Ойуһардаахха «Дыгын оонньуулара – 2024» С.Н.Горохов аатынан оскуолабыт 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананна

Кулун тутар 12-13 күннэригэр Орто Халыма улууһун Ойуһардаах нэһилиэгэр көҥүл тустууга, хапсаҕайга улуус хас да төгүллээх кыайыылааҕа , Өрөспүүбүлүкэ призера, успуорт маастарыгар кандидат, физкультура учуутала Андрей Григорьевич Горохов кэриэһигэр улуус үрдүкү кылааһын уолаттарыгар анаан «Дыгын оонньуулара» ыытылыннылар. 
Улуус 6 оскуолатыттан саамай чулуулара талыллан, икки күн сэттэ көрүҥҥэ: «Үстэ төхтөрүйэн ыстаныы», «Тутум эргиир», «Мас рестлинг»,«Оҕунан ытыы», «Хапсаҕай», «Сүүрүү (400м)», «Ыараханы көтөҕүү» күрэс былдьастылар. Бастакы күн кэлбит ыалдьыттары сахалыы үгэһинэн, дэйбиирдээх оҕолор саламанан киэргэммит саалаҕа киллэрдилэр, алаадьынан, үрүҥ аһынан күндүлээтилэр.
Кыттааччы оҕолорбут, тренердэрбит, балаһыанньа быһыытынан бары тупсаҕай тигиилээх сахалыы таҥастаах таҕыстылар. Кинилэргэ ситиһиилэри, тулууру, кыайыыны алгыс тылынан оскуола дириэктэрэ РФ бочуоттаах үлэһитэ М.Г.Жиркова, күрэх судьуйата СӨ физкультураҕа уонна успуорка үтүөлээх үлэһитэ Петр Егорович Шкулев, Андрей Григорьевич ийэтэ РФ бочуоттаах үлэһитэ Галина Яковлевна Горохова эттилэр. Кылааһынньыктар ааттарыттан  А.Н.Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолатын математикаҕа учуутала Иннокентий Иннокентьевич Дьячков, Ойуһардаахтааҕы «Сайдам» КЭЦ художественнай салайааччыта Станислав Алексеевич Бандеров ыллам ырыа кэһиилээх кэлэн мустубут дьону, ыалдьыттары сүргэлэрин көтөхтүлэр.
Оскуола оҕолоруттан «Туундара туллуктара» хас да төгүллээх  дипломана Третьякова Олеся күрэх кыттааччыларын эҕэрдэлээн ыллаата, ону сэргэ үҥкүүһүттэрбит чэпчэкитик көтөн –дайан үөрүүлээхтик аһыы тэрээһинин киэргэтэн биэрдилэр. Күрэх аһыллыытын туоһутунан, Сиэн Күөл нэһилиэгин былааҕын таһаарыы церемониятын бары долгуйан туран сүһүөхпүт үрдүгэр туран ыллыбыт.
Ити күн үс көрүҥҥэ күрэхтэһэн: «Үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга» Третьяков Арсентий (Орто Халыма к., 11 кыл.)  I  миэстэни, Бандеров Александр  (Ойуһардаах 11 кыл.) II  миэстэни, Сивцев Ярослав (Орто Халыма к. 10 кыл.) III миэстэни ыллылар.
  • «Тутум эргииргэ» I м — Бандеров Александр (Ойуһардаах 11 кыл), II м — Березкин Александр ( Ар5ахтаах, 10 кыл.), III м — Винокуров Егор (Хатыҥнаах, 11 кыл).
  •  «Мас рестлинг» I м — Бандеров Александр (Ойуһардаах 11 кыл.) , II м — Шадрин Денис (Эбээх, 10 кыл.),III м — Кан-Ту-Ири Николай (Сылгы Ыытар, 11 кыл.).
Иккис күн ох саанан ытыыттан саҕаланна.
  • Манна I м — Березкин Александр (Ар5ахтаах 10 кыл.),II м — Бандеров Александр (Ойуһардаах, 11 кыл.), III м —  Полюхов Даниил  (Ар5ахтаах, 10 кыл.).
