Көхтөөх, бэртээх Бастакы Мээтис

Бу күннэргэ Бастакы Мээтис нэһилиэгэр, бөһүөлэккэ киирии суолга, дьону-сэргэни, мааны ыалдьыттары көрсөр, нэһилиэк олоҕун көрдөрөр Стелла туруорулунна. Үтүө дьыала нэһилиэнньэ көҕүлээһининэн, олохтоох дьаһалта дьаһалынан олоххо киирдэ. Стелла билигин уота-күөһэ тардыллар. Онон сотору кэминэн Сылгы Ыытар бөһүөлэгэр, өссө биир аныгылыы быһыылаах ытык миэстэ баар буолан, алгыы-арчылыы туруоҕа.

Сылгы Ыытарга билиҥҥи туругунан 331 киһи олорор. Ытыктанар тыыл бэтэрээннэринэн Дария Гаврильевна Пудова, Мария Ивановна Тарасова буолаллар.

Үөрэхтээһин
Үөрэх сылын 52 үөрэнээччи көрүстэ, 5 оҕо бастакы кылааска киирдэ. Сайыҥҥы өттүгэр оскуола тэлгэһэтин тупсарыыга үлэ барда. Ол курдук мас күрүөтэ көтүрүллэн, сэрэхтээх буолуу ирдэбилигэр эппиэттиир тимир күрүө оҥоһулунна. Эбийиэк иһигэр ититии ситимэ өрөмүөннэннэ, 9 саҥа регистр туруорулунна. Сайын оҕолор «Здоровячок» оҕо үлэлиир-сынньанар лааҕырыгар сылдьан, бөһүөлэк иһин-таһын хомуйдулар, тэпилииссэҕэ үүнэр оҕуруот аһын, хортуоппуйу үүннэрдилэр, харайдылар.
«Кэнчээри» оҕо саада 15 иитиллээччилээх. Быйыл уһуйаан оҕо оонньуур былаһаакката саҥардылынна. Баһаартан сэрэхтээх буолуу иитинэн, 30 куубтаах баһаарынай резервуар туруорулунна.

Тыа хаһаайыстыбата.
Бу күн туругунан 72 төбө ынах сүөһү баар, онтон 31-рэ ыанньык ынах. Быйыл 22 ньирэй төрөөтө. Сылгы сүөһү ахсаана 176 төбөҕө тэҥнэһэр, ол иһиттэн биэ — 88, кулуна — 37. Нэһилиэнньэ үрдүнэн 93 куурусса баар. Бу саас улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын өҥөтүнэн 47 куурусса аҕалыллыбыта. Туруктара үчүгэй, дьон сымыытынан хааччыллар. Оттооһун былаана 100% туолла, онон нэһилиэнньэ кыстыгы туоруурга бэлэм олорор. Иннокентий Иванович Березкин сылгы иитэр бааһынай хаһаайыстыбатыгар 55 төбө тутар. Сылгыга быһыы 74 % туруорулунна.

Быйыл саас улуус дьаһалтатын уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын көҕүлээһининэн Налимскайтан нэһилиэнньэҕэ 5 ынах бэриллибитэ, сүөһүлэр туруктара үчүгэй. Сүөһүлээх дьон кыстыкка бэлэмнэнэр, хотон туттар, өрөмүөннэнэр. Дьаһалта көмөтүнэн тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнигэр Анна Егоровна Винокуроваҕа кыһын хотонун оттунарыгар, мас бэлэмнэнилиннэ.

Олох-дьаһах
Нэһилиэнньэ ититэр ситимҥэ 100% холбонон олорор. Бу сайын эргэ тыраасса саҥардыллан, аныгы матырыйаалынан бүрүлүннэ.
Дьарыктаах буолуу киинин бырагырааматынан биир ыал сүөһү иитиитигэр көмө туһанна. Социальнай хантыраак иитинэн биир киһи бэйэ дьыалатын тэриннэ, 4 киһи харчынан көмө ылла.

Тупсарыы, сэрэхтээх буолуу үлэтэ.
Тэрилтэлэртэн, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьонтон бөх-сах хомуллан, полигоҥҥа харалынна. 2 полигон хомуллан чөмөхтөннө, хаарбах тутуулар көтүрүлүннүлэр. Биир чулуу, ытыктыыр, киэн туттар киһибит Николай Захарович Чукров 100 сааһыгар ананан туруоруллубут бүүскэ тупсаҕай көстүүлээх тимир күрүө оҥоһулунна.
Бөһүөлэги баһаартан харыстыыр сыалтан 50 миэтирэлээх минерализованнай балаһа оҥоһулунна. Ааспыт сыл оҥоһуллубут минполосалар санардылыннылар. Маны сэргэ бөһүөлэк араас муннугар 8 баһаарынай гидрант туруорулунна. Саас Жатайтан МПУ-2000 баһаарынай прицеп-цистерна аҕалыллыбыта, эбии рукавтар, мотопомпа ылыллыбыта.
Кыһыҥҥы суолунан олохтоох дьаһалта, Дьокуускай сыанатынан нэһилиэнньэҕэ 18 туонна тутуу матырыйаалын тиксэрдэ. Онон дьон олоҕо, бөһүөлэк тас көстүүтэ тупсарыгар, дириҥ суолталаах төһүү күүс буолла. Инникитин маннык сыаллаах үлэ барыаҕа.
«Айтал» култуура киинигэр 100 миэстэҕэ сымнаҕас миэбэл аҕалыллан туруорулунна.
6 ыал саҥа дьиэ тутта сылдьар, аны күһүн 5 ыал саҥа дьиэтин түннүгэ сандаарыаҕа. Дьарыктаах буолуу киинин бырагырааматыгар олоҕуран, 1 ыйга 2 үлэтэ суох киһи араас үлэҕэ үлэлээтэ.

Үтүө дьыала үтүмэнэ
Үгэс быһыытынан тэриллэр «Үөрэнэ барарга көмөлөс» аахсыйанан быйыл үөрэх тээбиринэ хомуллан, элбэх оҕолоох, кыра дохуоттаах ыалга түҥэтилиннэ.
«Бары бииргэ» улуустааҕы аахсыйа чэрчитинэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар 7 миэстэ тоҥ ас (кус, хаас, эт, балык,отон) хомуллан улуус дьаһалтатыгар ыытылынна. Бу иннинэ нэһилиэнньэ көмөтүнэн, итии таҥас, харчынан көмө туттарыллыбыта.

Успуорт
Муус устарга улуустааҕы орто саастахтар спартакиадалара тэриллэн, үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Улуустааҕы мас тардыһыыга спортсмен уолаттар Чемпион ааттарын сүгэн, сыаналаах бириистэринэн биһирэннилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыы күрэҕэр Сылгы Ыытар хамаандата Бүлүүгэ, улуус баһылыгын көҕүлээһининэн, кыттыыны ылан, олохтоохтор биһирэбиллэрин ылбыттара. Улууспут, нэһилиэкпит аатын өрөспүүбүлүкэҕэ ааттаппыттара. Аммаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах дьон спартакиадаларыгар нэһилиэктэн 7 киһи ситиһиилээхтик кыттыбыта.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше