Кулууппут үлэтэ сөргүтүллэн, бырааһынньык көхтөөхтүк ыытылынна

Байды нэһилиэгэр «Айаан» култуурунай кииммит өр иһийэн турбута. Быйыл аҕам саастаахтар күннэрин көрсө саҥа үлэ кэлэктиибэ талыллан, үлэ былаана үгүс. Мин кырдьаҕастар күннэрин бэлиэтээһини көрөөрү, интэриэһиргээн кулууп дьиэҕэ сырыттым.

Эдэркээн, кыраһыабай хаһаайкалар сүүрэ-көтө тэрийэн, сандалы остуол тула мустубут дьону ыллам ырыанан эҕэрдэлээтилэр уонна сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Манна алын кылаас оҕолоро көхтөөхтүк кыттыылара бырааһынньыгы ордук киэргэттэ. Хомуска олус үчүгэйдик дьүрүһүтэр оҕолору сөҕө-махтайа иһиттим.
Бырааһынньыгы иилээн-саҕалаан тэрийбит, элэккэй майгылаах нэһилиэкпит бэтэрээннэрин салайааччытыгар Виктория Васильевна Лаптеваҕа махталбыт муҥура суох. Оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буолар үтүө майгылаах киһибитигэр, инникитин үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Ону кытта кулууппут саҥа састаабыгар, ырыаҕа, үҥкүүгэ уонна муусукаҕа айылҕаттан айдарыылаах биир дойдулаахтарбытын, Николай Егорович Винокуровы, Екатерина Михайловна Луговкинаны эҕэрдэлиибин. Кулууппут ырыата-тойуга уостубакка дуораһыйа турдун!

СӨ Үлэ сыла биллэриллибитэ түмүктэнэн эрэринэн, сопхуос саҕаттан билигин да үлэлии сылдьар, бар дьон туһугар утуйары-олорору аахсыбакка, тимир көлөттөн илиилэрин араарбакка үлэлиир тырахтарыыстар ааттарын ыйан тураммын: Аркадий Еремееви, Иван Винокуровы, Илья Кутуковы чиэстииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Улууспут нэһилиэктэригэр билигин даҕаны үлэ үөһүгэр сылдьар тырахтарыыстар баар буоллахтара. Кинилэр таһаарыылаах үлэлэриттэн, тыа сирин олоҕо, инники сайдыыта улахан тутулуктааҕа саарбахтаммат.
Маны тэҥэ, биһиги кэккэбэтигэр билигин суох, эдэр саастарыгар бу орто дойдуттан барбыт, араас кэмнэргэ бииргэ үлэлэһэ сылдьыбыт үтүө дьоммутун умнумуоҕуҥ! Оччотооҕу сопхуос тигинээн үлэлии олорор кэмигэр, кыһыннары-сайыннары бүппэт үлэ — уу, от-мас тиэйиитэ үгүс буолара. Ардыгар, туруу үлэһит дьоммут хаһан утуйан-туран сылдьалларын сөҕөр эрэ этим. Кинилэр сарсыарда эрдэ гарааска тиийэн, тиэхиньикэлэрин өрүү көрүнэр буолаллара. Оччотооҕу саҕана үлэ дьиссипилиинэтэ кытаанаҕа. Үлэни өрө туппут, булгуруйбат санаалаах күндү дьоммутун Михаил Берёзкины, убайым Василий Оконешниковы, Константин Третьяковы, Игорь Слепцовы, Егор Бережнову, Митрофан Колесовы биһиги тыыннаахтар умнубат ытык иэспит буолар.
Түмүкпэр, Халымам дьонугар үлэҕит таһаарыылаах, түмсүүлээх уонна ситимнээх буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Ааптар: Василий Оконешников-Тайҕа Баһылайа, Налимскай бөһ.

Фото: Байды нэһилиэгин бэтэрээннэрэ / ааптар: Алена Колесова

Читайте дальше