  • «Сүүрүү- 400м» I м —  Сивцев Ярослав (Орто Халыма к., 10 кыл.) , II м — Шадрин Денис (Эбээх 10 кыл.),III м — Бандеров Александр (Ойуһардаах, 11 кыл.).
  • Хапсаҕайга I м — Андреев Арсений 11 кыл.(Ойуһардаах), II м —  Бандеров Александр 11 кыл. (Ойуһардаах),III м —  Шадрин Денис 11 кыл. (Эбээх).
  • «Ыараханы көтөҕүү (53 кг)» I м — Кан-Ту-Ири Николай (Сылгы Ыытар), II м — Полюхов Даниил (Ар5ахтаах), III м — Сивцев Ярослав (Орто Халыма к.)
Турнир кыайыылаахтарын А.Г.Горохов ийэтэ Г.Я.Горохова, эдьиийэ Л.Г.Горохова, балтыта Л.Г.Бубякина, Сунтаартан Еремеевтэр дьиэ кэргэннэрэ туруорбут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Кыайыылааҕынан 6 көрүҥҥэ миэстэлэһэн  —  Александр Бандеров, 11 кылаас үөрэнээччитэ, Андрей Григорьевич однокласснига Станислав Алексеевич Бандеров оҕото эрэллээхтик  бастаата.  ( Ойуһардаах, тренер — Бандеров С.П.) телевизорынан уонна анал бэлиэлээх мэтээл , кубок ылла, II миэстэ Ярослав Сивцев (Орто Халыма к, тренер — Корякин С.А) турнигынан наҕараадаланна,
III миэстэ – Денис Шадрин(Эбээх, тренердэр Макаров Ю.А, Слепцов Д.Д. ) электрошашлычницаны бэлэх тутта.
Маны сэргэ 4 номинацияны А.Г.Горохов аймахтара  туруордулар. «Бө5ө Боотур» анал номинацияны, бирииһи уонна харчыны ыараханы көтөҕүүгэ кыайбытын иһин  Кан-Ту-Ири Николай ( Сылгы Ыытар) ылла, спонсор —  Бубякиннар дьиэ кэргэннэрэ, «Чулуу Боотур» анал номинацияны уонна бирииһи  хапсаҕайга кыайбытын иһин Андреев Арсений (Ойуһардаах) ылла, спонсордар —  Горохов Е.Н, Шульган Александр Викторович, «Сымса Боотур» анал номинацияны, тутум эргииргэ кыайбытын иһин  Бандеров Александр  (Ойуһардаах) ылла, спонсор — Винокуров Иван Борисович, «Кыайыыга дьулуурун иһин» анал номинацияны, харчынан бирииһи ылла — Винокуров Егор, иккис сылын бэйэтин баҕатынан, соҕотоҕун көлө булунан кэлэн кыттарын иһин  (Хатыҥнаах). Андрей Григорьевич доҕотторо Шумилов Альберт Эдуардович, Бүлүү к. уонна  «Тутум эргиир» көрүҥҥэ иккис сылын — Макаров Олег Иванович, Дьокуускай к. спонсордаатылар.  «Мас- рестлинг» көрүҥҥэ спонсордаатылар Лаптев Алексей Николаевич, Дария Егоровна Лаптева, «Таас көтөҕүүтүгэр» I миэстэни  спонсордаата — Винокурова Нина Гаврильевна. Оскуола сакааһынан тупсаҕайдык оҥоһуллубут «Дыгын оонньуулара — 2024» диэн суруктаах  статуэтканы уонна мэтээли оскуола музейыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара эмиэ биир кэрэ түгэн буолар.
А.Г.Горохов оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторуттан анал харчынан бириис (11.000 солк.) Полюхов Даниилга (Ар5ахтаах) тигистэ. Анал бэлиэлэри, кубогы Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахпыт Волкова Валентина Семеновна иккис сылын сүүрэн-көтөн тупсаҕайдык оҥоттордо.
