Кибертүөкүттэр угаайыларыгар түбэһимэҥ

Ис дьыала министиэристибэтин хамыыһыйата Александр Юрьевич Степанов, полиция майора, уонна Петр Григорьевич Куприянов, полиция подполковнига, тэрилтэ салайааччыларын мунньан үпкэ куттала суох буолуу туһунан иһитиннэриини оҥорбуттара.

Түөкүттэр саҥаттан саҥа угаайыны айан иһэллэр, полиция бу быһылааннары кэмигэр арыйарыгар араас күчүмэҕэйдэри көрсөр. Маннык албыннааһын үчүгэй интэриниэттээх эрэ сирдэргэ дьон түбэһэрэ буолуо дии саныырбыт, оннук буолбатах.

Ол курдук, биһиги улууспутугар сылыгар биэстэн аҕыйаҕа суох араас үп түөкүттэригэр түбэспиттэрин туһунан биллэриилэр полиция үлэһиттэригэр киирэллэр.

Холобур, улуус салалтатын үлэһитэ А. кэпсээниттэн: МТС суотабай эпэрээтэриттэн кырдьаҕас табаарыһын кытта кэпсэтэ олордоҕуна, звонок кэлбит, ким эрийэрин көрбөккө ылбыт. Төлөпүөннээччи кини аатын-суолун толордо эппит уонна эн дуогабарыҥ сиппит, бу нүөмэргин хаалластаҕын дуо диэн ыйыппыттар. Хаалластабын диэбитигэр, билигин саҥа дуогабар оҥоруохпут, ол иннинэ куоду ыытыахпыт, ону биһиэхэ биллэрээр диэбиттэр. Бу куоду ыыппытыгар, «Госуслуги» диэн саайка баар, атын да дааннайдарын түөкүттэр барытын билбиттэр.

Ону дьэ албыннааһыҥҥа түбэспитин билэн, төлөпүөнүн араарбыт уонна полицияҕа тыллаан быыһаммыт. Итинниккэ эн ааккыттан иһитиннэриилэри билэр-билбэт дьоҥҥор харчы көрдөөн эбэтэр бу сыылканан киир диэн ыҥырыылары ыыталлар. Түбэспэт гына, билбэт нүөмэргиттэн эрийдэхтэринэ ылымаҥ, «биһиги оҕобутугар куоластааҥ» диэн ыҥырыылары, «Манна киирэн көр» диэбит курдук аккырыыккалары баттаамаҥ.

Өссө биир холобур, М. диэн куораппытыгар үлэлиир киһиэхэ Дьокуускайга баар салайааччытыттан киэһэ иһитиннэрии кэлбит. Онно харчыга наадыйдым, суһаллык ыыта оҕус диэбит. Онуоха аккаунун сирийэн көрбүтүгэр, атын эбит, онон ыыппатах. Сарсыҥҥы күнүгэр уопсай ватсап группаларыгар салайааччылара суруйбут: «Мин ааппыттан иһитиннэриилэр барбыттар, хас да киһи түөкүттэргэ харчы ыыппыт, мин тоҕо суругунан көрдөһүөхпүнүй, эһиэхэ сирэй тахсан кэпсэтиэм этэ буолла»,- диэбит.

Төлөпүөннэргитигэр ааккытын, кистэлэҥ бэлиэ тылгытын (логин, пароль) диэннэри өйдүөм суоҕа диэн сурунумаҥ, оннук төлөпүөн функциятынан туһанымаҥ диэн сүбэлииллэр. Өссө араас эрэкэлээмэ быһыытынан, харчыгын хас да бүк улаатыннарыаҥ диэн манчыктаах иһитэннэриилэргэ киирбэт ордук.

Биһиги улууспутугар оннукка түбэспит дьон үгүс. Өссө биири билиэххэ наада: урут туһана сылдьыбыт сим — каартабытын быраҕан кэбиһэбит, онно араас эн дааннайдарыҥ сылдьар буолуохтарын сөп. Бу симка нүөмэрин ылбыт киһи, эн ааккынан харчы укпут бааҥҥар да киириэн сөп буолар. Ол иһин эргэ нүөмэриҥ дуогабарын суотабай эпэрээтэр хонтуоратыгар тиийэн, көтүрүөххүн наада.

Ил Түмэн дьокутаата хайдах түөкүттэргэ түбэспитин кэпсээбитэ ватсапка тарҕана сылдьар. Киниэхэ доруобуйатын страховкалаппыт хампаанньатыттан төлөпүөннээбиттэр, аатын суолун толордо этэн баран, билигин медицинскэй карточкалары QR-кодка (куйаар куот) уларыта сылдьабыт, ол куодунан эмтиир тэрилтэҕэр баран ылаар, олох сүтэримээр диэн сэрэтиилээхтэр эбит. Итэҕэйэн, кэлбит куоду этэн биэрбит. Кини аатыттан кирэдьииттэр оҥоһуллубутунан барбыттар. Б

илиҥҥи үйэҕэ билэр киһиҥ куолаһын да, дьүһүнүн да үтүктүөхтэрин сөп. Онон сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Кибертүөкүттэргэ түбэспит дьон бары да маннык албыннааһын баарын билэр этибит, мин түбэһиэм дии санаабатаам дииллэр.

Автор: Светлана Третьякова

Читайте дальше