Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үтүө үгэскэ кубулуйбут мууһу ылыы субуотунньуктара ыытыллаллар. Ол курдук, биһиги улууспутугар Орто Халыма куоратыгар, Иккис Хаҥалас, Иккис Мээтис нэһилиэктэригэр көхтөөх норуот күүһүнэн ыраас уу аахсыйалара ыытылыннылар диэн иһитиннэрдилэр.
Тыыннаах күөлтэн ылыллыбыт муустары анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, аҕам саастаах, соҕотохтуу олорор уонна элбэх оҕолоох ыалларга тиэйилиннилэр.
Сылтан сыл ахсын үтүө хамсааһын араас тэрээһин чэрчитинэн ыытыллар.
Сыбаатайга үлэ тэрилтэлэрин эр дьонун күүһүнэн, 50-тан тахса ыалга ыраас муус тиэйилиннэ.
Эбээххэ, тустаах тэрээһин Кубалаах күөлүгэр «Муус күүлэй – 2023» күрэх чэрчитинэн буолан ааста. Күрэх Федор Колесов иилээн-саҕалаан тэрийиитинэн ыытылынна. Күрэх балаһыанньатын быһыытынан «Сарыал», «Саһарҕа», «Дьүкээбил», «Кэскил» түөлбэ олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Күрэс түмүгүнэн, саамай элбэх мууһу «Сарыал» түөлбэ бэлэмнээтэ.
Ааптар: Саргылана Кокорина
Хаартыска: Эбээххэ «Муус Күүлэй-2024» / Ааптар: Полина тырылгина