Эбээхтэр ааспыт сынньалаҥ күннэрин үтүө дьыалаҕа анаатылар. Кинилэр уочараттаах «Муус-күүлэй — 2024» тэрээһиннэрин ыыттылар.
Куонкурус олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, «Чөл нэһилиэк» бырайыак иитинэн, түөлбэлэр кыттыыларынан олохтонно. Манна оҕолуун-уруулуун, ыччаттыын, эр дьоннуун ким да туран хаалбакка кытынна. Куонкурус түмүгүнэн IV-с миэстэ — «Саһарҕа», III-с — «Кэскил», II-с — «Сарыал», кыайыылаахтарынан «Дьүкээбил» түөлбэ таҕыста. Кыттыылаахтар олохтоох дьаһалта аатыттан анал кырааматаларынан, мэтээллэринэн, сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.
Иккис Хаҥалас нэһилиэгин баһылыга Юрий Гуляев: «Тэрээһиммитин иккис сылбытын куонкурус ньыматынан ыыттыбыт. Култуурунай бырагырааматын И.И.Слепцов-Учуунускай аатынан култуура киинэ салайан ыытта. Булгуччу сиэр-туом тутуһан, Эбэбититтэн көрдөһөн, көҥүл ылан саҕалаабыппыт. Балаһыанньа быһыытынан, түөлбэттэн 4 эр киһи, ол иһигэр биир оскуола оҕото баара ирдэнэрэ. Түмүк 80 мүнүүтэҕэ төһө муус таһаарыллыбытынан быһаарыллар. Үлэ ортотугар сынньанарга 15 мүнүүтэ бэриллэр. Көхтөөх үлэ түмүгүнэн, муус тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 38 ыалга тиэйилиннэ. Маннык тэрээһинтэн дьон үтүө дьыалаҕа көхтөөх буолар. Кэнчээри ыччаты биир сомоҕо буолууга үөрэтэр, холобур буолар», — диэн тэрээһин туһунан иһитиннэрдэ.
Саргылана Кокорина