Орто Халыма, үс Халыманы ситимниир, өбүгэ саҕаттан, хотугу төрүт норуоттар (саха, эбээн, эбэҥки, дьукаагыр, долгаан, уо.д.а.) төрүт тылларын, үгэстэрин, култуураларын тутан, сайыннаран кэлбит, дириҥ устуоруйалаах, ураты тыыннаах, айылҕалаах улуус буолар. Устуоруйа кэрэһитэ кэпсииринэн, Халымаҕа аан бастаан, 1902 сыллаахха, этнограф, хотугу норуоттар олохторун, култуураларын чинчийээччилэртэн биирдэстэрэ В.И.Иохельсон, Оруоччаба учаастагар, «Оҕо тулаайах» олоҥхотун толорбут.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Орто Халыма улууһугар СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Иванович Ноев үлэлээбитин туһунан суруйан, интэриниэт ситимнэрбитигэр таһааран турабыт. Кини былаан быһыытынан Орто Халыма куоратыгар, Сыбаатайга, Эбээххэ, Өлөөкө Күөлүгэр сырытта. Сүрүн сыалынан улууска култуура уонна духуобунас сайдыытын таһымын сыаналаата, улуус устуоруйатын, дьонун-сэргэтин, үлэ тэрилтэлэрин кытта билистэ. Олоҥхо ыһыаҕын тула төгүрүк остуолу ыытта.

Бу күнтэн «Халыма долгуннара» хаһыаппытыгар уонна интэриниэт ситимнэрбитигэр «Олоҥхо» рубрика арыллар. Онон бу тиэмэ тула күндү ааҕааччыларбытын, төгүрүк остуол кыттыылаахтарын, санааларгытын, этиилэргитин, сүмэлээх сүбэлэргитин суруйан ыытаргытын эрэнэ күүтэбит.

Олоҥхо ыһыаҕа Орто Халымаҕа

Төгүрүк остуолга култуура кииннэрин, тэрилтэлэрин салайааччылара, исписэлиистэрэ уонна төрүт култуураҕа үлэлэһэр, духуобунас сайдыытын салайсар уопсастыбанньык дьон кытынна. Тэрээһиҥҥэ элбэх баҕа санаа этилиннэ, баараҕай былааннар торумнарын маҥнайгы үктэллэрэ оҥоһулунна.

Олук тэрээһининэн, улууспут аҕа баһылыга И.В.Лаптев СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыы миниистиригэр А.И.Ноевка, Орто Халыма улууһугар өрөспүүбүлүкэ биир баараҕай былааныгар, Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинин ыытарга диэн, сайаапка докумуонун дохсун ытыс тыаһынан туттарда.

«Кулума» култуура киинин дириэктэрэ Анастасия Павлюк Олоҥхо ыһыаҕын ыытыллар миэстэтин чуолкайдыырга ыҥырда. Дириэктэр эбээһинэһин толорор Елена Михайлова, норуот маастара Любовь Слепцова айымньылаах үлэтинэн оҥоһуллубут саха норуотун таҥастарын көрдөрүүгэ киллэрэн, халымалыы тыыннаах таҥас-сап, оһуор-мандар ис хоһоонун кэпсээтэ. Д.С.Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын учуутала, олоҥхо ыһыаҕын 8 төгүлүн кыттыылааҕа, саха фольклорун киэҥник баһылыыр биир бастыҥ киһибит Евдокия Даниловна Ефимова, култуура, духуобунас, фольклор, олоҥхо — оҕо төрүт тылын билиититтэн саҕаланар диэн, оскуолаларга саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култуура чаастарын элбэтэргэ этии киллэрдэ. Үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр «Эркээйи эргиирэ», «Халыма тускула» уо.д.а. анал бырагыраамаларга олоҕуран күүстээх үлэ ыытарга, олоҥхо ис туругун олохтоох ааптардар айымньыларынан тирэҕирэргэ, атын улуустарга ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарыгар уопут атастаһа барар дэлэгээссийэни эрдэ бэлэмнииргэ уо.д.а. элбэх суолталаах этиилэри, сүбэлэри киллэрдэ. Евдокия Даниловна тустаах санаата, уопута, сүбэтэ-амата, мэктиэтэ элбэхтэ суруллуоҕа дии саныыбыт.

