Олоҥхо олоҕум суолугар

Олоҥхо – аан дойдуга киэҥник биллибит, тас дойдуларга тиийэ кэрэхсэнэр саха эпоһа. Олоҥхо ис хоһооно Орто дойду улуу бухатыырын туһунан кэпсиир, сир үрдүгэр иллээх-эйэлээх олох туругурарын, үтүө санаа өрөгөйдүүрүн туһугар турунарга ыҥырар сырдык идиэйэлээх айымньы буолар. Олоҥхо фольклор атын жанрдарыттан бөдөҥүнэн эрэ буолбакка, тиэмэтинэн, ис хоһоонунан, уус-уран айар ньыматынан уратылаах.

Олоҥхо — өбүгэбит бэлэҕэ

Олоҥхо уобарастара уонна сюжеттара сүнньүнэн саха норуотун былыргы устуоруйатыттан силис тардаллар. Үтүө, сырдык барыта айыы бухатыырын аатын кытта ситимнээх, оттон куһаҕан, хараҥа диэки тардыстыы абааһы бухатыырын уобараһынан бэриллэр.
Психологическай наука хандьыдаата, социологическай наука дуоктара Ульяна Винокурова: «Биһиги өбүгэлэрбититтэн утумнаабыт атыттары умсугутар икки ураты баайдаахпыт. Ол биирэ – киэҥ нэлэмэн, баччааҥҥа диэри чөл туругун, ис кистэлэҥин арыйбакка, айбардаммакка, харыстаныллыбыт сири сабардаабыппыт буолар. Бу сир төрүт олохтоохторо буоларбыт быһыытынан, аан дойду сокуоннарыттан харыстанар турукка улам-улам киирэн иһиэхпит. Онуоха бэлэмнээх, чөл туруктаах, олоххо дьулуурдаах, сорунуулаах, майгылаах-сигилилээх, бодоруһар-алтыһар дьоммутугар ытыктатар таһымнаах дьон буолуохтаахпыт. Оттон оннук бодолоох буоларбытыгар диэн анаан-минээн өбүгэ кэс-кэриэс иккис бэлэҕэ – олоҥхо буолар», — диэн этэн турар.

Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх

Киһи талаана арыллар кэмигэр ураты талааннаах дьону көрсүһүннэрэр, дьылҕаҕар сөпкө үктэннэххинэ суолу арыйар эбит.
Мин 2006 с. Сунтаар сиригэр-уотугар олоҥхо ыһыаҕар, тойук тоҕойугар ситиһиилээхтик кыттан кэлбит үөрүүм, бу күҥҥэ диэри өйбүттэн сүппэт. Дьэ манна дьиҥнээх олоҥхо дойдутун илэ харахпынан көрөн, сахалыы тыыны ылынан талааным арыллан, тоҕус былас суһуохтаах, туналҕаннаах ньуурдаах сахам кыргыттарын көрөн, олоҥхо туох да омуна суох эбит диэн өйдөөбүтүм. Сунтаар, Уус Алдан, Ньурба, Үөһээ Дьааҥы уонна Өймөкөөн улуустарыгар олоҥхо ыһыаҕар ситиһиилээхтик кыттыбыт сырыым элбэххэ үөрэппитэ. Сахам барҕа баай тылыгар умсугутан, өбүгэм үгэһигэр таба тайанан, саха фольклорун улуу күүһүгэр угуйбута.

Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору кытта үлэлэһэрбэр анал методика суоҕа. Ол иһин 2007с. алгыһы үөрэппит үөрүйэхпиттэн санаа атастаһан, өбүгэбит түҥ былыргы итэҕэлин оҕо сааһыгар сөп түбэһиннэрэн билиһиннэрэргэ уонна үөрэтэргэ национальнай култуура бырагырааматынан үлэлэспитим. Манна В.А.Кондаков 3 туомнаах «Аар Айыы итэҕэлэ» литературатыттан уонна Е.П.Жирков «Как возродить национальную школу» концепциятыттан туһаммытым. Алгыс көрүҥнэрин оҕолорго хайдах тиэрдэр, үөрэтэр туһунан бырагыраама суруйбутум. Итэҕэли ылынан иҥэриннэххэ, олоҥхону үөрэтэргэ чэпчэки буоларын билбитим.

