Дьокуускай куоракка «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» Арассыыйа бырагырааматын чэрчитинэн кыбартыыраны ылбыт дьоҥҥо күлүүс туттарар үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытылла тураллар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ күлүүһү 6 дьиэ кэргэн тутан дьоллонно, өссө икки киһи Орто Халыма куоракка баар дьиэлэртэн ыллылар. Сыл бүтүөр диэри 40 кыбартыыра күлүүһүн туттарыахтара. «Спецавтоматика» тэрилтэтиттэн «Куттала суох куорат» бырагырааматынан тас кэтээн көрүү камераларын туруора сылдьаллар. Уулуссаларга туруорууну түмүктээтэхтэринэ, бу камералар биир сиргэ түмүллэн экраҥҥа көстөрүн ситиһиэхтээхтэр.
«Нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа дьон санаатын сэтинньи 15 күнүгэр диэри хомуйа сылдьаллар. 5 бырайыак куолас-тыыр испииһэккэ киирбит, ону тэҥэ илиис-кэ дьон бэйэ санаатын эбии суруйарыгар миэстэ көрүллүбүт. Куораппыт тупсан иһэригэр, бырайыакка куоластыаххын баҕардаххына, куорат дьаһалтатыгар, «Кулума» сынньанар кииҥҥэ эбэтэр «Е.М. Слепцов аатынан «Родина» успуорт саалатыгар баар дьааһыктарга куоласкытын уган кыттаргытыгар ыҥыраллар.
Светлана Третьякова.