Дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиир,
Инникигэ, кэрэҕэ сирдиир,
Билиигэ маҥнайгы олугу уурааччы,
Үлэбит биһиэнэ — Иитээччи идэтэ.
2023 сыл дойдуга — «Педагог уонна настаабынньык», Саха сиригэр —«Үлэ Сыла» биллэриллибитэ.
Биһиги нэһилиэкпитигэр иитээччи күнүгэр аналлаах Ф.И. Роббек аатынан сынньалаҥ киинигэр «Чэчир» уһуйаан үлэһиттэрэ, иитээччилэрэ, настаабынньыктара кыттыылаах «Маҥнайгы ыллыктар» күрэх бэрт тэрээһиннээхтик, ситиһиилээхтик буолан ааста. Ол курдук үстүү киһилээх, үс хамаанда күөн көрүстэ. Хамаандалар 5 түһүмэххэ илин-кэлин түһүстүлэр: бэйэни билиһиннэрии, талааны көрдөрүү, «устами младенца» оҕо хоруйдууругар сөптөөх эппиэти таайыы, хамаандалар эмбилиэмэлэрин кумааҕыга кырыйан көмүскээһин, мааны таҥас.
Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан хамаандалар маннык анал ааттарга тигистилэр: «Олоҕум оҕо ыллыгынан» анал аат хаһаайынынан — «Мичээр» хамаанда, «Уһуйаан Далбардара» хамаандаҕа — «Идэҕэ бэринии» анал аат туттарылынна, оттон «Сардаана» хамаанда бөлөҕө кыайыылаах үрдүк аатын ылан, үөрүү үктэлин биллэ.
Үөрэх эйгэтигэр маҥнайгы ыллыгы тэлэ уурсар уустук үлэбитигэр, саҥа саҕахтары, ситиһиилэри дабайарбытыгар, күндү төрөппүттэрбитигэр, иитиллээччилэрбитигэр сүрэхпит сылааһын курдук, дьолунан, үөрүүнэн кынаттыыргытыгар истиҥник махтанабыт.
Биэчэрбитин иилээн-саҕалаан ыыппыт сынньалаҥ киин дириэктэригэр Акулина Васильевна Сибиряковаҕа, тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт бар дьоммутугар уонна ыҥырыыбытын ылынан кэлбит настаабынньыктарбытыгар Акулина Спиридоновна Бережноваҕа, Елена Петровна Киприяноваҕа, Татьяна Васильевна Сивцеваҕа барҕа махтал тыллары тириэрдэбит. Эһиэхэ баҕарабыт чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиилэри, эдэрдии эрчими!
Илинтэн ичигэс санаа илгийдин,
Арҕааттан амарах санаа сандаардын,
Хотуттан хотуулаах санаа холбостун,
Соҕурууттан сырдык ыксаластын!
Ааптар: Дария Кудрина, «Чэчир» уһуйаан боропсойууһун бэрэссэдээтэлэ
Хаартыска: Күрэх кыттыылаахтара / ааптар: Алексей Бандеров