Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас

Бу күннэргэ Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин «Талба Хотун» үҥкүү ансаамбыла, Орто Халыма куоратыгар, Налимскайга, Сылгы Ыытарга, Ойуһардаахха үҥкүү дьоро киэһэтин бэлэхтээтилэр.

Кинилэри кытта эдэр талааннаах ыччаппыт, ырыаһыт кыыспыт Сахая Винокурова уонна быраактыкаҕа кэлэ сылдьар, Дьокуускайдааҕы култуура кэллиэһин үһүс кууруһун устудьуона Виталий Винокуров сырыттылар. Маны тэҥэ нэһилиэктэргэ уонна Орто Халыма куоратыгар кэнсиэртэри үтүө санаалаах дьон ыллаан-туойан киэргэттилэр, күүс – көмө буоллулар.

Артыыстары олохтоох дьаһалта массыыната, суоппар Валентин Санников уонна Николай Колесов көлөлөрүнэн илдьэ сылдьан сырыы-айан бэркэ табыллан сырыттылар. Кэнсиэрдинэн киирбит үп (114 600с.) аһымал аахсыйа чэрчитинэн, элбэх оҕолоох Третьяковтар уонна Колесовтар дьиэ кэргэттэригэр, Москубаҕа уонна Дьокуускай куоракка эпэрээссийэҕэ барар оҕолоругар ананна. Маны тэҥэ, 80 ытык сааһын кэнсиэринэн бэлиэтээбит биир дойдулаахпыт Анна Алексеевна Явловская, тэрээһинигэр киирбит үбүн (30 000с.) эмиэ бу аһымал аахсыйаҕа туттарда.

Бэйэлэрин күүстэринэн, үтүө санааларынан салайтаран аһымал аахсыйаҕа кыттыбыт бар дьоммутугар барҕа махтал тылларын биллэрэбит.

«Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас» диэн бэргэн этии эһиэхэ ананар. Барыбыт алгыһынан, оҕолорбут үтүөрэн эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт.

Ааптар: «Түмэн» Бэтэрээн Сэбиэтэ

Хаартыска: «Талба Хотун» үҥкүү ансаамбыла 

Читайте дальше