Алаһыай нэһилиэгэр сир араас муннугуттан элбэх кийиит, күтүөт кэлэн, олохсуйан, иккис дойду оҥостон, ытык-мааны ыал дэтэн дьоһун олох олорон аастахтара.
Алаһыай нэһилиэгэ төрүттэммитэ 90 сылын көрсө нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын хаалларбыт дьон туһунан кылгастык сэгэтэн ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
- Акулина Михайловна Кондакова, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ. 1957с. Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникуму үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон ыла Алаһыай нэһилиэгин Сэбиэтин, «Орто Халыма» сопхуоска суотчутунан үлэлээбитэ. 1959с. оҕо уһуйаанын тэрилтэтигэр уһуннук үлэлээбитэ. Кини бииргэ төрөөбүт балтылара Акулина уонна Мария, Алаһыайга кийиит буолан кэлбиттэрэ. Кэргэнин Петр Николаевич Кондаковтуун 60-н тахса сыл бииргэ олорбуттара, икки оҕолоохторо.
- Акулина Михайловна Винокурова, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ. Иитээччи идэлээх. Нэһилиэккэ оҕо уһуйаанын бастакы сэбиэдиссэйэ, кэлин иистэнэр сыахха үлэлээбитэ. Михаил Константинович Винокуровтыын эйэ-дэмнээхтик уһуннук олорон, түөрт оҕоломмуттара.
- Кыра балыстара Мария Михайловна Созонова, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ. Биэс оҕолооҕо. Интэринээккэ техүлэһитинэн, оҕо уһуйааныгар ас астааччынан үлэлээбитэ.
- Александра Иннокентьевна Третьякова, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ. 1957с. кэргэнинээн Егор Саввич Кокоринныын Иккис Хаҥаластан көһөн кэлбиттэрэ. «Орто Халыма» сопхуос Алаһыай отделениетыгар арыы сыаҕар бэрт уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Икки оҕолооҕо.
- Мария Семеновна Созонова оскуолаҕа, интэринээккэ техүлэһитинэн үлэлээбитэ. Кэргэнинээн Алексей Гавриловичтыын бииргэ олорон үс оҕоломмуттара.
Кэнники сылларга А.Д.Винокурова, Т.И.Созонова, М.И.Лаптева, А.Н.Гуляева, С.А.Никулина кийиит буолан, Алаһыайга дьиэ-уот тэринэн нэһилиэкпит сис ыаллара буолбуттара. «Кэлии» күтүөттэр, оччотооҕу ССРС араас муннугуттан кэлэн, Алаһыайы «иккис төрөөбүт дойду» оҥостубуттара.
Бастаан 1940-с сылларга И.Г.Олейников уонна С.З.Черняков Халыманы булбуттара.
- Игнатий Григорьевич Олейников Тюменскай уобаластан төрүттээҕэ, 30-чалаах киһи Халыма сиригэр кэлбит. «Дальстрой» диэн тэрилтэ тутуутугар байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллан, манна ыытыллыбыт. Бу тэрилтэҕэ уонча сыл сулууспалаабыта. Ол кэнниттэн Сыбаатайга холкуоска хотону туппута.
Онтон иккиэ буолан 100 миэстэлээх кулуубу туппуттар. Кулуупка анаан ыскааптары, ыскамыайкалары оҥортообут. Оччолорго барытын сүгэнэн суоран оҥороро. Бөһүөлэккэ олоруу дьиэлэри эмиэ туруортаабыт. Онно сылдьан олохтоох кыыһы Евдокия Николаевна Слепцованы кытта ыал буолбуттара. Ити кэмҥэ Арҕахтаах бөһүөлэгэ саҥа тутуллан эрэрэ. Онно Игнатий Сыбаатайтан Алаһыай өрүһүнэн, аалынан устан Арҕахтаахха тиийбитэ. Бу бөһүөлэккэ оскуоланы, интэринээти, маҕаһыыны, ыскылаат, бэкээринньэ тутуспута. 1955с. балыыһаны «соҕотох» туппута. (Д.Кокорин «Нуучча доҕорбут»).
Кырдьаҕастар ахталларынан, Игнатий оҕонньор аан маҥнай нэһилиэккэ буор оһоҕу оҥорорго олохтоохтору үөрэппитэ. Интэринээккэ сопхуоһунан үлэлээбитэ. Дьиэ туттубута, тоҕус оҕоломмуттара. - Семен Захарович Черняков Украина Черниговскай уобалаһыттан төрүттээҕэ. Сэрии саҕаламмытыгар, «итэҕэлбинэн киһини өлөрөрүм сатаммат» диэн, сэриигэ барартан кыккыраччы аккаастаммыт. 10 сылга Халымаҕа сыылкаҕа ыытыллан, 1950с. босхолонон, Сыбаатайга олохсуйар. Онно Алаһыайтан сылдьар Дария Николаевна Созонованы кытта ыал буолан, Арҕахтаахха көһөллөр, 9 оҕоломмуттара. Үксүн тутууга үлэлээбит киһи.
- Виктор Петрович Сукачев 1940с. Украинаҕа Ростов на Дону куоракка төрөөбүтэ. 1959-1962сс.Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалаабыта. Сезоннай үлэлэргэ плотнигынан сылдьыбыт. 1977с. Сыбаатайга оскуола тутуутугар кыттар. 1985с. «Алаһыай» сопхуос киин хочуолунайыгар хачыгаарынан үлэҕэ киирэр. Биэнсийэҕэ тахсыар диэри хочуолунайга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кичэл үлэтин иһин, элбэх кырааматанан уонна махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Үлэ бэтэрээнэ. Биир кыыстааҕа.
