Муус устар 5-7 күннэригэр анаабыт курдук күннэр-хонуктар туран биэрдилэр. Бу күннэргэ Алаһыай нэһилиэгэ төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн, үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы ат сүүрдүүтүн күрэҕэ ыытылынна.
Бу күрэххэ аан бастаан кытынным. Түмүгэ бэйэм санаабар куһаҕана суох. Манна икки атынан күрэхтэстим, Доҕор — 2400м дистанцияҕа II-c миэстэ (хаһаайына Г.А.Созонов), Муҥурдьай — 3200 м – II миэстэ (хаһаайына Н.П.Кондаков). Аттарын эрэнэн уларсыбыттарыгар биир дойдулаахтарбар махтанабын. Аттарбын баайан, сүүрэргэ эрчийэн бэлэмнээбитим.
Ат сүүрдүүтүгэр ситиһиилэрбиттэн олус үөрдүм, долгуйдум уонна элбэххэ эбээһинэстээтэ дии саныыбын.
Улууспут бастыҥ сылгыһыттарыттан биирдэстэрэ, Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр 25 сыл устата сылгы иитиитигэр сыратын-сылбатын харыстаабакка үлэлээбит чөмпүйүөн –сылгыһыт, өр кэмнэргэ ат сүүрдүүтүнэн дьарыктаммыт, социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа Савва Егорович Винокуров дьиэ кэргэнин аатыттан Эҕэрдэ суруктарыгар, бириистэригэр махтанабын.
Бастакы Хаҥаластан Дмитрий Гаврильевич Винокуров (Миикэ оҕонньор) ыччаттарын «бырааттыы Миитэрэйэбистэр» бириистэрин тутан олус үөрдүм.
Биир дойдулаахтарбар, Кондаковтарга «Аҕа уустара» анал бириистэрин иһин, аймахтарбар, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрбэр, доҕотторбор, учууталларым үтүө тылларыгар, бэйэм төрөппүттэрбэр, эбэбэр истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Маны сэргэ кылаабынай тириэньэрбэр Николай Васильевич Слепцовка, сүбэ-ама биэрбит уопуттаах сылгыһыттарга П.Н.Кондаковка, И.И.Слепцовка, Н.П.Кондаковка чопчулаан махтанабын.
Махтанабын ат успуордун сэҥэрээччилэргэ, атын сиртэн кэлбит ыалдьыттарга, нэһилиэктэр хамаандаларыгар, бу тэрээһин хас хамсаныытын комментарийдаан сырдаппыт, тупсарбыт Алексей Михайлович Тарасовка сиргэ тиийэ сүгүрүйэбин. Бука бары доруобай, дьоллоох буолуҥ.
Егор Носов, Арҕахтаах бөһ.