Андрей Григорьевиһы үөрэппит, тустууга көҕулээбит учуутала СӨ үөрэҕириитин туйгуна, нэһилиэк , улуус бочуоттаах олохтооҕо , педагогическай үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ тустуу көрүҥүн сайыннарбыт, үрдүк категориялаах учуутал П.Е.Шкулев кылаабынай судьуйанан  иккис сылын үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээтэ, хас биирдии кыттар оҕо туох ситиһиилээҕин барытын  билэн олорон бэрт үчүгэйдик кэлбит ыалдьыттарга кэпсээн, сырдатан биэрэн испитэ ордук астыннарар,  үөрдэр.
«Дыгын оонньууларын» тэрийиигэ көмөлөспүт  С.Н.Горохов аатынан оскуолабыт кэлэктиибигэр,  Шкулева Е.П, Бандеров С.П, Тарасова О.В., Волкова Л.С., Волкова Н.Н.,  профсоюз бэрэссэдээтэлигэр Горохова Л.Г, оформленияҕа эппиэттээх Быстрова О.В, Батюшкин В.В, оскуолабыт дириэктэригэр Жиркова М.Г, оскуолабыт завхоһугар Бобцова Е.Е., повардарга Третьякова Л.И., Кокорина Л.К. оҕолору, ыалдьыттары  минньигэс аһынан тото-хана аһаппыттарыгар, Андрей Григорьевич эдьиийигэр Винокурова Е.Н, күтүөтүгэр  Винокуров Иван Борисовичка, балтытыгар С.И.Винокурова хаартыскаҕа , видеоҕа түһэрэн үйэтиппиттэригэр барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Дьол-соргу, үөрүү-көтүү тосхойдун, чэгиэн-чэбдик буолуҥ диэн алгыспытын тириэрдэбит. Биһиги ыҥырыыбытын ылынан кэлбит тренердэрбитигэр:  Волков А.Н, (Сылгы Ыытар)  Корякин С.А, ( Орто Халыма к.)  Лаптев Т.В, (Арҕахтаах), Макаров Ю.А( Эбээх) уонна кыттыбыт оҕолорбутугар өссө да үрдүк ситиһиилэри , кыайыыга эрэли, дьулууру баҕарабыт. Быйылгы «Дыгын оонньуулара» турнирбыт оскуолабыт 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыта.  Инникитин да бу күрэх өссө сайдан, элбэх оҕону кытыннаран, дьон – сэргэ өйөбүлүн ылан киэҥ эйгэҕэ тахсыа диэн эрэнэбит.  Мустубут тренердэр бэйэлэрин баҕа санааларын эттилэр, уопут атастастылар, күрэҕи сайыннарар торумнары ырытан астынан тарҕастылар. Спонсорствоҕа бэйэлэрин баҕа өттүнэн кыттыбыт, ДЭС, ОДьКХ, балыыһа, детсад, оскуола, олохтоох дьаһалта кэллэктииптэригэр уонна чугас аймахтарбытыгар, доҕотторбутугар сыаналаах бириистэринэн, харчынан өйөөбүттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит!
Инникитин да успуорт көрүҥнэригэр ситиһиилэрдээх  ветеран спортсменнарбытын үйэтитэр сыаллаах  спонсорствоҕа кыттыһаргытыгар ыҥырабыт. Үйэлэри уҥуордаан кэлбит өбүгэлэрбит  оонньууларын өлбөт-сүппэт тыынныыр сүрүн сыалбыт — оҕолорбутун  бу көрүҥнэри умуннарбакка,  кыра эрдэхтэриттэн эрчийдэхпитинэ эрэ ситиһэр кыахтаахпыт.  Саха киһитин сиэрин-туомун, үгэстэрин бу оонньуулары  кытта сэргэ тутан үөрэттэххэ оҕону эт-хаан эрэ өттүнэн буолбакка майгы-сигили өттүнэн, дьиҥ сахалыы тыыҥҥа  иитиэхпитин сөп.
Ааптар: СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ бочуоттаах үлэһитэ, Сиэн–Күөл нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Г.Я.Горохова

Читайте дальше