- Виктор Васильевич Колодин 1941с. Тамбовскай уобаласка Большая Двойня диэн сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ. Сэттэ кылааһы бүтэрэн, тутуу училищетын үөрэнэн монтер идэтин ылбыта. Орто Халымаҕа байыаннай чааска сулууспалаабыта. Олоҕун аргыһын Анастасия Дмитриевна Созонованы көрсөн, биир кыыс оҕону ииппиттэрэ. Кыыстара элбэх сиэни бэлэхтээбитэ. Демобилизация кэнниттэн, «Орто Халыма» сопхуоска Алаһыай отделениетыгар үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла сопхуостарга тырахтарыыһынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үлэ бэтэрээнэ. 1985с. өрөспүүбүлүкэ, оройуон хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ.
- Виктор Михайлович Голубенко 1948с. Абый оройуонугар Белая Гора бөһүөлэккэ төрөөбүтэ. Икки оҕолооҕо. Киин хочуолунайга үлэлээбитэ. Олохтон 2023с. туораабыта.
- Валерий Алексеевич Арнаутов Брест куоракка 1950с. төрөөбүтэ. Колымторг, киин хочуолунайдарыгар уһуннук, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
- Виктор Петрович Бондаренко (1951с.т.) Доруобуйанан хааччахтаах буолан, сопхуоска араас үлэҕэ сылдьыбыт. Олохтоох кыыһы Анастасия Семеновна Чернякованы кытта билсэн, ыал буолбуттара. Кыыстаах уол оҕоломмуттара, кэлин биир кыыһы иитэ ылбыттара.
- Виктор Степанович Полюхов 1954с. Ленинградскай уобаласка Приозерск куоракка төрөөбүтэ. 1979-1971 сс. ПТУ-ны бүтэрэн, токарь идэтин ылбыт. 1972-1974 сс. стройбатка сулууспалыыр. 1975с. башеннай краннар машинистарын кууруһугар үөрэммит. Краннары өрөмүөннүүргэ силиэсэринэн үлэлээбит.
1979с. Арҕахтаахха итии эргиэн ыскылаатын тутууга сылдьыбыт. Ол сыл Мария Петровна Кондакованы кэргэн ылар, манна олохсуйар, үс оҕолоохтор.
Алаһыай отделениетыгар оробуочайдаабыт, болуотунньугунан үлэлээбит. Кэлин ДЭС-кэ дизелистаабыта. 2011 с. хомолтолоохтук суох буолбута. - Виктор Николаевич Лебедев 1954 с. Свердловскай уобаласка Байны диэн сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ.1976с. атыы-эргиэн училищетын бүтэрэн, атыыһыт идэтин ылбыта.1979с. Арҕахтаахха кэлэн, тутууга үлэлии сылдьан, Татьяна Петровна Стручкованы көрсөн ыал буолбуттара, икки уол оҕоломмуттара. Виктор Николаевич Колымторг хочуолунайыгар үлэлээбитэ. Онтон кэргэнин кытта Аллараа Халымаҕа Черскэйгэ көспүттэрэ.
- Алахул Абдрахманович Давлетов 1960с. Астраханскай уобаласка Камызяк куоракка төрөөбүтэ. 1984 с. Валентина Константиновна Созонованы көрсөн, холбоһоллор. Ити сыл манна кэлэн олохсуйаллар, 4 оҕоломмуттара. Кини Алаһыай отделениетыгар ыччат сүөһүгэ, онтон оскуолаҕа завхоһунан, сүөһү иитиитин учууталынан, интэринээккэ сэбиэдиссэйинэн, Колымторга сэбиэдиссэйинэн, нэһилиэк дьаһалтатын сир үлэһитинэн үлэлээбитэ. 2013с. соһуччу олохтон туораабыта.
- Михаил Мамендрович Макунев Белоруссияттан төрүттээх. 1976с. Орто Халымаҕа үлэлии кэлбит. Онтон Алаһыай нэһилиэгэр тутуу биригэдьииринэн ананан кэлэр. 12 сыл манна тутууга үлэлээбитэ. Анна Дмитриевна Третьяковалыын ыал буолан, 4 оҕоломмуттара. Билигин Орто Халыма куоратыгар олороллор.
- Мин ийэм, Валентина Дмитриевна Стручкова (Батюшкина), үлэ бэтэрээнэ. 1970 сыллаахха аҕабынаан Василий Гаврилович Стручковтуун Бастакы Хаҥаластан көһөн кэлбиттэрэ. Ийэм остолобуойга, онтон атыы-эргиэн тэрилтэтигэр атыылааччынан уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. «Саха сирин атыы-эргиэн Бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэ, «Ийэ буолуу» I,II ист. мэтээллэр хаһаайкалара. Стручковтар дьиэ кэргэн бу күҥҥэ диэри Алаһыайдарыгар, 55 тахса сыл бииргэ олороллор, алта оҕолоохтор. «Семейная доблесть» бэлиэлээхтэр.
Халымаҕа, Алаһыайга Черняковтар, Олейниковтар, Полюховтар, Давлетовтар уонна да атыттар ыччаттара тэнийэн олороллор. Атын да сиртэн кэлбит кийииттэр уонна күтүөттэр нэһилиэкпит сайдарыгар кылааттара умнуллубат, үтүө ааттара куруук ааттана сылдьыаҕа.
Бу ыстатыйаны суруйарбар көмөлөспүт Иннокентий Алексеевич Созоновка махтанабын.
Ааптар: Евдокия Кондакова, Алаһыай нэһ.
Хаартыскаҕа: Е.Н.Винокуров, В.Д.Стручкова, А.И.Третьякова, А.П.Ефимова, А.М.Кондакова, М.И.Созонова, М.С. Созонова, А.М.Винокурова.