Олоҥхо ыһыаҕын харахпытыгар хайдах анааран көрөбүтүй? Олоҥхо ыытыллар улууһугар тутуу-сайдыы кэмнэммэт үгүс үбү, бырабыыталыстыбаттан өйөбүлү эрэйэр буоллаҕа, аҥардас ыһыах ыытыллар түһүлгэтэ, тутуу, тиэйии-таһыы… Ыһыах түһүлгэтигэр Аал луук Мастан, тойон сэргэттэн саҕалаан, олоҥхоһут түһүлгэлэрэ, сэрэхтээх буолуу ирдэбилэ уо.д.а. оҥорон көрдөххө баараҕай улахан бырайыак…

Афанасий Ноев: Ил Дархан уурааҕыгар Олоҥхо ыһыаҕын ыытыллар сыла, ыйа, күнэ бигэргэниэҕэ
Сырыылаах үлэм сыалын-соругун ситистим. Куоракка уонна нэһилиэктэргэ култуура тэрилтэлэрин үлэһиттэрин, уопсастыбынньыктары, настаабынньыктары кытта көрсөн элбэҕи биллим, ылынным. Халыма дьоно, чуолаан тыа дьоно-сэргэтэ сахалыы тыыннарын тутан, сүөһүлэрин ииттэн, үгэстэрин тутуһан олороллорун көрөн олус сэргээтим. Хас биирдии сылдьыбыт тэрилтэбэр аһаҕастык этиллибит этиилэри, кыһалҕалары санаабар, болҕомтобор ыллым.
Ол курдук салайааччыларга, сайдыыны саҕар биир бастыҥ үктэлинэн, Граннарга кыттыы буолар. Маны сэргэ «Фонд культурных инициатив» диэн анал бырагыраамаҕа кыттарга ыҥырабын. Дьокуускай куоракка, улуустан, интэриниэтинэн докумуоҥҥутугар көмөлөһөр бэрэстэбиитэл баар буолуон наада. Ааспыт нэдиэлэҕэ П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыстара кэлэн, олоххутун-дьаһаххытын кытта билсэн, култуураҕытын үөрэтэн бардылар. Кинилэр бу сырыыларыгар тирэҕирэн, Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларыгар күүс-көмө буолуохтара.
«Саһарҕа» оҕо уһуйааныгар сахалыы тыллаах-өстөөх олоҥхолоон көрсүбүт оҕолору көрөн олус үөрдүм. Бу оҕолор сахалыы тылларын, тыыннарын бу курдук тутан, сайыннаран улааттахтарына, олоҥхо ыһыаҕар бэлэм толорооччу буолан тахсыахтара. Маны сэргэ «Сказка» оҕо сайдар киинин эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Александра Оконешникова «Оҕо иитиитигэр-фольклор оруола» ааптарыскай таһаарыытын билиһиннэрбитин биһирээтим.
Култуура кииннэрин салайааччылара, исписэлиистэрэ, айылҕаттан дьоҕурдаах тэрийэргэ уопуттаах дьон диэн урут уруккуттан сыаналыыбын. Ааспыт сайын Орто Халыма куоратыгар ыытыллыбыт үбүлүөйдээх ыһыаххыт туһунан, хаһыат эрэдээксийэтин техэрэдээктэрэ Алена Кокорина оҥорбут видеотун көрөн, олус астынным, үөрдүм, сүдү бырайыактарга холкутук ылсан ыытыах эбиккит диэн сыаналыыбын. Эрдэттэн бэлэмнэниэххэ, былааны сөптөөхтүк торумнуохха наада, 5 сыл болдьох, бэлэмнэнэргэ бириэмэ баар.
Орто Халыма самодеятельноһа ураты суоллаах-иистээх, туһунан көрүүлээх, тыыннаах, айылҕаттан дьоҕурдаах буоллаҕа.
Ил Дархаммыт Айсен Николаев «Колыма-сердце Арктики» диэн эппит этиитэ элбэх өйдөбүлү биэрэр. Онон биир түмүк тылынан, Олоҥхо ыһыаҕа Орто Халыма улууһугар ыытылларыгар кыах баар эбит диэн эрэбил санаалаах төнүннүм.
Ол курдук улуус дьаһалтатын иһинэн култуура отделын салайааччыта, олоҥхо ыһыаҕар эппиэттиир мэтэдиис олохтонон, бэлэмнэнии үлэтэ быйылгыттан ыытыллыан наада. Онон сотору кэминэн, СӨ Ил Дарханын уурааҕар, эһиги улуускутугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын күнэ-дьыла бигэргэнэн тахсарын күүтүөҕүҥ!

Ааптар: Саргылана Кокорина

 

Читайте дальше