От ыйын 17 күнүттэн Дьокуускай куоракка, «Триумф» успуорт киинигэр, олимпийскай чөмпүйүөн, Аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС успуордун үтүөлээх маастара Павел Павлович Пинигин аатыгар көҥүл тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас турнир ыытыллар.
Биһиги улууспутуттан «Боотур» оҕо спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ Слава Лаптев (41к.), Роберт Оконешников (35к.), Арылхан Третьяков (52к., Арҕахтаах), Кирилл Кузьмин (35к.), Саша Потапов (68к. Арҕахтаах), Чингиз Калашников (28к.), Ньургун Оконешников (28к.), Саша Колесов (32к.Арҕахтаах), Давид Лаптев (44к., Сылгы Ыытар), Вова Оконешников (51к.) улахан ыйааһыҥҥа Игорь Тарасов, Тимур Гоголев (Сыбаатай), Олег Оконешников (Арҕахтаах), Алеша Татаев (Андрюшкино с.) кытталлар.
Кыттааччылары Дмитрий Шадрин салайан илдьэ сылдьар. «Боотур» оҕо спортивнай оскуолатыгар уһуйуллубут, билигин Харатааҕы спортивнай лицей үөрэнээччитэ Слава Лаптев: «Бастакы күн турнир икки эргиирэ буолбута. Мин икки кыайыылаах иһэбин. Кыттыыбыт куһаҕана суох, элбэхпит олус сэргэх. Турнир быраабылатынан — иккитэ хотторбут бөҕөс туоруур», — диэн күрэх бүгүҥҥү барылын билиһиннэрдэ. Эдэр бөҕөстөрбүтүгэр ситиһиини баҕарабыт.
Ааптар: Саргылана Кокорина