрин олоҥхолоруттан быһа тардан толорбуттара олус кэрэхсэттэ, утум быстыбатын кэрэһэлээтэ.

Түмүгэр, өссө ситэри үлэлэһэри торумнаатылар уонна хас улуус ахсын миэстэтигэр баһылыктар үлэни көҕүлүүр, түмэр күүс буолуохтаахтарын бэлиэтээтилэр.
Маны тэҥэ мустан кэлбит дьоҥҥо, саха төрүт култууратын инникитэ сайдыытыгар төһүү күүс дьон буолалларыгар эрэбиллэрин биллэрдилэр. Итинник этэн туран, улууспутугар бары нэһилиэктэргэ баар саха култууратын салаатын үлэһиттэригэр, эдэр көлүөнэни бу жанр араас көрүҥнэригэр салҕыы сайыннарарга үлэлэһиэхтэрэ, инникитин улахан былааннаах үлэлэргэ тирэх буолуохтара диэн эрэнэбит.

Ааптар: Ольга Винокурова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ

Хаартыска: Олоҥхо дэкээдэтигэр аналлаах тэрээһин кыттыылаахтара

Читайте дальше