Оскуола тэпилииссэтин, оскуоланы быйыл 9 кылааһы бүтэрбит кыргыттар Алена Антипина уонна Тамара Лаптева көрөллөр-истэллэр. Маны сэргэ оҕолор помидор, арбуз, пиэрэс, укроп уонна сибэкки арааһын үүннэрэллэр.
Оскуола дириэктэрэ Колымана Слепцова: «Тэпилииссэбит матырыйаалын үс сыллааҕыта атыыласпыппыт. Каркааһын олордуутун, ааспыт сыл «КЕН и Компаньон» хампаанньа, хапытаалынай өрөмүөн кэмигэр босхо туруоран биэрбитэ. Буорун, 40 куул перегнойу Сыбаатай орто оскуолатын үөрэнээччитэ Кирилл Слепцов бэлэмнээбитэ. Ону урбаанньыт Д.И. Луговкин буор босхо аҕалан биэрбитэ. Онтон тэпилииссэҕэ оскуола үлэһиттэрэ уонна остолобуой песронала субуотунньуктаан буорун кутан, бэрийэн бэлэмнээбиттэрэ. Арассаадалары олунньу ыйтан эбии үөрэхтээһин учуутала Маргарита Лаврентьевна Волкова 6 уонна 10 кылаас кыргыттарын кытта «Зимняя оранжерея» куруһуоктарын уонна «Школьная теплица» бырайыак чэрчитинэн олордубуттара. Үүммүт оҕурсууттан сайыҥҥы лааҕыр иитиллээччилэрэ аһылыктаммыттара. Билигин «Мясо-рыба» маҕаһыыҥҥа туттараллар».
Тома Лаптева: «Биһиги тэпилииссэни бэс ыйыттан көрөбүт-истэбит. Куйаас күҥҥэ иккитэ, сарсыарда уонна киэһэ кэлэн уу кутабыт, харайабыт. Сөрүүн күҥҥэ биирдэ кэлэбит. Бэс ыйын бүтэһигэр өлгөм үүнүүнү ылбыппыт. Ол курдук бэс ыйын 22 күнүгэр биир күн 40 устуука оҕурсууну быһан, маҕаһыыҥҥа 13 киилэни туттарбыппыт. Ураты сибэккиттэн подсолнух үүннэр. Биһиги бу үлэбитигэр атырдьах ыйын бүтүөр диэри сылдьыахпыт», — диэн сайыҥҥы дьарыгын туһунан кэпсээтэ.
Бу курдук оҕо үлэҕэ-кэрэҕэ үөрэнэрэ, атыыга-эргиэҥҥэ уһуйуллара, үлэтэ үтүө түмүктээх буолара, үөрэх кыһатын, уһуйааччы, төрөппүт сүрүн ситиһиитинэн буоллаҕа.