Уруһуйдары тутуу салҕанар. «Сахабэчээт» СӨ САТ «Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээксийэтэ тэрийиитинэн ыытыллар, «Олоҥхо мин харахпынан» уруһуй күрэҕин балаһыанньата.
Тэрийээччи: «Сахабэчээт» СӨ САТ «Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээксийэтэ, Орто Халыма улууһа. Үлэни тутуу кэмэ: бэс ыйын 17 күнүттэн — от ыйын 31 күнүгэр диэри.
Күрэх сыала-соруга: Дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕоҕо олоҥхо баайын, сыаннаһын өйдөтүү, тыл саппааһын байытыы, саха тылын-өһүн сайыннарыы, ааҕарга, үөрэтэргэ көҕүлээһин, ырытарга үөрэтии, ойуулуур-дьүһүннүүр дьоҕуру сайыннарыы, эрэдээксийэ рубрикаларыгар олохтоох уруһуйдары туһаныы.
Кыттааччылар: Орто Халыма улууһун олохтоохторо, ыалдьыттара, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор биир дойдулаахтарбыт: уһуйаан саастаах оҕолор (4-7 саастаах); оскуола үөрэнээччилэрэ: алын кылаас (1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ), (5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ); 18-тан үөһэ саастаах улахан дьон.
Сыаналааһын сүрүн ирдэбилэ: уруһуй олоҥхо дьоруойдарынан, уобарастарынан көрүү, тиэмэтэ көҥүл; олохтоох ааптардар олоҥхолорунан үлэ биһирэнэр;
Туттуллар матырыйаал: А3 кээмэйдээх кумааҕы (уһуйаан оҕолоругар А4 кээмэй көҥүллэнэр), харандаас, акварель, гуашь, фломастер уо.д.а.
Үлэни тутуу быраабылата: үлэ от ыйын 17 күнүгэр диэри, дьиҥнээҕинэн (оригиналынан), эрэдээксийэ дьиэтигэр тутуллар; үлэ пааспарыгар кыттааччы толору аата суола, сааһа, хантан сылдьара, үлэтин тиэмэтэ суруллар.
Куонкурус түмүгүнэн, үлэлэр «Олоҥхо» тиэмэтинэн быыстапкаҕа туруохтара, бастыҥ үлэлэргэ I-кы, II-с III-с миэстэлэр ананыахтара, анал бириистэр бэриллиэхтэрэ, эрэдээксийэ рубрикаларыгар туттуллуохтара.
«Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээксийэтэ
Хаартыска: Куонкуруска киирбит үлэлэр