Бу саас күөх экраҥҥа, «Тэтим» саха араадьыйатыгар биир дойдулаахпыт, Хатыҥнаахтан төрүттээх ырыаһыт кыыспыт Айыллыына Сандаар «Ньургуһун» саҥа ырыата кэрэхсэнэ тарҕанна.
Ырыа Калисфена тылларыгар, Айыллыына ийэтэ, Мария Кудрина матыыбынан олоҕуран таҕыста.
Айымньы ааптара Мария Афанасьевна ырыа матыыбын айыллыытын туһунан кылгастык бу курдук сэһэргээтэ:
«Мин курдук ньургуһуннаах томтор ортотугар сылдьыбыт киһи, 20- тэн тахса сыл ньургуһуммун көрбөккө сырыттаҕым…
Саамай ахтылҕаннаах сибэкким туһунан хайаатар да ырыа айыам дии санана сылдьыбытым. Онтон ити Калисфена хоһоонун ааҕаат, тута матыыба хоһуллан киирбитэ. Арай, дьиэм түннүгүн арыйбытым, соһуйуом иһин, ырыа тахсар кэмэ кэллэ, диэбиттии, 3 ньургуһун тэрбэһэн тахсыбыттар этэ
Ол курдук ырыам бэрт түргэнник оҥоһуллан, кыыспар тутатына ыыппытым. Ньургуһун туһунан ырыалар намыыннар, оттон миэхэ, үрдүк үөрүү алыбыгар айыллыбыт буолан, тэтимнээх буолан таҕыста»