Нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кытынна, санаатын аһаҕастык этиннэ

Орто Халыма улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын отчуота, олунньу 15 күнүттэн саҕаланна.

Ситэриилээх былаас соруктаах үлэтин икки бөлөҕүнэн салайан ыытар.
СӨ тутуутун миниистирэ В.Д.Романов салалталаах бастакы бөлөх, сөмөлүөттэн түһээт, Налимскай бөһүөлэгэр, оттон СӨ хотугу норуоттарын уонна Аартыка сайдыытын минииистэрин бастакы солбуйааччы С.А.Неустроев салайааччылаах иккис бөлөх, Хатыҥнаах нэһилиэнньэтин кытта көрүстэ.

Хатыҥнаахтар Бырабыыталыстыба иннигэр 20 кэриҥэ боппуруос туруордулар, санааларын хорсуннук этиннилэр, мунньах үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан сыаналаатылар.

Мунньах кэннэ, бириэмэ аттаран, биирдиилээн кэпсэтии олохтонно.

Сарсыҥҥыттан айаннаах мунньахтар салҕаныахтара. Бастакы бөлөх Сылгы Ыытар-Ойуһардаах, Березовка хайысхатын суолун тутуохтара, иккис бөлөх Сыбаатай — Эбээх — Өлөөкө Күөлэ — Арҕахтаах бөһүөлэктэригэр айанныахтара.

Мунньах туһунан сиһилии, эрэдээксийэ интэриниэт ситимнэригэр уонна «Халыма долгуннара» хаһыакка ааҕыаххыт.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше