Орто Халыма улууһун ытык-мааны ыала Варвара Николаевна уонна Николай Николаевич Бережновтар сарын-сарыннарыттан өйөнсөн бииргэ олорбуттара кулун тутар 24 күнүгэр 50 сыллара буолла. Онон бүгүҥҥү «Дьиэ кэргэн» рубрикабыт ыалдьыттара, кыһыл көмүс сыбаайбалаах дьиэ кэргэн — Бережновтар буолаллар.

— Ааҕааччыларбытыгар олоххут суолун кэрчиктэриттэн сырдатыахха.
Варвара Николаевна: Мин 1947с. Эбээх бөһүөлэгэр Дүөнсэ диэн учаастакка төрөөбүтүм. Дьонум сүөһү көрөр, хара үлэһит дьон этилэр. Бииргэ төрөөбүт сэттэ оҕоттон саамай кыраларабын. Эбээххэ оскуоланы бүтэрэрбитигэр «Оскуола-производство — үрдүк үөрэх» диэн девизтээх пиэрмэҕэ үлэлии тахсыбыппыт. Онно үс сыл үлэлээн баран үөрэххэ барбытым, кэлэн Эбээххэ бэтэринээр бырааһынан анаммытым. Ыал буолан, көһөн кэлиэхпэр диэри, үс сыл үлэлээбитим. Манна сопхуоска бэтэринээринэй эмтиэкэҕэ, онтон кассирдаабытым. Кэтэхтэн бухгалтерга үөрэнэн, сопхуос ыһыллыар диэри үлэлээбитим. Страховкаҕа дириэктэр да буола сылдьыбытым. Билигин мусуойга үлэлиибин.
Николай Николаевич: Мин 1946с. төрөөбүтүм, Сыбаатайтан төрүттээхпин. Алаһыайга оскуолаҕа көһүү, онтон аармыйаҕа соҕуруу үс сыл сулууспалаабытым. Орто Халымаҕа тырахтарыыс кууруһун бүтэрбитим. Автошколаҕа үөрэнэн, дальнобойщигынан үлэлээбитим. Черскэй, Зырянка, Березовка хайысхаларынан сылдьар этибит. Халымаҕа сылдьыбатах сирим диэн суох. Үлэлээбит сирим элбэх, Иркутскай биригээдэтин кытта манна аэропорт тутуутугар үлэлээбитим.
Ол кэннэ ыарахан үлэҕэ Автодорга ыыппыттара. Билигин «Боотур» оҕо успуорт оскуолатыгар остуораһынан үлэлиибин.
1972с. тутуу маһын тиэйэ бара сылдьан, кэргэммин кытта билсиспиппит. 1974с. кулун тутар 24 күнүгэр ыал буолбуппут. Кэргэним Эбээххэ, мин куоракка олорон үлэлиирбит.

— Оҕолоргут, сиэттэргит тустарынан кэпсэтиэххэ.
— 1975с. бастакы кыыспыт күн сирин көрбүтэ.Үс кыыс оҕолоохпут: Дария, Люба, Александра. Икки кыыс Дьокуускайга оҕо инфекционнай балыыһатыгар үлэлииллэр, иккиэн СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуннара. Люба — старшай сиэстэрэ, Александра — рентгенолог. Улахан кыыспыт Дария Хатыҥнаахха медсиэстэрэнэн үлэлиир, төрөппүттэрин курдук уопсастыбанньык.
Улахан сиэммит Николашка улуустааҕы гимназияны туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ, барытыгар көхтөөхтүк кыттара. Байыаннай өттүгэр баҕалаах буолан, аармыйаҕа барбыта. СВО-ҕа баран сырдык тыына быстыбыта. Алеша ХИФУ мединститутун кыһыл дьупулуомунан бүтэрэн, билигин медцентрга үлэлии-үлэлии салҕыы үөрэнэр. Андрей Хатыҥнаах уһуйааныгар кыладыапсыгынан үлэлиир. Надежда теплосбыт техникумун кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитэ, билигин үөрэҕин үрдэтинэ сылдьар, Александр теплосбыт техникумугар устудьуон. Алена 5-с кылааска үөрэнэр, саамай кыра сиэммит Эрсан 3-с кылаас. Кини гиирэ көтөҕүүтүгэр Дьокуускай куорат чөмпүйүөнэ буолар.

— Эһигини уопсастыбаннай олоххо көхтөөх дьонунан билинэбит.
Варвара Николаевна: Бэтэрээннэр спартакиадаларыгар сылын аайы кыттабыт. 10 саастаахпыттан сцена киһитэбин, билигин «Дьиэрэй» ырыа ансаамбылыгар сылдьабын. Оҕо эрдэхпиттэн теннискэ оонньуубун, спартакиадаҕа теннис, хабылык, хаамыска көрүҥнэригэр кыттабын. Кэргэним Николай бары көрүҥҥэ барытыгар кыттар. Иккиэн билигин даҕаны кэллэктиибэ суох сатаммаппыт, олох үөһүгэр сылдьабыт.
Николай Николаевич: Урут үлэлии сырыттахпына «Норуодунай тыйаатырга кэлэн оонньоо» диэн Ольга Алексеевна испэктээккэ, биир оруолу биэриэм, элбэх саҥата суох диэн «ээх» дэттэрбитэ. Оннук үс хоноот, испэктээккэ кыттыбытым. Ол кэннэ тыйаатырга араас оруолу оонньоон кэллим. «Ынахтаах Хотун» испэктээгинэн 2018с. Дьокуускайга баран тыйаатырбытын көмүскээн кэлбиппит.

— Дьиэ кэргэнинэн туох үгэстээххитий?
Николай Николаевич: Успуорду өрө тутуу, булт-алт, балыктааһын, айылҕаҕа тэҥҥэ сылдьыы буолар. Иккиэн сыаҥааҥҥа сылдьабыт. Сүрүнэ аска диэн буолбакка, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыы, хамсаныы буолар. Бултаан кэллэххэ «киһи барыта аһыахтаах» диэн үгэспитин бу күҥҥэ диэри тутуһабыт, дьоммутун күндүлүүбүт. 2020с. Александр Борисов «Охота и рыбалка» телепередачатыгар сыаҥааны хайдах бултуурбун уонна хоту дьонун үтүө үгэһин устубута. Ол кэннэ, бэл Сочига сырыттахпына «били балыктыыр оҕонньоргун дуо?» диэн ыйыппыттаахтар.

— Эһиги эдэр көлүөнэни ыал буолан олорууга угуйар, үтүө холобур буолаҕыт. Дьиэ кэргэттэргэ туох баҕа санааҕытын, сүбэҕитин тиэрдиэххитий?
— Элбэх киһи биһиги дьиэбититтэн ыал буолан тахсыбыта. Сүрүнэ бэйэ-бэйэни өйдөстөххө, дьиэ кэргэн бигэ туруктаах, инникилээх буолар. Оҕобут «үлэлээн сылайда» диэн этиини туттубакка, оҕону үлэҕэ иитиэххэ наада. Уопсастыбаттан тэйбэккэ, эдэр-эдэр курдук тэҥҥэ сүүрэн-көтөн, үлэлээн, ситиһиилээхтик, чэгиэн-чэбдик сырыттыннар.

Ааптар: Оксана Слепцова

Читайте дальше