Көхтөөх уопсастыба — сайдыы сүрүн тирэҕэ

Тыа сирин дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын туһунан кэпсиир сырдатар рубрикабыт салҕанар. Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта — Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэ.
Нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын сырдатар, быйылгы быыбарга олохтоохтор итэҕэллэрин ылан, норуотун кытта тэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьар олохтоох дьаһалта баһылыга Анна Николаевна Семенова.
Ыспыраапка: бу күн нэһилиэккэ 406 киһи (докумуонунан киһи ахсаана— 557) олохсуйан олорор. Биэнсийэлээх дьон ахсаана — 140. Доруобуйатынан хааччахтаах дьон — 17, Сокуоннай сааһын туола илик оҕо — 129, элбэх оҕолоох ыал — 24, устудьуон — 20, үлэтэ суох киһи — 19.

Олох-дьаһах

Нэһилиэнньэ 100% ититии ситимигэр холбонон олорор. Быйыл ыраах тайаан олорор ыал ититии систиэмэтигэр холбоммуттара.
Кыстыгы бэлэм көрүстүбүт. 3 тыһыынча туонна хара чох тиэллибитэ. Дизельнэй электростанция уматыга 100% хааччылынна. Саҥа систиэринэлэр туруорулуннулар.
Ыстаансыйабыт туруга эргэрэр, онон өрөмүөн күүһүнэн үлэлиир буолла диэн бэлиэтиибит.
Тыа хаһаайыстыбата
Ынах сүөһү ахсаана 136, сыспай сиэллээх сылгы 1052-гэ тэҥнэһэн турар. Бу күһүн олохтоохторго, сорох нэһилиэктэргэ, Орто Халымаҕа 280 киилэ ынах арыыта атыыланна. 2841 киилэ эт атыыга барда. Үүт былаана — 825цнт-тан 790цнт туолан турар. Кыстыгы 1300 туонна оттоох көрүстүбүт.

Үөрэхтээһин

Г.Г.Софронов аатынан агрохайысхалаах орто оскуола 39 үлэһиттээх, иитэр-үөрэтэр учуутал 27, үөрэнээччитэ – 96. Физика, нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин, история, обществознание предметтэригэр аһаҕас вакансия турар. Сайыҥҥы үлэ лааҕырыгар 25 оҕо сылдьыбыта. Оҕолор сайын 655 киилэ хортуоска, 15 — кабачок, 21 — сүбүөкүлэ, 13 — моркуоп, 12 — луук, 4.5 киилэ тыква үүннэрэн кыһыны хаһаастаах көрүстүлэр. 20 оҕо сылгы Собуотугар үлэлээбитэ. «Туллукчаана» оҕо уһуйаана 22 үлэһиттээх, манна 33 оҕо иитиллэр.

Култуура

Сайыҥҥы өттүгэр олохтоох нэһилиэнньэни өйүүр бырагыраама чэрчитинэн ыһыах ыытыллар былаһааккатын күрүөтэ саҥардыллыбыта. Быйыл тустаах быраагыраамаҕа, Кыайыы 80 сылыгар аналлаах стела оҥорууга сайаапка ыыттыбыт.
Бу дьылга ыытыллыбыт аһымал аахсыйалар көмөлөрүнэн 113 тыһ. харчы хомуллан, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна эмтэнэ айаннаабыт оҕолорбутугар оҥоһуллубута. Баай, сэдэх экспонаттаах түмэлбитигэр быйыл 300 кэриҥэ киһи сылдьыбыт.

Уопсастыба

Нэһилиэнньэ, түөлбэлэр олохтоохторун күүһүнэн элбэх субуотунньук, тэрээһин ыытыллар. Ол курдук көҕөрдүү үлэтэ ыытыллыбыта, иһэр уулаах Ойбон күөлбүт биэрэгэ ыраастанылынна, умайбыт бэкээринэ дьиэтэ көтүрүлүннэ.
Аҕам саастаах дьон, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэригэр араас көмө оҥоһулунна. Сиэҥҥэ киирэр суол, уу ханаабалара, хоккейдыыр былаһаакка сөргүтүлүннэ. Уулусса лаампалара эбии туруорулуннулар. Кылабыыһа хомулунна.
«Түмэн» бэтэрээннэр уопсастыбалара, орто саастаахтар — «Хаҥалас», ыччат — «Эрэл» , дьахтар — «Дьүөгэ» түмсүүлэрэ, маны сэргэ нэһилиэнньэ «Саҕах», «Сардаҥа», «Сайдыы», «Кэскил» түөлбэлэринэн салайсан, көхтөөхтүк үлэлээн, нэһилиэк олоҕор күүс-көмө буолаллар, араас тэрээһин үрдүк таһымнаахтык, күргүөмнээхтик ыытыллар.
Сүрүн кыһалҕанан, бэкээринэ эбийиэгэ уокка былдьанан, нэһилиэнньэ бэйэ күүһүнэн килиэп астанан олорор. Бурдук бүтэн, ааспыт нэдиэлэҕэ ыаллыы сытар Эбээх бөһүөлэгиттэн ситтибиппит.
Тыа хаһаайыстыбатын күнүн чэрчитинэн, нэһилиэккэ мэхэньисээссийэ тэриллибитэ 65 сылын үөрэ-көтө бэлиэтээтибит. Кэлэр сыл, сылгы Собуота тэриллибитэ 35 уонна олохтоох мусуой тэриллибитэ 30 сылларыгар аналлаах тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар.

Саргылана Кокорина