2011с. «Сказка» уһуйаан тиэргэнигэр кэргэмминээн оҕо дьарыктанарыгар сайыҥҥы саха балаҕанын дьиэтин тутан, үлэҕэ киллэрбиппит. Манна оҕо дьиҥ сахаттан төрүттээҕин, Халыматын баай устуоруйатын билиһиннэрэргэ бары усулуобуйаны тэрийбиппит. Төрөппүттэр көмөлөрүнэн сахалыы мал-сал оҥоһуллубута, өбүгэ таҥастаах-саптаах куукулалар тигиллибиттэрэ. Уһуйбут оҕолорум үрдүк ситиһиилэрэ — үлэм түмүгэ буоллаҕа.
2015с. «Кулума» култуура Дьиэтигэр «Олоҥхо биһигэр бигэнэн» диэн Олоҥхо 10 сылыгар аналлаах биэчэри уһуйбут уонна төрөппүт оҕолорбун кытта ыыппытым. Манна Халыматын ыраахха ааттатар, тойукка үөрэппит учууталым Александра Филиппова «Эрбэхчин Бэргэн» олоҥхонон дьоро киэһэни арыйбыта.

2016с. Үөһээ Дьааҥыга олоҥхо ыһыаҕар Олоҥхо Ассоссиациятын бэрэсидьиэнэ Василий Васильевич Илларионовтыын көрсүбүтүм. Онно кини «Орто Халыма олоҥхоһуттара» диэн кинигэтин бэлэхтээн, баҕа санаабын толорбута.

«Кыһыл ойуун» уобараһын итэҕэтиилээхтик толорбута

Төрөөбүт дойдубут биллиилээх дьонун, оҕолорун кытта көрсүһэн билсиһии, кэпсэтии, ааҕан билэрдээҕэр ордук интэриэһинэй буолар эбит. «Орто Халыма олоҥхоһуттара» кинигэҕэ «М.Д.Колесова Сыбаатай олохтооҕо, Николай Алексеевич Слепцов олоҥхотун истибит да, ханнык олоҥхону толорбутун умнубут», — диэн суруллубут.

Н.А.Слепцов кыыһа Любовь Гуляева-Слепцова аҕатын туһунан маннык ахтар: «Мин аҕам Николай Алексеевич Слепцов 1906с. төрүөх. Кини хомусчутунан, олоҥхоһутунан дьон биһирэбилин ылыан ылбыта, сценаттан түспэтэх киһи этэ. «Кыһыл ойуун» уобараһын ылыннарыылаахтык арыйан көрдөрөрө. Дүҥүрүн худуоһунньук Борис Иванович Слепцов бииргэ төрөөбүт убайа Иннокентий Слепцов оҥорбута. Аҕам орулугар бэлэмнэнэрин элбэхтик көрбүтүм. Дүҥүрүн тыаһа дьүрүһүтэн, туойан доллоһуппута бу баарга дылы. Аҕам куолаһа билигин санаатахха, Сергей Зверевтэн атына суох эбит. Ол туһунан олохтоох хаһыат суруналыыһа Раиса Былбанаева саха араадьыйатыгар интервью ылан, салгынынан саҥардан, киэҥ эйгэҕэ таһааран, кини аатын ааттаппыта. Аҕам балыксыт, сылгыһыт этэ. Айыыча диэн муус маҥан атын миинньибитинэн сыһыыттан сүүрдэн кэлээт, кулуупка ыксалынан барара. Кини олоҥхотун тиэксин сурунар уопсай тэтэрээттээҕэ. Ону мин ааҕан турабын, тыла баайа, уустаан-ураннаан суруйар да эбит этэ. Аҕам олохтон туораабытын кэннэ бэйэбэр ылан, устан сурунуохпун олус баҕарбытым эрээри, дьонум бопсубуттара. Баҕар көҥүллээбиттэрэ буоллар, кинигэ таһаартаран, аҕам талаанын үйэтитэрим хааллаҕа».

Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларын сэҥээрэ иһиттим

Орто Халыма куораппытыгар 2029 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллара бигэргэммитэ. Кулун тутарга СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Иванович Ноев Халымаҕа кэлэн, үгүс үлэни ыыппыта. Түгэнинэн туһанан, Афанасий Ивановичка оҕо уһуйаанын иитээччилэригэр уонна төрөппүттэргэ анаан таһаарбыт «Оҕо иитиитигэр — фольклор оруола» диэн босуобуйабын бэлэх ууммутум.

Олоҥхо Ыһыаҕын тула улуус дьаһалтата тэрийиитинэн бэрт киэҥ хабааннаах төгүрүк остуол ыытыллан, дьон сүргэтин көтөхпүтэ. Култуура эйгэтиттэн тус санаалаах дьон мустан, олоҥхо ыһыаҕын Халымабыт баай историятыттан көрдөрөн ыытыахха диэн дьоһуннаах этиилэргэ кыттыыны ылан, бу ыстатыйабын анаатым.
Олоҥхо ыһыаҕа Халымабыт хочотугар бэрт тэриллиилээхтик ыытыллыаҕа диэн бигэ эрэллээхпин.

Ааптар: Александра Оконешникова, эбии үөрэхтээһиҥҥэ кыраайы үөрэтэр үрдүк категориялаах педагог, СӨ үтүөлээх фольклориһа

Читайте дальше